Салгыы
Саха сирэ байыастар дьиэ кэргэттэригэр оҥоһуллар көмөлөрүнэн инники күөҥҥэ сылдьар

Саха сирэ байыастар дьиэ кэргэттэригэр оҥоһуллар көмөлөрүнэн инники күөҥҥэ сылдьар

30.07.2024, 21:43
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Байыаннай дьайыыга сылдьар байыастар дьиэ кэргэттэригэр болҕомто ууруллар. Ол эрээри, быйыл сайын Краснодар кыраайыгар сынньана барбыт оҕолорго сөптөөх усулуобуйа тэриллибэтэҕин иһин түргэн дьаһаллары ылыммыттар.

Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев «Саха сирэ, иннибит диэки!» эпиир кэмигэр эттэ.

ИДьМ, Борокуратуураны, Оҕо быраабыгар боломуочунайы кытыннаран, боппуруос түргэнник быһаарылларын ситиспиттэр. Онон билигин оҕолор үчүгэйдик сынньана сылдьалларын бэлиэтээтэ.

Иккис бөлөх сынньана барыытыгар эмиэ хонтуруолу олохтуохпут диэтэ.

Кини этэринэн, Саха сирэ байыаннай дьайыыга кыттар байыастар дьиэ кэргэттэригэр оҥоһуллар көмөлөрүнэн инники күөҥҥэ, холобурга сылдьар. Ону атын эрэгийиэннэр кэрэхсээбиттэр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: