Саха сирэ байыастарга 900 хаа “Эпсорин” уонна “Бетукладин” препараттары ыытта
Бу киһи иммунитетын үрдэтэргэ олус наадалаах биопрепараттар.
Олохтоох биологическай сырьеттан Саха сирин учуонайдара оҥорон таһаарбыт биологическай препараттарын, барыта 900 хааны, байыаннай дьайыы буола турар сиригэр ыыттылар. Бу туһунан ТАСС-ка РНА СО Криолитозона биологическай проблемаларыгар институтун сүрүннүүр билимин үлэһитэ, бэрэпиэссэр Борис Кершенгольц иһитиннэрдэ.
“Байыаннайдар төһөнү наадыйалларынан ыытабыт. Таба пантытыттан оҥоһуллубут “Эпсорин” экстрагы, дьаҥы-дьаһаҕы киллэрбэт, бактыарыйаны утары иһэллэригэр “Бетукладины” ыыттыбыт, — диэн кэпсээтэ Кершенгольц. — Хатыҥ туоһуттан уонна лабыктаттан оҥоһуллубут “Бетукладин” сыстыганнаах дьаҥы, ол иһигэр коронавируһу, кирииби, ОРВИ араас көрүҥнэрин утары олус туһалаах”.
“Бетукладин” препарат — бу “Север” НОЦ бырайыактарыттан биирдэстэрэ, сыстыганнаах дьаҥы, ол иһигэр COVID-19 утары охсуһууга айыллыбыта. “Биопрепараттар Роспотребнадзор уонна ЕАЭС дойдулара көҥүллээбит докумуоннаахтар. Бу үлэни өрөспүүбүлүкэ салатата уонна “Якутия” венчурнай хампаанньа өйүүллэр”, — диэн түмүктээтэ бэрэпиэссэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: