Саха сирэ дойду Бэрэсидьиэнин быыбарыгар үгэс курдук көхтөөхтүк кыттарын көрдөрдө
Үс күннээх быыбар бүтэһик күнүн 18.00 ч. туругунан, быыбардааччылар 69,02% куоластаатылар.
Бөдөҥ федеральнай эспиэрдэр Уһук Илин, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо дойду инникитин туһугар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһалларын көрдөрөллөрүн бэлиэтииллэр.
Ол курдук политолог уонна публицист Наталья Елисеева бэлиэтииринэн: «Куоластааһын бастакы күнүттэн дьон кыттыыта көхтөөх этэ, ол Уһук Илин олохтоохторо дойдуларын сайдыытыгар уонна бэлитиичэскэй олоҕор кыттар баҕалаахтарын уонна бэлэмнэрин көрдөрөр».
Наталья Елисеева өссө биир сүрүн хайысханы — быыбарга бырааһынньыктыы барар курдук баралларын бэлиэтиир.
«Бу, бастатан туран, быыбардыыр систиэмэ аһаҕастык ыытылларын, быыбар хамыыһыйалара уонна кэтээн көрөөччүлэр үчүгэйдик үлэлииллэрин, уопсайынан, дьон судаарыстыбаҕа эрэнэрин уонна бэлитиичэскэй олоххо кыттыан баҕарарын көрдөрөр.
Дьон бэйэлэрин хандьыдааттарыгар биэрэр куоластара улахан суолталаах», — диэн түмүктээтэ политолог.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: