“Саха сирэ” хаһыакка бүгүн тугу ааҕыахха?

“Саха сирэ” хаһыакка бүгүн тугу ааҕыахха?

16.08.2024, 09:40
Бөлөххө киир:

Егор Афанасьевичтыын, бу саас кини кэбиниэтигэр, киэһэ үлэ чааһа  бүтүүтэ, дьэ бириэмэ булан, кэпсэтэн ортолоон олордохпутуна, төлөпүөн тырылыы түһэр, сэттэ саастаах сиэнэ Вероника Попова эрийэр.

Ып-ыраастык сахалыы саҥарар: “Эһээ, дорообо! Эн дьиэҕэр кэллиҥ дуу?”. “Суох, тоойуом, үлэлии олоробун. Эн бүгүн тугу гынныҥ?” – диир эһээтэ. Онуоха сиэнэ уу-сахалыы, нап-наҕыллык, мип-минньигэс куолаһынан, бүгүн тугу ситиспитин барытын кэпсээн биэрэр.

– Оскуолаҕа киириэн иннинэ, арай, төрөппүттэрэ Верониканы сахалыы уһуйааҥҥа биэрдилэр. Кыыспыт кыратык сылдьа түһэн баран: “Манна сахалыы саҥарбаттар эбит!” – диэн, аккаастаан кэбиспит сураҕа иһилиннэ. Билигин Саха гимназиятыгар маҥнайгы кылааска үөрэнэр, – диир астыммыттыы Егор Афанасьевич”.  Бу  суруналыыс  Татьяна Маркова Саха Өрөспүүбүлүкэтин үһүс Бэрэсидьиэнэ, Бастакы Ил Дархана, Российскай Федерация сенатора Егор Борисов 70 сааһыгар анаан суруйбут матырыйаалыттан холобурдаатым. Киһи аахтар ааҕа олоруох матырыйаала ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.

Капитоновкаҕа 40-50 сыл олорбут дьону төрүт  олохтоох дьонунан (старожилы) ааттыыллар, ыал буолан, үрүҥ көмүс сыбаайбаларын бэлиэтиир дьон эмиэ баар.  Биһиги соһуйбуппутун көрөн,  Алексей Петрович ол барыта хас биирдии киһи доруобуйатыттан тутулуктааҕын туһунан быһаарда. Сорох кыаммат дьон интэринээккэ киирэн баран, олохтон туорууллар, онтон сорохтор уһун үйэлэнэллэр”, диэн бэлиэтиир  “Капитоновкатааҕы интэринээккэ ылбычча киһи үлэлээбэт” диэн матырыйаалыгар суруналыыс Надежда Егорова. Ааҕыҥ, сэргээҥ.

Кэлиҥҥи кэмҥэ эмиэ да блогера биллибэт, эмиэ да учуутал буолбатахха дылы, Масаха Мэхээс диэн эдэр киһи социальнай ситимнэргэ бэрт чопчутук олох бары сытыы өрүттэрин ыраас мууска ууран быһааран биэрэрин үгүспүт сөбүлүү истибитэ чахчы. Соторутааҕыта Масаха Мэхээс үгүс ыччаты толкуйдатар санааны сайа этэн, социальнай ситимҥэ тарҕатта: “Махсыым Омуоһап уолаттары кытта сыалай өрөспүүбүлүкэни тэрийэригэр 25 саастаах этэ. Исидор Барахов маҥнайгы салайааччы буоларыгар 24-дэ, Сэмэн Ноҕоруодап алпаабыт оҥороругар эмиэ 24 саастааҕа. Онтон мин ити сааспар хайыы сылдьыбыппыный?” диэн бэйэбиттэн ыйытабын. Эһиги да эмиэ итинник ыйытар буолуохтааххыт. “Ол саҕанааҕы таһымынан өрөспүүбүлүкэ тэрийиэм этэ дуо? Эс, ол кэмҥэ бириэмэтэ атын буоллаҕа дии, Мэхээс…” Бүгүн хаһыат “Итии чэй” рубрикатыгар ыалдьыттыыр  Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо, Р.Г. Васильев аатынан  кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ, улуус мунньаҕын дьокутаата Масаха Мэхээс.

Хаһаайыстыбабар 60 сүөһүлээхпин. Балбаах хаһаанар былаһаакка буолуохтаах сирбин булан олоробун. Билигин от үгэнэ буолан, бары күүһү окко уура сылдьабыт. Күһүн, балаҕан ыйыгар былаһааккабын оҥостуом. Номнуо күрүөтэ-хаһаата оҥоһуллубута. Сир кырсын ылан кэбистим даҕаны, анна туой буор буолар” диэн ким санаатын маннык үллэстибитин суруналыыс Ульяна Захарова “Балбаах кыһалҕата “баттаан” эрэр дуо?” матырыйаалыттан билиэххит.

Саҥа үөрэх дьыла саҕаланыа ахсааннаах күн хаалла. Үлэһиттэр да, оҕолор даҕаны сыыйа бэлэмнэнэн эрдэхтэрэ. Быйыл учууталлары, үөрэнээччилэри, төрөппүттэри кэккэ уларыйыылар күүтэллэр. Саҥа үөрэх дьылыгар туох күүтэрин сиһилии бүгүҥҥү хаһыакка суруналыыс Людмила Попова билиһиннэриэҕэ.

Ансаамбылбытыгар оонньуу сырыттахпытына, хомустарбыт тостон хаалаллар этэ. Ону оҥорор киһи суоҕа. Ол иһин таах сытыахтара дуо диэн, бастаан оҥорон, өрөмүөннээн көрбүтүм. Син сатаммыта. Онтон эр ылан, 7-с кылааска сылдьан технология олимпиадатыгар кыттаары, хомуһу бэйэтин оҥорорго санаммытым. Эмиэ син майгыннаабыта. Хомус оҥорорбун ийэлээх аҕам көрөн, Ньурбаҕа уус күтүөппэр биир сайын анаан үөрэттэрэ ыыппыттара” диэн Уус Алдан Дүпсүнүттэн бүгүн хаһыат “Сатабыл” рубрикатыгар ыалдьыттыыр 24 саастаах эрээри, номнуо хомус уустарын эйгэтигэр аатттаах-суоллаах Спиридон Иванов.

Арыгылааһыны аччатар сыалтан араас дьаһаллар, сокуоннар ылыллаллар даҕаны, күттүөннээх көдьүүһэ көстүбэт. Уонунан сыллар тухары арыгы атыытын кытары охсуһабыт, «сухой сокуон» да, «наливайкалары» тохтотуу да сокуоннара ылыллаллар, ол эрээри уларыйыы суох” диэн арыгыны утары сытыы тиэмэни ырытта суруналыыс Сайаана Львова.

Киһи олоҕо үөйбэтэх-ахтыбатах өттүгүттэн уларыйан, былааннаабыккыттан олох атыннык салаллан барыан сөп. Галина Эверстова уһуйаантан саҕалаабыт олоҕун суола соһуччу доруобуйа харыстабылыгар аҕалбыта. Манна кини эмчиттэр бэйэлэрин истэригэр “көстүбэт фронт үлэһиттэрэ” диир сиэстэрэ-хаһаайкаларынан өрөспүүбүлүкэтээҕи  2 №-дээх балыыһаҕа 15 сыл үлэлээн баран, быйылгыттан онкодиспансерга үлэлии сылдьар” диэн “Сиэстэрэ-хаһаайкалар – “көстүбэт  фронт  байыастара” диэн матырыйаалын суруналыыс Антонина Эверстова. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Маны таһынан,  оҕуруот аһын күһүн хойукка диэри хайдах сибиэһэйдии хаһаанар туһунан сүбэлэри, уматык төлөбүрэ ханнык хампаанньаҕа чэпчэкитин уонна да атын үгүс сонуну, кэрэхсэбиллээҕи эмиэ бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: