Салгыы
Саха сирэ гааһы тардыыга – 10 бастыҥ иһигэр

Саха сирэ гааһы тардыыга – 10 бастыҥ иһигэр

12.10.2024, 16:00
ХААРТЫСКАЛАР: «САХАТРАНСНЕФТЕГАЗ» ХАМПААННЬА СААЙТЫТТАН
Бөлөххө киир:

Кэнники сылларга Саха сиригэр “күөх төлөнү” киллэрии, гаас ситимин тардыы балысханнык барар. Өрөспүүбүлүкэ социальнай гаастааһыҥҥа Уһук Илин бастакы уонна дойду 10 бастыҥ эрэгийиэнин иһигэр киирдэ. 2030 сылга диэри кырата 15,5 тыһыынча дьиэни гааска холбуур былаан баар.

Гаастааһын туруга

Саха сирин гаастааһын «Газпром» ААУо РФ эрэги­йиэннэрин гаастааһын уонна гааһынан хааччыйыы сайдыытын бырагырааматынан оҥоһуллар. Ол курдук 2020 с., ортотунан, өрөспүүбүлүкэни гаастааһын 34,3% этэ. Эрэгийиэннэри гаастааһын былаанынан «Газпром» ААУо Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2021-2025 сс. 293,2 км саҥа гаас ситимэ тардыллыах­таах, 71 эбийиэк хочуолунайга холбонуох­таах, 8403 олорор дьиэҕэ гаас киириэхтээх диэн былааннаах.

«Сахатранснефтегаз» чах­чы­тынан, сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ 1946 гаас турбата тардылынна, 958 дьиэ гааска ситимигэр холбонно. Саамай элбэх дьиэ Дьокуускай куоракка – 719 дьиэни гааска холбуур усулуобуйа оҥоһулунна. Итинтэн 354 дьиэ кэргэн сылытынарга уонна ас астыырга гааска холбоммуттар. Быйыл сыл бүтүөр диэри киин куоракка уопсайа социальнай гаастаа­һын бырагырааматынан 703 дьиэни холбуур былааннаахтар.

Итини сэргэ Чурапчы улууһа эмиэ бэртээхэй көрдөрүүлээх, манна 489 дьиэ гаастаныахтаах, 210 ыал гааска номнуо холбоммутун бэлиэтиир тоҕоостоох.

Горнай улууһа даҕаны хаалсыбат, үс бастыҥ көрдөрүүлээхтэр истэригэр сылдьар. Манна “күөх төлөҥҥө” былааннаах 218 дьиэттэн 156-та холбонон турар.

Соторутааҕыта «Сахатранс­нефтегаз» АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников иһитиннэрбитинэн, былааннаммыт 1867 дьиэттэн 1383-һэ холбоммут.

Бэйэбит дьоммут тардаллар

Дьокуускай куораты хабан, туран өрөспүүбүлүкэ 12 улууһугар социальнай гаастаа­һын үлэтэ барар. Саха сиригэр биир кэлим гаастааһыны ыытар операторынан «Сахатранснефтегаз» АУо буолар. Тэрилтэ гааһы дьиэлэр турар сирдэрин учаастактарыгар диэри гаас ситимин тардан биэрэр.

Саха сиригэр бэйэтигэр гаастааһыҥҥа үлэлиир систиэ­мэ баар, ол иһин  биһиэн­нэрэ «Газпром» хампаанньа салайааччыта Алексей Миллери кытта көрсөн, ыллык­таах санааларын ылыннаран «Сахатранснефтегаз» эрэгийиэннээҕи операторын социальнай гаастааһын бырагырааматын толорооччунан буолбута. «Сибиир күүһүгэр» сыһыан­наах социальнай гаастааһыҥҥа эрэ буолбакка, нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһыҥҥа улахан былааннаахпыт. Бу дуогабар быһыытынан Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарын нэһилиэктэрэ эмиэ гааска холбонуохтара. Былырыын Ленскэй улууһун Муруйа гаас үллэрэр ыстаансыйатыттан Бэчинчэ сэлиэнньэтигэр уонна Өлүөхүмэ улууһугар тардыллар утаҕы холбуур үөрүүлээх тэрээһин буолан ааспыта. Былаан быһыытынан мантан инньэ гаас ситимэ ааһар сиригэр баар нэһилиэнньэлээх пууннар «күөх төлөн» утаҕар холбонуохтара. Холобур, Алдан курдук бөдөҥ нэһилиэнньэлээх пууну гааска холбооһун, биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ уопсай экэниэмикэтин, социальнай эйгэтин уонна дьон олоҕун таһымын уларытара саарбаҕа суох.

Олохтоохтор абыраннылар

Өрөспүүбүлүкэҕэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа көҕүлээбит социальнай гаас­тааһын норуот бырагыраамата көхтөөхтүк олоххо киирэр. Социальнай гаастааһын бырагырааматын «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа 2021 сыллаахха көҕүлээбитэ уонна РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путинынан тута бигэргэммитэ.

Хатас нэһилиэгэр олорор элбэх оҕолоох Поповтар дьиэ кэргэттэрэ социальнай гаастаа­һын бырагырааматын туһунан билэн, «Сахатранснефтегаз» тэрилтэҕэ тиийэн дьиэлэригэр гааһы холботорго сайаап­ка биэрбиттэр. Ол туһунан ыал аҕа баһылыга Константин Евгеньевич санаатын үллэһиннэ:

– Бу бырагыраамаҕа кыттаары «Сахатранснефтегаз» тэрилтэҕэ тиийэн сайабылыанньа биэрэргэ санаммыппыт, онно идэтийбит исписэлиистэр ханнык докумуоннар наадаларын быһаарбыттара. Гааска холбонууну ый курдук кэтэспиппит. Дьиэбитигэр гаас киирэн, хомунаалынай ороскуоттар кыччааннар, дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр кэмчилээһин буолла. «Сахатранснефтегаз» тэрилтэ түргэнник уонна кэмигэр гаастааһыны ыытан, дьиэбитигэр «күөх төлөн»  киирэн абыранныбыт, онон махталбын тиэрдэбин.

«Сатал» СОНТ-ка олорор Дьячковскайдар дьиэ кэргэттэрэ бэртээхэй дьиэ туттаннар киирбиттэрэ, ыал ийэтэ Галина Михайловна кылгас кэм иһигэр социальнай гаастааһын бырагырааматынан дьиэлэригэр «күөх төлөн» киирбитин маннык кэпсиир:

– Дьиэбэр гааһы киллэрэргэ, хампаанньа офиһыгар сайа­былыанньа биэрэргэ быһаарыммытым. Исписэлиистэр наадалаах докумуоннары барытын түргэнник толорорго көмөлөспүттэрэ, хас биирдии түһүмэххэ сүбэ-ама биэрбиттэрэ. Ол кэннэ ый эрэ буолан баран, гааһы холбообуттара. Онон социальнай гаастааһын бырагыраамата баара олус абыраата диэн этиэм этэ.

Сүрүн суолталаах пуорум

Бу күннэргэ Санкт-Петербург куоракка Петербур­дааҕы аан дойдутаа­ҕы гаас пуорума буолан ааста. Бу пуорум гаас үлэһиттэригэр олус улахан суолталаах, тоҕо диэтэххэ олус элбэх боппуруос быһаарыллар. Холобур, 2021 сыллаахха «Кысыл-Сыыр – Мастаах 84 км» усталаах магистральнай гаас ситимин үһүс утаҕын бүтэһик түһүмэҕин тутуу саҕаланыытын экэнэмиичэскэй хайысхата быһаарыллыбыта. 2022 сыл­лаахха «Сахатранснефтегаз» хампаанньа Саха сирин соҕуруу уонна арҕаа өттүгэр 28 нэһи­лиэнньэлээх пууҥҥа гаастаа­һын бырагырааматын толорооч­чунан быһаарыллыбыта.

Алексей Колодезников, «Сахатранснефтегаз» АУо генеральнай дириэктэрэ:

– Быйылгы пуорум биир уратытынан, гаастаа­һыҥҥа БРИКС уонна ШОС дойдуларын сиэссийэтин ыытыы буолар. Бу пуорум Арассыыйа быһаччы кыттыылаах аан дойдутааҕы гаас бырамыысыланнаһын ырытыыга уонна сүрүн быһаарыылары ылынарга дьоһуннаах былаһаакканан буоларын туоһулуур.

Саха сиригэр социальнай гаастааһын хаамыытын дьүүллэстибит. Итиэннэ сотору кэминэн 2025 сылга Саха сирин гаастаа­һын былааннарын сиһилии ырытан көрөргө уонна өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарын гаастаа­һын бырагырааматын «Газпрому» кытта бииргэ үлэлээһин бырагырааматын олоххо киллэрии чааһыгар ырытан көрөргө кэпсэттибит.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2021-2025 сс. 293,2 км саҥа гаас ситимэ тардыллыахтаах, 71 эбийиэк хочуолунайга холбонуох­таах, 8403 олорор дьиэҕэ гаас киириэхтээх диэн былааннаах.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 78% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: