«Саха сирэ» чэппиэрдээҕи нүөмэригэр тугу суруйда?
Быйылгы баһаар сезона ыам ыйын иккис аҥаарыттан саҕаланыан сөбүн, былырыын федеральнай таһымҥа сөптөөх тэрээһини ыытан, дьаһалы ылынан, баһаар тахсыытын ааспыт сыллардааҕар 14 төгүл кыччаппыттарын бэлиэтээтилэр.
Бары даҕаны билэрбит курдук, быйылгы сааскы халаан эрдэлээн кэлэрэ уонна уустук буолара күүтүллэр. Мунньахха сааскы халааҥҥа уонна баһаар сезонугар бэлэмнэнии үлэлэрэ толору оҥоһулуннулар диэн отчуоттаатылар. РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илин федеральнай уокуругар боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Саха сиригэр оробуочай сырыытыгар бу боппуруостары дьүүллэспитин туһунан суруналыыс Сайаана Львова суруйуутун бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт Саха сиригэр буола турар ыксаллаах быһыыга-майгыга бэйэтин боломуочуйатын уонна сыалын-соругун быһыытынан, онно туһааннаах тэрилтэлэри түмэн, былааннаан сааскы халаан кэмигэр үөскүүр ыксаллаах быһыыны-майгыны туоратыыга үлэлиир. Кэмитиэт билигин саас кэлбитинэн, халааҥҥа күүскэ ылсан, бэлэмнэнэр, сэрэтэр үлэни ыытар. Бүгүн уу тэрилтэтигэр өр сылларга үлэлээбит, СӨ Нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Иннокентий Андросовы кытары эмиэ суруналыыс Сайаана Львова халаан туһунан кэпсэппитин ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Муус устар 3-5 күннэригэр Чурапчы улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култууратын, ускуустубатын уонна литературатын күннэрэ ыытылыннылар. Үс күннээх тэрээһиннэр киэҥ хабааннаах буоланнар, хара ааныттан хас да хайысханан бардылар. Тэрээһин туһунан бүгүҥҥү хаһыакка сиһилии ааҕыҥ.
“Сыл иитээччитэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕин муҥутуур кыайыылааҕынан Ньурба улууһун Антоновка сэлиэнньэтин “Ромашка” уһуйаан эбии үөрэхтээһиҥҥэ педагога Владислав Егоров ааттаммыта. Баһаарынай дьупулуомнаах эр киһи уһуйааҥҥа хайдах кэлэн хаалла? Бүгүҥҥү хаһыакка бу туһунан суруналыыс Людмила Попова бэрт сэргэх матырыйаалын хайаан да булан ааҕыҥ.
Бүлүү улууһугар командировкаҕа сылдьан, култуура эйгэтигэр улахан болҕомто уурулларын бэлиэтии көрдүм. Ол ону Хампа нэһилиэгэр бу күннэргэ аһыллыбыт “Эрэл” норуот айымньытын киинэ да туоһулуур. Бүгүҥҥү хаһыакка тахсыбыт анал репортааһы ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра үс сыллаах тохтобул кэнниттэн сааскы гостуруоллары сөргүтэн, Бүлүү бөлөх уонна киин улуустарынан сырытта. Гостуруоллар биир сүрүн уратылара – улуустар кииннэригэр тутуллубут култуура саҥа дыбарыастарын сыаналарыгар труппа барыта кыттар улахан бастыҥ испэктээктэрин көрдөрүү. Улахан гостуруолу салайан алта улууһунан илдьэ сылдьыбыт СӨ үтүөлээх артыыһа, Арассыыйа судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Иннокентий Луковцев гастроллар тустарынан тугу кэпсээбитэ – бүгүҥҥү хаһыакка.
Бу күннэргэ «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара Бүлүү улууһун нэһилиэктэринэн сылдьан, чэпчэтиилээх сурутуу күннэригэр бэлэмнэнэн, Уһуйааччы уонна Үлэ сылларыгар туһаайыллыбыт тыа сирин олохтоохторун туһунан матырыйааллары хомуйдубут, чэпчэтиилээх сурутууну билиһиннэрдибит. Бүлүү улууһун нэһилиэктэринэн сырыы туһунан бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
“Ааһан иһэн маҕаһыын иннигэр эдэрчи киһини куруук көрөбүн. Дьүһүн-бодо, таҥас-сап буорайан, арыгы маҕаһыынын иннигэр дьонтон харчы умналыы турар буолар. Бастаан көрүүбэр, умналыырыттан, дьонтон харчы көрдүүрүттэн кыбыстар курдуга. Сирэйэ-хараҕа, таҥаһа-саба да син сэнэх этэ. Арыгы дьаарыгар ылларбыт киһи аҕыйах ыйынан-күнүнэн киһи сэбэрэтин сүтэрэрин дьэ, манна көрбүтүм. Маннык дьон куораппыт арыгы атыылыыр маҕаһыыннарын, кафеларын таһыгар хото мустар”, — диэн суруйар Ульяна Захарова. Суруналыыс “Хас хардыы ахсын – арыгы маҕаһыына” сытыы матырыйаала үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.
“Мин мэлдьи олох үөһүгэр сылдьарга үөрэнним. Дьиэ кэргэммин кытары уоппускам кэмигэр эрэ сынньанабын. Уоппускам кэмигэр да ардыгар балыыһабар кэлэбин. Оҕолорбут кыра эрдэхтэринэ кыыспыт Саша эрэ төрөөбүт күнүн муус устарга бэлиэтиирбит. Онтон уолбут Илья сайын төрөөбүт күннээх буолан, мэлдьи тыаҕа эбээтигэр барбыт буолара. Онтон атын бырааһынньыктар биһиэхэ син биир үлэ күнүн курдуктара, үлэбититтэн дьоннорбут бырааһынньыктааҕы остуолларыгар кэлэрбит. Уопсайынан, дьиэ кэргэн өйөбүлэ суох ким да көдьүүстээхтик үлэлээбэтэ буолуо дии саныыбын. Мин дьиэбэр көстөрүм да ахсааннаах буолара. Өссө биэс сыл буола-буола икки ыйга үөрэхпин үрдэтинэ барарым. Онон, мин дьиэ кэргэним аҕа баһылыгар, кэргэммэр Иннокентий Ильичкэ махталым муҥура суох”, – диэн ким суруналыыс Надежда Егороваҕа кэпсээбитин бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.
Сорох мастар иннэлэрин, лабааларын кыһын, саас хаардаах эрдэҕинэ хомуйуохха сөп. Муус устар ыйга уулаах, уҥуохтаах отон уктарын, тэтиҥ, сиһик, тирэх мастар бүөрдэрин хомуйар, тэтиҥи хатырыктыыр тоҕоостоох. “Саха ыала” сыһыарыыга суруналыыс Ангелина Васильева Саха сиригэр үүнэр үүнээйилэртэн мастар эмиэ эмтээхтэрин, доруобуйаҕа улахан туһалаахтарын туһунан “Эмтээх мастар туһалара” матырыйаалы аахтаххытына билиэххит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: