Ааспыт сылга дойду үрдүнэн бырамыысыланнаска ордук сайдыылаах эрэ эрэгийиэннэр үчүгэй көрдөрүүлэммиттэр. Ол иһигэр
Москва (9,1%) уонна Санкт-Петербург (4,7%) куораттар.
Маны таһынан Арассыыйа уопсай көрдөрүүтүгэр дьоһун кылаатын Саха сирэ киллэрбитин туһунан «Региональная политика» канал суруйар.
Быйыл бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы хаһааҥҥытааҕар даҕаны үрдүк көрдөрүүлээх буоларын билгэлииллэр. Өрөспүүбүлүкэ сыл аайы бырамыысыланнай оҥоруутун эбэн, усулуобуйа оҥорон, инвестордары тардан, бу ааспыт 4 сыл иһигэр дохуотун 37 % улаатыннарда. Ол туоһутунан, кэлэр 2023 сыллааҕы бүддьүөппүт үрдээн, 273 млрд солк. бигэргэммитэ буолар. Итинтэн 140 млрд солк. кэриҥэ үп социальнай хайысхалары толуйууга көрүлүннэ. Статистика көрдөрөрүнэн, дойду үрдүнэн дохуот таһыма намтыыр кэмигэр өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин дохуота 3% үрдээбитэ бэлиэтэнэр. Оттон бырамыысыланнай оҥорон таһаарыыга Саха сирэ эмиэ 8 бастыҥ көрдөрүүлээх эрэгийиэн иһигэр киирдэ. 2022 сыл түмүгүнэн эрэгийиэн бу салааҕа үүнүүтэ 12,2% буолла. Арассыыйа киин эрэгийиэннэрэ, арҕааҥҥы сааҥсыйалартан эмсэҕэлээн, оҥорон таһаарыылара түһэ турар кэмигэр, өрөспүүбүлүкэ Хоту сир уонна Арктика сайдыытын кэлим бырагырааматынан Азия дойдуларын кытары сибээһи тутуһара, олохтуура улахан кэскиллээх буолла. Эспиэрдэр дойду сайдыыта Уһук Илинтэн саҕаланыа диэн мээнэҕэ эппэтэхтэр. Саха сирэ Уһук Илин уонна Арассыыйа экэниэмикэтин сайдыытын локомотивынан буолара саарбаҕа суох.
Итиэннэ Омскай уобалас уонна Красноярскай кыраай көрдөрүүлэрэ куһаҕана суох.
Саамай куһаҕан көрдөрүүлээх эрэгийиэннэринэн, 11 ыйдааҕы туругунан Сахалин уобалаһа буолар. Манна ньиэби хостооһун тохтообута.
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …
Түөкүттэр социологическай ыйытыылары биэрбитэ буолан, кэпсэтиннэрэ сатыыллар. Сыаллара-соруктара – куоласкын уһултара охсуу. Ол кэнниттэн эн…
Быйыл олунньуга Нерюнгрига элбэх кыбартыыралаах дьиэ иннигэр муустан халтарыйан, биирдээх оҕотун көтөҕөн испит ийэ охтубут.…
Өҥүрүк куйаас сатыылаан турдаҕына сарсыардаттан куорат тэрилтэлэрин кэрийэн, ыдьырыйа сылайдарбын даҕаны, син наадабын ситэн, дэриэбинэҕэ…
Ханнык баҕарар киһи элбэх харчылаах буолуон баҕарар. Ол эрээри, биһиги ортобутугар баай, харчыны чэпчэкитик оҥорор…