Саха сирэ эрэллээхтик инники күөҥҥэ тахсар
Соторутааҕыта Москваҕа буолан ааспыт мунньахха Уһук Илин 11 эрэгийиэнин баһылыктара РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илин федеральнай уокурукка РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутневка территорияларын сайдыытын туһунан отчуоттаатылар. Кинилэр Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар ааспыт сыллаах үлэлэрин түмүгүн уонна 2025 сылга бастакы күөҥҥэ турар соруктар тустарынан кэпсэттилэр.
Уһук Илин сайдыыта
Көрсүһүүгэ билиҥҥи балаһыанньа хайдаҕын, туох буола турарын, туохха болҕомтолорун ууруохтаахтарын туһунан ырытыстылар. Үөһээ салалта эрэгийиэннэр баһылыктара эйэлээх кэмҥэ уонна байыаннай дьайыылар кэмнэригэр тус-туспа оруоллаахтарын үчүгэйдик өйдүүллэрин эттэ. Юрий Трутнев эппитинэн, ханнык даҕаны түгэҥҥэ федеральнай былаас эрэгийиэннэргэ өйөбүлү оҥоруоҕа. Бастатан туран, ааспыт сыл түмүктэринэн сүрүн хапытаалга инвестиция үүнүүтүн тэтимэ үрдээбитэ бэлиэтэннэ. Онно ылан көрдөххө, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка бастыҥ түөрт эрэгийиэн иһигэр Хабаровскай кыраай, Сахалин уонна Амур уобаластара, Чукотка киирбиттэрэ бэлиэтэннэ. Оттон бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы үүнүүтүн тэтиминэн уокурукка инники күөҥҥэ Саха сирэ, Хабаровскай кыраай, Бурятия уонна Приморье сылдьаллар.
Бигэ туруктаныы
Ил Дархан Айсен Николаев эппитинэн, Саха сирин экэниэмикэтэ ааспыт сыл түмүгүнэн үүнүү суолунан эрэллээхтик баран иһэр. Ол курдук баалабай эрэгийиэннээҕи бородуукта 2,5 трлн солк., ол аата 3,2% үрдээбит. Бырамыысыланнай үрдээһин 2 төгүл кэриҥэ улаатан, 8,1% тиийдэ. Биһиги 49,5 мөл. туонна кээмэйдээх чоҕу уонна 55 туонналаах кыһыл көмүһү хостоон, дойдуга аан бастаан иккис миэстэҕэ тахсыбыппыт бэлиэтэннэ. Итини таһынан, ааспыт сыл түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр 780 млрд солк. инвестиция тардыллыбытын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Экэниэмикэ үрдээһинэ социальнай эйгэ кэлим сайдыытыгар усулуобуйаны үөскэтэр. Мөлүйүөнү куоһарбыт ахсааннаах нэһилиэнньэлээх, сыллата оҕо төрөөһүнэ улаатар, киһи олорор сааһа уһаабыт өрөспүүбүлүкэтигэр социальнай туруктаах буолуу элбэҕи этэр.
Социальнай тутуулар
Ааспыт сыл биир бэлиэ түгэнинэн өссө Өлүөнэбит муостатын тутуу саҕаламмыта, бастакы тирэхтэр түспүттэрэ буолар. 2025 сылга муостаны тутуу үлэтэ салҕаныа. Ааспыт сыл сүрүн сонунунан, арааһа, муостаны тутуу буолбута. Билиҥҥитэ саҕалааһын баар.
Ону таһынан, кэнники сылларга социальнай эбийиэктэр, чуолаан, хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх саҥа таас оскуола, уһуйаан, балыыһа тутуллубутун бэлиэтиир тоҕоостоох. Быйыл Саха сиригэр социальнай аналлаах 54 эбийиэк үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Ол иһигэр өр кэтэһиллибит Арктикатааҕы эпос уонна ускуустуба киинэ – аан дойду таһымнаах киэҥ-куоҥ, аныгылыы тэриллээх култуура кластера аһыллыаҕа. Итини сэргэ бөдөҥ куораттары сайыннарыы маастар-былаанын чэрчитинэн, 20 эбийиэк тутуллуоҕа, ол иһигэр 10-на – Нерюнгри оройуонугар.
Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү кэлиҥҥи кэмҥэ эмиэ тэтимирдэ. Дьокуускайга эрэ буолбакка, улуустарга эмиэ өр сылларга хаарбах дьиэҕэ олорбут дьон саҥа, сылаас таас дьиэлэргэ көһөн абыранна. Ити курдук тэтимнээхтик үлэ-хамнас барар, тыа да сиригэр, куораттарга да саҥа дьиэлэр дьэндэйэллэр.
Уһук Илиҥҥи ипотека
Социальнай эбийиэктэри тэҥҥэ олорор дьиэни тутуу тэтимнээхтик барар. Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка дьиэни тутуу ааспыт сылга Арассыыйа орто көрдөрүүтүн куоһаран, үрдээһин 11,9% буолла. Саамай элбэх тутуу барбыт, дьиэ үлэҕэ киирбит эрэгийиэннэринэн Приморье, Саха сирэ, Бурятия, Амурскай уобалас буолаллар диэн мунньахха бэлиэтээтилэр. Онно, биллэн турар, Уһук Илиҥҥи ипотека оруола улахан. Чэпчэтиилээх ипотеканан биһиги аһара туһанан, дьиэбит сыаната кытары ыараата. Бу Уһук Илиҥҥи ипотекабыт өссө уһатыллар буолла. Онон ааспыт сылга ситиспэтэх дьон ылар кыахтанна. РФ Бырабыыталыстыбата бу дьаһалынан сибээстээн бааннарга экэнэмиичэскэй ноҕуруусканы намтатыыга эбии үбү көрөр былааннааҕын эттилэр. Билигин үп-харчы кээмэйин чуолкайдааһын үлэтэ бара турар. Боппуруос сотору кэминэн быһаарыллыаҕа диэн буолла. Онон Уһук Илиҥҥи ипотека бырагыраамата салҕанар.
Аны туран, Уһук Илиҥҥи олохтоохторугар босхо туһанарга сир учаастагын биэриигэ “Гектар” бырагыраама баар, ол туһунан эмиэ кэпсэттилэр. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Трутнев бырагырааманан ылыллыбыт учаастактарга инфраструктураны оҥоруу тэтимин түргэтэтэргэ эттэ. Кини: “Бу биһиги Уһук Илиҥҥи сирбит сайдыыта. Гектар ылбыт киһи сирин-уотун көрүнэн, дьиэ-уот туттан, бу сиргэ олоруоҕа”, – диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Саха сирэ – Дьоруойдар сирдэрэ
2025 сыл Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи сылынан, оттон Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэриллибитэ. Улуу Кыайыы 80 сылынан уонна байыаннай дьайыы усулуобуйатыгар бу дьэ сөптөөх. Ол чэрчитинэн Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар 2 мөл. солк. төлөбүр номнуо оҥоһулунна. Аны олунньу 20 күнүгэр диэри сэрии кыттыылаахтарын огдооболоро, Ленинград блокадатын олохтоохторо, концлааҕырдарга сыппыт дьон, тыыл үлэһиттэрэ ылыахтара. Саха сирэ сэрии сылларын оҕолоругар 5-тии тыһыынчаны төлүүргэ быһаарда.
Байыаннай дьайыыга, арааһа, саамай элбэх көмө Саха сириттэн оҥоһуллар быһыылаах. Бэйэбит онно кытта сылдьар уолаттарбыт даҕаны ону туоһулууллар. Өрөспүүбүлүкэ салалтата да, норуот да көмөтө элбэх. Ону таһынан, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүҥҥэ улахан болҕомто ууруллар. Ил Дархан эрэгийиэн баһылыктарын кытары көрсүһүүгэ бу үлэ салгыы барыаҕын, ол иһигэр «Саха сирэ – Дьоруойдар сирдэрэ» саҥа бырагыраама үлэлиэҕин эттэ.
Маастар-былааннар – сайдыы олуктара
Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын биир сүрүн көрдөрүүтүнэн дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы буолар. Тустаах мэхэньиисимнэр көмөлөрүнэн эрэгийиэннэр социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар сүрүн оруолу федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи инвестициялар ылаллар. Уһук Илиҥҥэ 25 бөдөҥ куорат генеральнай былаанын олоххо киллэрии саҕаланна. Ол иһигэр Саха сиригэр Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар бу былааҥҥа бастакынан киирэннэр, үлэ бара турар.
Биллэн турар, саҥа пааркалар, болуоссаттар, оонньуур былаһааккалар уонна успуорт былаһааккалара тутулуннахтарына, дьон үөрэрэ чуолкай. Ким тупсаҕай эйгэҕэ олоруон баҕарбат буолуой. Дьокуускай куорат кэнники сылларга биллэ тупсубутун киһи эрэ кэрэхсии көрөр.
Инникитин даҕаны тупсарыы, тутуу үлэтэ барыа турдаҕа. Онуоха быйыл киирэр “Олоҕу тупсарар инфраструктура” национальнай бырайыак төһүү буолуо. Бу национальнай бырайыак чэрчитинэн 2030 сылга диэри пааркалар, болуоссаттар, дьон сынньанар сирдэрэ тутуллуохтара.
Креативнай индустрия
Саха сирэ бырамыысыланнаһынан эрэ буолбакка, креативнай индустриянан эмиэ биллэр. Бу салааҕа кэккэ сылларга биллэр-көстөр ситиһиилэннибит. Киинэбит эйгэтэ аар-саарга аатырда, эспиэрдэр «феномен» диэн ааттыыллар. Кырдьык, саха киинэтэ аан дойду араас муннуктарыгар тиийэ көстөр, биһирэнэр буолла. Арассыыйа киинэтин норуоттар икки ардыларынааҕы наҕараадаларын 2024 сылга 20%-н сахалыы киинэлэр ыллылар диэн буолла. Кэнники сылларга сахалыы киинэлэр тиһигин быспакка хото тахсар буоланнар, биһиги даҕаны улаханнык сэргэхсийдибит. Дьэ, ити курдук киинэ индустрията Саха сиригэр тэтимнээхтик сайдар.
Ааспыт сыл биир бэлиэ түгэнинэн буолбут «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулары ахтан ааһар тоҕоостоох. Уопсайа 24 дойдуттан 2 тыһыынчаттан тахса эдэр спортсмен кэлэн кыттан барда. Оонньуулар үрдүк таһымнаахтык аастылар диэн үгүстэр бэлиэтииллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: