Саха сирэ Этнографическай дьыктааны суруйуоҕа
Саха сирэ “Улахан этнографическай дьыктааҥҥа” кыттыһыаҕа. Норуоттар култуураларын билиини тургутар дьыктаан сэтинньи 3-8 күннэригэр ыытыллар.
Этнографическай дьыктаан сэттис төгүлүн ыытыллар, биһиги дойдубутугар олорор норуоттар историяларыгар, култуураларыгар, үгэстэригэр болҕомтону тардар сыаллаах. Бу маннык билии-көрүү Арассыыйаҕа норуоттар сомоҕолоһууларыгар, бииргэ өйдөһөн-өйөһөн олороллоругар, эйэлээх буолалларыгар көмөлөһөрө саарбаҕа суох.
Быйыл дьыктаан 2 сорудахтаах: сорудахтары 16 саастарыгар диэри уонна 16-тан үөһэ саастаахтарга диэн араардылар. Биир сорудах 30 ыйытыылаах: 20 – уопсай, 10 – тустаах эрэгийиэҥҥэ сыһыаннаах.
Дьокуускайга Этнографическай дьыктааны маннык аадырыстарга суруйуохха сөп:
— сэтинньи 3 күнүгэр 4 чаастан — М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Кылаабынай үөрэнэр куорпуһугар, Устудьуоннар көҕүлээһиннэрин киинигэр (Кулаковскай уул. 42-с дьиэтэ);
— сэтинньи 3 күнүгэр 4 чаастан — Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр (Поярков уул., 4-с дь.);
— сэтинньи 5 күнүгэр сарысарда 11 чаастан – Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэҕэ Историческай саалаҕа уонна кыраайы үөрэтэр литература саалатыгар (Ленин пр., 40-с дьиэтэ);
— сэтинньи 5 күнүгэр күнүс 3 чаастан – «Smart» бибилэтиэкэҕэ (203-с түөлбэ).
Ону тэҥэ, сэтинньи 3-8 күннэригэр www.miretno.ru саайтка киирэн, онлайн-көрүҥүнэн хоруйдуохха эмиэ сөп. Муҥутуур баал – 100, бэриллэр бириэмэтэ – 45 мүнүүтэ. Сөптөөх эппиэттэр бу саайтка сэтинньи 11 күнүгэр тахсыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: