Салгыы
“Саха сирэ” хаһыакка бүгүн тугу ааҕыахха?

“Саха сирэ” хаһыакка бүгүн тугу ааҕыахха?

26.07.2024, 09:51
Бөлөххө киир:

Өҥүрүк куйаас күннэр сатыылаатылар. Онон ардаҕа суох күннэри баттаһа Нам улууһун  Аппааны сэлиэнньэтин олохтоохторо хороҕор муостаахтарыгар, сыспай сиэллээхтэригэр сыл тахсар отторун булунаары ходуһаларыттан тахсыбаттар. Суруналыыс Женни Стрюкова Аппааныга оттооһун туругун билсэ сылдьыбыт репортааһын бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

Дьиэ кэргэн туругун балачча хамсатар биир эппиэттээх хампаанньа син бүтэр уһуга көстөн эрэр. Аҕыйах хонугунан ким үөрүө, ким хомойуо турдаҕа…

От ыйын 25 күнүгэр үрдүк үөрэх кыһаларын төлөбүрэ суох миэстэлэригэр  докумуоннары ылыы бүттэ. “Үөрэххэ туттарсыы түмүктэнэн эрэр” диэн матырыйаалыгар суруналыыс Антонина Эверстова бу эппиэттээх кэм туһунан сиһилии сырдатта.

Урут үлэ бэтэрээнин статуһун сэбиэскэй сокуон быһаарар этэ. 2006 сылтан сорох боломуочуйаны эрэгийиэннэр дьаһалталарыгар биэрбиттэрэ. Эрэгийиэннэр бэйэлэрэ эбии төлөбүрдэри олохтуур кыахтаммыттара. Сиһилии үлэ бэтэрээнигэр туох көмө оҥоһулларын туһунан бүгүҥҥү хаһыакка суруналыыс Ангелина Васильева сырдаппытын ааҕыҥ.

Сэбиэскэй сойуус саҕана “миграция” диэн өйдөбүл суоҕун кэриэтэ этэ. Билигин Арассыыйаҕа үлэлии кэлэр таджиктар, узбектар, кыргызтар уонна  да атын тутулуга суох холбоһуктаах судаарыстыбалар дойдуларын төрүт олохтоохторо бары сэбиэскэй гражданнар этилэр. Ол да иһин буолуо, урукку бырааттыы норуоттар эрээри,  аныгы көлүөнэ дьоно олох атын иитиилээхтэр, толкуйдаахтар, Арассыыйаҕа үлэлии кэлэргэ эрдэттэн чопчу бэлэмнэммэттэр, биһиги дойдубут култууратын, үгэспитин, быһыы-майгы нуорматын туһунан билбэттэр. Бүгүҥҥү хаһыакка миграннары сырдатар үлэ хайдах ыытылларын туһунан матырыйаабын ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Сир-дойду хата кууран, саһаҕа курдук буолан турдаҕына, биир кыым түһээт, уот субурҕа буолан ойууру биир гына субуллар,  хара тыаны күл-көмөр оҥорор. Биир уоту хаптаттахтарына, иккис уот турар. Бу күннэргэ нэһилиэнньэлээх пууннарга чугаһаабыт баһаардаах Абый, Үөһээ Бүлүү уонна Дьааҥы улуустарыгар сүрүн болҕомто уурулунна. Сиһилии ойуур баһаарын туһунан суруналыыс Сайаана Львова ырытыытын бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

“Биһиги атырдьах ыйын саҥатыттан бүтүөр диэри Москваттан тустаах идэлээх эспиэри ыҥыран, туристическай баазалары, гостиницалары «сулустуурга» үөрэттэрэ ыҥырдыбыт.

Гостиницалар «0»,  «биир», «икки», «үс», «түөрт», «биэс» «сулустаах» диэҥҥэ арахсаллар. Эспиэр анал ирдэбиллэргэ туох киирэрин, ону хайдах толорорго үөрэтиэҕэ. Гостиница «сулустарга» арахсара үчүгэй. Оннооҕор «0» сулустаах диэн аатаннаҕына да, ханнык баҕарар турист «ол аата бу гостиница үлэһиттэрэ тустаах үөрэҕи ааспыттар эбит» диэн толкуйдуоҕа. Оттон туох да «сулустааҕын» туһунан ахтыллыбат гостиницаны аны ким да  көрбөт кэмэ кэлэн эрэр. Ол аата «туга-ханныга биллибэт, түһэргэ кутталлаах эбит» диэн санааны үөскэтэр. Онон дьону түһэрэр дьиэлэрдээх урбаанньыттар министиэристибэҕэ кэлэн, 20 сыл ыстаастаах эспиэр сүбэтин истиҥ, босхо кэлэн үөрэниҥ, сэртипикээттэ ылыҥ диэн ыҥырабын”, — диэн бу күннэргэ урбаан уонна туризм миниистирин солбуйааччыта  Мария Карпованы кытта кэпсэтиибин ааҕыҥ.

“Колесовтары кытары кэпсэтэн билсибиппит, кинилэр бу куонкурус туһунан истэн олус үөрбүттэр. Тоҕо диэтэххэ, быйыл атын сиргэ сынньана барар былааннаах сылдьыбыттар. Ол кэмҥэ хата бу ырыа куонкуруһа буоларын туһунан биллэриигэ түбэһэн, бэйэлэрэ да соһуйбуттар. Итиччэ ыраах тиийэн баран, куонкуруска кыттан, дьоҥҥо дьолу бэлэхтиэххэ диэн баҕа санаалара баһыйан, биһиги куонкуруспутугар бэйэлэрин сөбүлэтэн тураллар”, — диэн Дьиэ кэргэн сылыгар анаммыт биһиги хаһыаппыт куонкуруһун кыттыылаахтара ыраах Орто Халыма улууһун ыаллара Колесовтар тустарынан суруналыыс Надежда Егорова суруйуутун ааҕыҥ.

“Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү уонна Ньурба улуустарын таксыыстара социальнай ситиминэн дьону таһар өҥөлөрүн иһин сыананы үрдэтэр туһунан суруйбуттара. “Бэнсиин уонна гаас сыаната үрдээбитинэн итиэннэ суол-иис мөлтөҕүнэн сибээстээн, атыр­дьах ыйын 1 күнүттэн Үөһээ Бүлүү – Дьокуускай, ону тэҥэ Дьокуускай – Үөһээ Бүлүү хайыс­ханан сыана 3500 солк. буоларын иһитиннэрэбит!» диэн биллэрии нэһилиэнньэни аймаата. Ол кэннэ аны Ньурба улууһун социальнай ситимнэринэн эмиэ маннык ис хоһоонноох биллэрии тарҕанна. Таксыы сыанатын тоҕо үүнэ-тэһиинэ суох үрдэтэрий?” диэн бэйэтин сытыы ыстатыйатын саҕалаабыт суруналыыс Сайаана Львованы кытта бүгүҥҥү хаһыакка бу тиэмэни сиһилии ырытыҥ.

“Бу сайыҥҥы кураан  күннэргэ дьиэлэрин өрөмүөннүүр дьон саамай сүүрэр-көтөр, булар-талар кэмнэрэ үгэннээн турар. Биллэн турар, өрөмүөн саҕана сүрүн болҕомтобутун суунар-тараанар сирбитигэр – ваннаҕа уурабыт. Истиэнэбит хайаан да кафелынан сабыллыахтаах – онтон атыны толкуйдуу да барбаккын. Ол эрээри хас сыл буолара биллибэт, баҕар, биэс-алта, баҕар, сүүрбэччэ сылынан мин түбэспит түбэлтэм син биир кимиэхэ эмэ тиийэн кэлиэн сөп. Онон, күндү ааҕааччым, бу суруйуубун болҕомтолоохтук аах уонна маннык алҕас хатыламматын туһугар тускар туһан” диэн туран, ванналарын кафелынан бүрүйбүт дьоҥҥо анаан суруйуубун ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: