Саха сирэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар эбии экипировкалары ылыаҕа

Share

Бүгүҥҥү туругунан Саха сириттэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттааччыларга эбии экипировканан уонна туттар тэрилинэн хааччыйыыга эрдэ бэлэмнэниллибит хантараактарын түһэристилэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ пууннарга мунньан баран, салгыы Саха сирин олохтоохторо сулууспалыыр байыаннай чаастарыгар ыытыахтара. Бу туһунан бүгүн брифиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ Суһал штабын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйыыга госкэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков иһитиннэрдэ.

Кини байыаннай сулууспалаахтартан киирэр сайаапкаларынан эбии экипировкалары эбии атыылаһар туһунан эттэ .

“Колл-кииннэр нөҥүө байыаннайдартан киирэр  сайаапкалары биир кэлим электроннай былаһааккаҕа түмэллэр. Байыаннай сулууспалаахтарбытыгар куттал суох буоларын уонна РФ сокуонун тутуһуу чэрчитинэн, аармыйабытын материальнай-тэхиньиичэскэй өттүнэн хааччыйыы кистэлэҥҥэ тутуллар”, — диэн бэлиэтээтэ Дмитрий Лепчиков.

Дмитрий Лепчиков этэринэн, өрөспүүбүлүкэ мунньар пууннарыгар Саха сириттэн тиийбит байыаннай сулууспалаахтарга туһаналларыгар сыаналаах тэриллэри биэриигэ байыаннай чаастары кытта бииргэ үлэлэһэллэр. Туһааннаах бэрэстэбиитэллэр тус аадырыстаммыт баһыылкалары тиэрдиинэн эмиэ дьарыктаналлар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

хаартыска: тустаах саайтан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

3 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

3 часа ago