Салгыы
Саха сирэ эрэгийиэннэртэн бастакы фашизмы утары пуорум ыытта

Саха сирэ эрэгийиэннэртэн бастакы фашизмы утары пуорум ыытта

Ааптар:
09.12.2023, 17:07
Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Фашизмы утары бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум көхтөөх, төрөөбүт дойдуларын таптыыр, фашизмы утарар дьону холбуур былаһаакка буолла диэн Ил Дархан Айсен Николаев «Прямой разговор» биэрии кэмигэр иһитиннэрдэ. 

«Саха сирэ Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн аан бастакы фашизмы утары пуорум ыытта. Неофашизмы утары охсуһуу —  Арассыыйа Украинаҕа биир сүрүн соруга. Маннык пуорумнары ыытан, биһиги дьону дьиҥнээх ханна баарын туһунан толкуйдатабыт. Биһиги бу туһунан элбэхтэ кэпсэтиэхтээхпит уонна көрдөрүөхтээхпит. Арассыыйа уопсастыбата биһиги бэрэсидьиэммитин өйүүр. Сахалар мэлдьи төрөөбүт дойдуларын көмүскүүргэ бастакы кэккэҕэ сылдьыахтара. Биһиги хайаан даҕаны кыайыахпыт», — диэтэ Айсен Николаев.

«Биһиги Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр кыайыы кэниттэн фашизм суох буолбута диэн саныы сылдьыбыппыт. Хомойуох иһин, бүтэһик 30 сыл иһигэр Арҕаа дойдулар көҕүлээһиннэринэн Украинаҕа фашизм лаппа улаатта», — диэн бэлиэтиир Ил Дархан.

Кини этэринэн билигин кыргыһыы хонуутугар эрэ буолбакка, биһиги дойдубут утары ыытылла турар информационнай сэриигэ эмиэ кыайыахтаахпыт.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -19°C
  • Ощущается: -19°Влажность: 78% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: