Саха сирэ Докучаевскайга өссө 10 эбийиэги саҥардан оҥоруо

Саха сирэ Докучаевскайга өссө 10 эбийиэги саҥардан оҥоруо

Ааптар:
02.12.2024, 15:07
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

2025  сылга Саха сирэ ДНӨ сибээһи ыкса тутар Докучаевскай куорат уокуругар өссө уонтан тахса эбийиэги чөлүгэр түһэрэр былааннаах.

«Бу сылга социальнай инфраструктураны чөлүгэр түһэрэбит. Докучаевскайга 65 эбийиэккэ өрөмүөннүүр-чөлүгэр түһэрэр үлэлэр ыытыллаллар. Балар кыраапыктан урутаан иһэллэр уонна номнуо 45 эбийиэк үлэтэ түмүктэннэ. Суол ситимэ чөлүгэр түһэрилиннэ, дьиэлэр кырыыһалара өрөмүөннэннилэр, түннүктэр, ааннар саҥардылыннылар, Еленовкаҕа дьаһалта дьиэтэ саҥардыллан оҥоһулунна. Элбэх кыбартыыралаах 53 дьиэҕэ түннүктэри уларытыы бара турар«, — диэн этэр Ил Дархан Айсен Николаев.

Ил Дархан 2025 сылга Докучаевскайга хаһан да өрөмүөннэммэтэх Оҕо, ыччат айымньытын дьиэтин саҥардан оҥоруу наадатын бэлиэтиир.

«Докучаевскайга былаан бырайыагар сөп түбэһиннэрэн инженернэй ситимнэр, суол-иис, пааматынньыктар, үөрэх эбийиэктэрэ уонна куорат паарката саҥардыллыахтара. Куоракка хайаан да ыччат уонна IT-киин тэриллэрэ наада. Биһиги Докучаевскай олохтоохторо этэҥҥэ олороллорун туһугар кыаллары барытын оҥоруохпут», — диир Ил Дархан Айсен Николаев.

Санатан эттэххэ, Саха сирэ Кировскайы кытары ыкса сибээһи олохтоон баран 50-тан тахса эбийиэги саҥардан оҥорбута.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: