Саха сирэ хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ биир бастыҥынан ааттанна

Share

Территориялары сайыннарар пуонда саайтыгар (фрт.рф) Хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматынан лиидэр буолбут эрэгийиэннэри быһаардылар.

Территориялары сайыннарар пуонда хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын оператора буолар. Пуонда  генеральнай дириэктэрэ Ильшат Шагиахметов бэлиэтээбитинэн, «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак чэрчитинэн, 2019 сылтан пуонда эрэгийиэннэргэ 447 миллиард солкуобайы ыыппыт. Аҥаардас бу ыам ыйыгар 3,3 миллиард солкуобайы эрэгийиэннэргэ тиэрдибиттэр.

Маны тэҥэ, Ильшат Шагиахметов«Жилье и городская среда» национальнай бырайыагынан 2019 сылтан хаарбах дьиэттэн саамай элбэх дьону көһөрбүт эрэгийиэннэри ааттаталаата.

Ол курдук,  Ханты-Мансийскай автономнай уокурукка – 52,5 тыһыынча киһи, Пермскэй кыраайга – 47,3 тыһыынча киһи, Ямало-Ненецкэй автономнай уокурукка – 45,2 тыһыынча киһи уонна Саха сиригэр —   – 40,5 тыһыынча киһи.

Онон Саха сирэ 4-с миэстэҕэ сылдьар, ол эрээри, киһитин ахсаанын бырыһыанынан таһаардахха, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата биһиэхэ быдан көдьүүстээхтик үлэлиирэ көстөр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

27 минут ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

29 минут ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

30 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

36 минут ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

56 минут ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Русскай Устье туһунан документальнай киинэ уһулунна

Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…

1 час ago