Фашизмы утары бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум көхтөөх, төрөөбүт дойдуларын таптыыр, фашизмы утарар дьону холбуур былаһаакка буолла диэн Ил Дархан Айсен Николаев «Прямой разговор» биэрии кэмигэр иһитиннэрдэ.
«Саха сирэ Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн аан бастакы фашизмы утары пуорум ыытта. Неофашизмы утары охсуһуу — Арассыыйа Украинаҕа биир сүрүн соруга. Маннык пуорумнары ыытан, биһиги дьону дьиҥнээх ханна баарын туһунан толкуйдатабыт. Биһиги бу туһунан элбэхтэ кэпсэтиэхтээхпит уонна көрдөрүөхтээхпит. Арассыыйа уопсастыбата биһиги бэрэсидьиэммитин өйүүр. Сахалар мэлдьи төрөөбүт дойдуларын көмүскүүргэ бастакы кэккэҕэ сылдьыахтара. Биһиги хайаан даҕаны кыайыахпыт», — диэтэ Айсен Николаев.
«Биһиги Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр кыайыы кэниттэн фашизм суох буолбута диэн саныы сылдьыбыппыт. Хомойуох иһин, бүтэһик 30 сыл иһигэр Арҕаа дойдулар көҕүлээһиннэринэн Украинаҕа фашизм лаппа улаатта», — диэн бэлиэтиир Ил Дархан.
Кини этэринэн билигин кыргыһыы хонуутугар эрэ буолбакка, биһиги дойдубут утары ыытылла турар информационнай сэриигэ эмиэ кыайыахтаахпыт.
Нам оройуонугар сааскы халаантан сылтаан дьиэтэ суох хаалбыт 75 дьиэ кэргэн саҥа дьиэни ылыаҕа. Бу…
Дьокуускайга "Звезднай" түөлбэ С секторыгар 990 миэстэлээх оскуола тутулла турар. [gallery ids="164006,164007"] СӨ тутууга министиэристибэтэ…
Күннэтэ уу эбийиэктэригэр дьон куттала суох буолуутун хааччыйыы – кыра суудуналар судаарыстыбаннай иниспиэксийэлэрин иниспиэктэрдэрин биир…
Дьиэбитин, кыбартыырабытын тупсаҕай көстүүлээри араас малы-салы, миэбэли атыылаһабыт. Кырдьыгын эттэххэ, хаһаайка үксэ бу састаабыгар болҕомто…
Эһиил ыытыллар «Манчаары оонньууларын» саха киһитэ барыта кэтэһэр. Оонньуулар күөн күрэстэри эрэ мэктиэлээбэттэр, күүстээхтэн күүстээҕи,…
РФ 2025-2027 сыллардааҕы үс сыллаах бүддьүөтүн бырайыагар Саха сиригэр геология чинчийиилэригэр 18 млрд солкуобайы (26…