Саха сирэ ГЛОНАСС систиэмэтигэр холбонуоҕа
VII Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум чэрчитинэн, Айсен Николаев «Глонасс» (Роскосмос) генеральнай дириэктэрэ Игрь Милашевскайдыын көрүстэ.
Ил Дархан ГЛОНАСС сервиһигэр өрөспүүбүлүкэ информационнай-аналитическай систиэмэлэрин холбуурга этии киллэрдэ.
— Кэнники кэмҥэ Саха сиригэр сибээс систиэмэтин, цифровизацияны сайыннарарга улахан үлэ ыытыллар. Билигин Дьокуускайга биир салайар платформалаах “өйдөөх” тырааныспар ситимэ оҥоһулла сылдьар. Ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ киирдэҕинэ, суһаллык кэтээн көрөр информационнай систиэмэ үлэлиир. Бу систиэмэнэн хотугу таһаҕаһы тиэйиини, баһаардары, анал тиэхиньикэни, тыа хаһаайыстыбатын хонтуруоллуур хос систиэмэлэр оҥоһуллаллар. Бу салааларга ГЛОНАСС сервистэрин кытары бииргэ көдьүүстээхтик үлэлиир ирдэнэр, — диэн кини эттэ.
ГЛОНАСС сервистэригэр хобонноххо, ЕПУТС (Единая платформа управления транспортной системой) дааннайдара туоларыгар, ИТС (Интеллектуальная транспортная система) көдьүүһэ улаатарыгар, уопсастыбаннай тырааныспары салайарга, ыксаллаах быһыыга-майгыга күүһү түмэргэ көмөлөөх буолуоҕа.
Игорь Милашевскай этэринэн, Саха сирэ ГЛОНАСС информационнай систиэмэлэрин киллэриигэ биир инники күөҥҥэ сылдьар эрэгийиэн буолуоҕа. Саха сиригэр геологияттан саҕалаан, тыа хаһаайыстыбатыгар тиийэ туһаныахха, дьон олоҕун чэпчэтиэххэ сөп.
Бу систиэмэ таһаҕаһы таһыыны, муора, өрүс аалларын, аччыгый авиация аалларын, пилота суох көтөр аппарааттары, уопсастыбаннай тырааныспары, геодезическэй-топографическай үлэни, аэрофото-түһэриини, каартаны толорууну, о.д.а. суолталаах үлэлэри хонтуруоллуурга көдьүүстээх.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: sakhagov.ru.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: