Саха сирэ бэйэ оҥорон таһаарыытын сайыннарыы тэтимин улаатыннарар

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэн) сыллааҕы отчуотугар  эрэгийиэҥҥэ олохтоох оҥорон таһаарыы эйгэтигэр үтүө хамсааһын баарын бэлиэтээтэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ номнуо олохтоох оҥорон таһаарыы 7 территорията тэриллибит. Бу бырайыактарга былааннаммыт инвестиция уопсай кээмэйэ 3,3 млрд. солк. тэҥнэһэр уонна 570-тан тахса оробуочай миэстэ тэриллиэхтээх. Аҥаардас былырыыҥҥы сылы ылан көрдөххө резиденнэр 107,5 мөл. солк. укпуттар. Ити бырайыактарга сүрүннэринэн агропромышленнай комплекс, туризм уонна өҥө эйгэтэ буолаллар – тыа сирдэригэр уонна эрэгийиэн бигэ сайдыытыгар сүрүннэр.

Айсен Нколаев ыйарынан, биисинэскэ көрүллэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөнү көрүү хаамыыта судургутуйан иһэр. Инвестиционнай-строительнай цикл былырыын 38% сарбыллыбыт —  1360 күнтэн 844 күҥҥэ диэри.

Ааспыт сыллааҕы чахчынан, Саха сиригэр биирдиилээн урбаанньыттары киллэрэн туран, аччыгый уонна орто урбаан эйгэтигэр дьарыктаах дьон ахсаана 125,3 тыһ. киһиэххэ тэҥнэспит.

Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар. Салгыы манна ааҕыҥ.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

ВИДЕО: “Бриллианты Якутии” аһаҕас уруога

Ахсынньы 24 күнүгэр «Бриллианты Якутии» ансаамбыл 2025 сылы түмүктүүр аһаҕас уруогун үрдүк таһымнаахтык ыытта! [gallery…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев: Оптимизация үөрэх хаамыытыгар сабыдыаллыа суохтаах

Үөрэх тиһигин оптимизацията үөрэх хаамыытыгар хоромньуну оҥоруо суохтаах. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев Ил…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тохсунньутааҕы босуобуйа, биэнсийэ ахсынньы бүтүүтэ түһүөҕэ

Социальнай пуонда Саха сирнээҕи салаата иһитиннэрэринэн, биэнсийэни уонна оҕо босуобуйаларын Саҥа дьыл иннинэ эрдэ биэриэхтэрэ. …

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы 1100-тэн тахса кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ чөлүгэр түһэриини аастылар

Ю.П. Степанов аатынан инбэлииттэри чөлүгэр түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ 557  байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Хаарынан Олоҥхо дьоруойдарын оҥороллор

Аны сайын Кэбээйи улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар. Ону көрсө Сииттэ оскуолатын таһыгар төрөппүттэр оҕолорун кытта…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Абый улууһугар эчэйбит оҕоҕо 100 тыһ. солкуобай төлөннө

Абый улууһун борокуруора оскуолаҕа уруокка эт-хаан эчэйиитин ылбыт оҕоҕо харчынан толуйууну төлөттө. 2014 сыллаахха төрөөбүт…

3 часа ago