“Саха сирэ” хаһыакка бүгүн тугу ааҕыахха?
“Тыый, Тамара Федорова, Светлана Слепцова, Антонина Александрова, Вера Яковлева, Анна Осипова … кэлбиттэр! – дэһэллэр.
Үтүөлээх зоотехниктар Мария Никанорованы, Татьяна Протопопованы бу идэҕэ уһуйбут үөрэнээччилэрэ төгүрүйэллэр. Бу туох тэрээһиҥҥэ дьон маннык үөрдүлэр? Ону сиһилии бүгүҥҥү бээтинсэтээҕи хаһыакка суруналыыс Женни Стрюкова матырыйаалыттан билиэххит.
“Быыстапкаларга, кэнсиэрдэргэ кыттааччылар таһаҕас бөҕөлөөх кэлэллэр. Онуоха ГИБДД үлэһиттэрэ ыһыахтыыр сиргэ ырааҕынан чугаһаппаттар. Мин, холобура, быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар массыыналаах эрээри түөртэ-биэстэ кырынан, сатыы сылдьан, быыстапкаҕа кыттыахтаах уонча оҥоһуктарбын, ааҕан таһаардахха, килэмиэтиргэ чугаһыыр ыраах сиргэ тастым. Саатар тохтоппут сирдэриттэн түһүлгэҕэ киирэр Аар баҕахха диэри ырааҕыан! Аны биир оччону быыстапкалыыр сиргэр хаамаҕын. Мин оҥоһуктарым кээмэйдэрэ улахана, ыарахаттара бэрт буолан, илиһинним. Онон эһиилгиттэн тэрийээччилэр быыстапкаҕа кыттар дьоҥҥо улахан болҕомтону ууран, оҥоһуктарын таһыыга анал дьону уонна көлөнү көрүөхтэрин наада эбит” диэн санаатын үллэһиннэ Мэҥэ Хаҥалас Төтүрүгэр олорор мас ууһа Дмитрий Соловьев. Салгыы кини өссө туохха болҕомтону туһаайда? Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Икки нэдиэлэлээх дирбиэннээх-дарбааннаах “Азия оҕолоро” VIII Оонньуулар кэннилэриттэн туох санаа-оноо хаалла?
– Төрдүс миэстэ буолуо суохпутун сөп этэ, өскөтө оҕолорбут ханнык көрүҥнэргэ кыахтаахтарын эрдэттэн ааҕынан-суоттанан көрүммүппүт буоллар. Холобур, саамай элбэх наҕараада ылар көрүҥмүт – дуобат, ону устан баран, го диэни киллэрдибит. Тустуу алта көрүҥэ баар – көҥүл тустуу, хапсаҕай, дзюдо, самбо, кураш, алыш. Аһара элбэх. Ити оннугар хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар элбэх ыйааһыны киллэрбит буол. Аны кыахтаах оҕону олох үчүгэйдик кэтээн көрөн, 1 №-дээх хамаандаҕа киллэриэххэ наада этэ. 2 №-дээх хамаанда 25 мэтээли ылла дии. Көрдүбүт дии, бүтүн судаарыстыбалар сүүмэрдэммит хамаандаларын ыыталлар. Аны Оонньууларга 16 саастарыгар диэри кытталлар диэн быһаччы этэн кэбиһиэххэ наада. Волонтердары өрө тутуу наһаа барда, дьиҥэр, бу спортсменнар бырааһынньыктара, кинилэр тэрээһиннэрэ”. Ити курдук киһи холобурдуу туруох кэрэхсэбиллээх санаалары суруналыыс Антонина Эверстова “Төрдүс миэстэ: кыһыылаах дуу, үөрүүлээх дуу?” диэн матырыйаалыгар ааҕыҥ.
“Сүрүн оруолу, Хаҥалас кинээһэ Маһары Бозековы биир дойдулааҕа, Саха тыйаатырын дириэктэрэ, артыыһа Петр Макаров оонньообута испэктээги олус күүркэттэ дии санаатым. Арай, кини сүрүн оруолга буолбакка, атын да оруолга ылсыбыта буоллар, олус итэҕэтиилээхтик, күүстээхтик арыйыа эбит. Аҥардас тас көстүүтэ, ис туруга, өйө-санаата, сыанаҕа тутта-хапта сылдьара, бэйэтигэр эрэллээҕэ көстөр” диэн санаатын эппит суруналыыс Надежда Егорованы кытта ааҕааччы бүгүн “Маһарылыын ыраахтааҕыга «айанныаҕа».
“Ханнык да үлэттэн толлубаттарыгар үөрэтэбит. Уолаттарым ас астыырга көмөлөһөн, бэйэбинээҕэр үчүгэйдик бэрэскини, беляһы оҥороллор. Бэйэлэрэ пиццаны, бискибиити астанан, аһаабыт буолаллар. Иһит сууйартан босхоломмутум быданнаата, ып-ыраастык сууйан үөрдэллэр”, диэн бу соторутааҕыта Сербияҕа көҥүл тустууга Европа юниордарга чөмпүйүөнүнэн буолбут, биэс оҕолоох дьиэ кэргэн улахан уола Лев Павлов ийэтэ Майя Афанасьевнаны кытта суруналыыс Ангелина Васильева кэпсэтииттиттэн холобурдаатым. Сиһилии бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
“Бурууһу дьон кыһын эрдэ, чэпчэки сыаналаах эрдэҕинэ атыылаһаллар. Кыһын дьон буруус маһы 23000-24000 солк. атыыласпыттар. Биирдиилээн да дьоҥҥо, тэрилтэлэргэ да эрдэ оҥоһуллубут сайаапканан биэрэллэр. Билигин Андрей Новоприезжай этэринэн, тииттэн оҥоһуллубут буруус уонна бэс хаптаһын атыыга баар” диэн туран, бүгүҥҥү хаһыакка тутуу маһын сыанатын ырытта суруналыыс Сайаана Львова.
“Өрөспүүбүлүкэбит улуустарын аайы нэһилиэктэринэн араас хайысхалаах бырайыактары олоххо киллэрэн истэхпитинэ, бэйэбит өрөспүүлүкэбит туристара соҕуруу куораттарга уонна омук сирдэрдэригэр таласпакка, Саха сирин устун күүлэйдиир, сынньанар кыахтаныахтар этэ” диэн ким туох тэрээһиҥҥэ сылдьан баран маннык санааҕа кэлбитин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
Норуот синоптига Тускулу кытта атах тэпсэн олорон кэпсэппэтэҕим уонча сыл буола охсубут. Тарас Тарасов тоҕо Тускул диэн ааттаммытый? Тоҕо норуот синоптига буолара тохтуу сыыспытай? Маныаха «Саха сирэ» хаһыат туох сыһыаннааҕый? Тускул тоҕо сарсыарда ханна сылдьан күннээҕи былаанын аттарарый? Ити курдук, араас «эриэхэбэй» ыйытыктарга Тускул туох диэн хоруйдаабытын бээтинсэтээҕи «Саха сирэ» хаһыат “Итии чэй” рубрикатыгар ирэ-хоро кэпсэтиибин ааҕыҥ.
Күммүт-дьылбыт, киҥкинэс киэҥ халлааммыт моһуоктууллара элбэх. Аны “абааһылар мунньахтарын” кэнниттэн, олорбуппут сыччах, бу күннэргэ “маҕыньыыт буурҕа” сатыылаата диэн буолла. Күнү-ыйы, халлааны үөрэтэр Прикладной геофизика дэнэр үнүстүтүүт учуонайдара этэллэринэн, күҥҥэ улахан эстиилэр дэлбэритэ ыстаммыттар. Күүстээх эрэнгиэн сардаҥалара сиргэ суптурута түһэн киһи доруобуйатыгар, ордук сүрэх-тымыр ыарыылаах дьоҥҥо кутталлаах дьайыылаах маҕыньыыт буурҕалары үөскэтэллэр эбит. Биир бэйэм ону эппинэн-хааммынан биллим
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: