Саха сирин байыаннай дьайыы соруктарын быһаарыыга сүрүннүүр кэлим киинэ уонна Н.Бурденко аатынан Кылаабынай байыаннай килиниичэскэй госпиталь бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһии түһэристилэр диэн Саха сирин Москваҕа Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ иһитиннэрэр.
Саха сирэ бу госпиталы кытары маннык сөбүлэһии түһэрсибит бастакы эрэгийиэн буолар. Сөбүлэһиигэ РФ бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Андрей Федотов уонна генерал-майор, академик Бурденко аатынан байыаннай госпиталь начаалынньыга Денис Давыдов илии баттаатылар.
Бу сөбүлэһии бааһырбыт байыаннай сулууспалаахтар доруобуйаларын чөлүгэр түһэриигэ, кинилэри уйулҕа уонна социальнай өттүнэн өйөөһүҥҥэ, волонтер көмөтүн оҥорууга, о.д.а. күүһү түмэргэ, биир систиэмэлээх үлэни ыытарга, сүрүннүүргэ туһуланар.
Бу госпиталы кытта өрөспүүбүлүкэ бииргэ үлэлэспитэ ыраатта. Саха сирин волонтердара кэлэн, эмтэнэ сытар байыастарга ас таһан аһаталлар, күүс-көмө буолаллар. Онон бу ыытыллар үлэни сөбүлэһии сокуон, быраап өттүнэн бигэргэтэн биэрэр.
Докумуоҥҥа илии баттаһыы кэнниттэн тута госпитальга ортопедическай маллары уонна да атын наадалаах маллары биэрдилэр. Саха сириттэн мэдиссиинэ биригээдэлэрэ госпитальга кэлэн үлэлииллэрин туһунан кэпсэтии барда.
Оттон Денис Давыдов госпиталь үлэтигэр баар ньыманы киллэрэргэ эттэ: эрэгийиэннэртэн араас идэтийиилээх быраастар кэлэн, буккаас биригээдэлэргэ үлэлииллэр, оччотугар эпэрээссийэлиир саалаларга, ыксаллаах балаһыанньаларга уопуттаах миэдиктэри кытта тэҥҥэ үлэлээн, квалификацияларын үрдэтэллэр.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Тохсунньу 1 күнүгэр киин куоракка Курнатовскай аатынан уулуссаҕа Toyota Succeed массыына 55 саастаах суоппара утары…
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…