“Саха сирэ” хаһыакка бүгүн тугу ааҕыахха?

“Саха сирэ” хаһыакка бүгүн тугу ааҕыахха?

04.10.2024, 13:37
Бөлөххө киир:

Биэс улууска көхтөөх уһун үйэлэниини өйүүр бырайыактарын иһин субсидиялары биэриэхтэрэ. Субсидия сэртипикээтин «Көхтөөх уһун үйэлэнии» бэстибээл кэмигэр туттардылар. Ол курдук, Амма, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Алдан оройуоннара биирдии мөлүйүөн солкуобайы ылыахтара. Судаарыстыбаннай бүддьүөттэн бэриллэр субсидия уопсай суумата – 5 мөлүйүөн солкуобай.

Улуустар аҕам саастаах көлүөнэ үйэтин уһатарга, чэгиэн буолалларыгар туһуламмыт тэрээһиннэрин кыттыгас үбүлээһин быһыытынан субсидия бэрилиннэ. Холобур, социаль­най туризмы сайыннарыы, чэбдигирдэр лааҕыры, аҕам саастаах дьоҥҥо күнүскү өттүгэр араас дьарыктары тэрийии курдук бырайыактар бааллар. Бу туһунан сиһилии суруналыыс Ангелина Васильева көхтөөх уһун үйэлэнии туһунан репортааһыгар ааҕыҥ.

Аныгы үйэҕэ икки бастаах кыыл дуу, ньирэй дуу төрөөбүт буоллаҕына, һуу-һаа буолан социальнай ситими толорон кэбиһэбит. Оттон былыр маннык төрүөх эн хотоҥҥор төрөөтүн эрэ, чиччик ньирэй, абааһы буулаата диэн баран, били барахсаны сонно барыахтаах сиригэр утаара охсоллоро. Бука ойуун да кыыран дьигиһийэр буолуохтаах. Чугастааҕы алаас ыаллара куттанан таарыйбат да ыаллара буолуоххун сөптөөҕө. “Икки бастаахтар Саха сирин тумнубатахтара” матырыйаалыгар бу туһунан бүгүҥҥү хаһыакка суруналыыс Антонина Эверстова ырытта.

Бу күннэргэ ааҕааччыларбыт социальнай ситимнэртэн урукку иһитиннэриини булан ыланнар, төрүт сирдэрбит-уоттарбыт, үрэхтэрбит-өрүстэрбит хаһааҥҥа диэри сыыһа суруллубут ааттарынан туралларый, хаһан көннөһүллүөй диэн ыйыттылар. Бу боппуруос турбута син балай эмэ кэм ааста эрээри, билигин даҕаны күттүөннээх хамсааһын көстүбэт. Кубергеня, Кэйкюрюя, Адьмонте, Брюнгеде, Донкодма, Едей, о.д.а. буолан баран олоробут. “Кубергеня, Кэйкюрюя, Адьмонте, Брюнгеде – ханнык омук тылларай?” диэн сиһилии суруналыыс Сайаана Львова бэртээхэй ырытыытын хайаан да ааҕаргытыгар сүбэлиибин.

Үлэбититтэн айаннаан иһэн, олох очуругар оҕустарбыт дьону элбэҕи көрөбүт. Ордук дьахтар аймах арыгылыы сылдьара харахха быраҕыллар. Оптуобустан түһэн иһэн сууллан, оҕону баттыы түспүт диэн, кэлиҥҥи эрээккэ утуйбутунан барсан иһэн оптуобустан үүрүллүбүт диэн.

Бука, хаһан эрэ кинилэр да ким эрэ тапталлаах кыыс оҕолоро, ыал ийэлэрэ, эбээлэрэ буоллахтара эбээт. Мантан сылтаан биир дьүөгэм кэпсээнин санаан кэллим. Идэтинэн ыксаан-бохсоон, хайа эрэ мунньахха түҥ-таҥ түһэн испит. Арай киһитэ-сүөһүтэ суох оптуобус тохтобулугар биир дьахтар кинини аатын ааттаан ыҥырбыт. Тиийэн мээнэ кэпсэтэ турбут, ол тухары хайалара эбитэ буолла диэн саныыр, үлэбинэн ханна эрэ командировкаҕа сылдьан билистэҕим дуу диэн ону сыымайдыыр. Эмиэ да эйигин билэн кэпсэтэ турар киһини билбэтиҥ сүрэ бэркэ дылы. Оттон дьахтара сонньуйан баран, эн миигин билбэтиҥ быһыылаах дии, диэбит.  Суох, диэтэҕэ дии. Онтон до­­ҕоор, аатын эппитигэр, соһуйан охтон эрэ түспэтэх. Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кыыһа Д. турар эбит. Дьэ онно сыныйан одууласпыта, чахчы кини эбит. “Бүдүрүйбүтү көннөрүөххэ сөп дуо?” диэн матырыйаалыгар суруналыыс Антонина Эверстова арыгылааһын содулун туһунан сууйута ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.

“Эчи, дьиктитин. Ол миигин туох диэн хаһыакка таһаараары гыннахтарай? Бачча тухары дьонтон туохтан да хаалсыбакка даҕаны, тугунан да чорбойбокко даҕаны олорон, үлэлээн кэлбит курдукпун. Тугу да кэпсиирим да суох курдук. Бээ, хайдах гыныах баҕайыный? Бу да ынах ханна баран сүтэн хааллаҕай?!” – Болуодьа оҕо сааһыттан сүүрбүт-көппүт, хаампыт-сиимпит аҕай суолунан ынаҕын көрдүү Тураайы диэки хааман иһэн ону-маны эргитэ саныы истэ. Амма Сулҕачытыттан Татьяна Павлова “Оҕолорго – анал сүөһү, сиэннэргэ – ньирэй” матырыйаала киһи аахтар ааҕа олоруон курдук интэриэһинэй.

Бу ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга биэс күнү быһы СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин (миниистир А.Александров) тэрийиитинэн С.М. Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт үгэс буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥка буолан ааста. Ас-үөл дэлэччи тардыллан, куорат дьоно, ыалдьыттара кыһыҥҥы астарын хаһааннылар.  Быйылгы дьаарбаҥкаттан ынах арыытын туһунан кылгастык кэпсэтиэҕиҥ. Ынах арыыта дэлэйэ сүрдээх. Сап-саһархай арыыны көрөргө да үчүгэй. Арыы сыаната туохтан тутулуктааҕын бу “Чурапчы” кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Иван Пермяков маннык быһаарда” диэн суруйар суруналыыс Женни Стрюкова “Ынах арыытын сыаната туохтан тутулуктааҕый?” диэн матырыйаалыгар. Дьэ, сыалай 10 пууну ааҕан баран, “арыыбыт ыарыан ыарыыр эбит” диэххит.

Дьокуускай куоракка Саха гимназиятын үөрэнээччилэрэ күндү учууталларыгар билинии, таптал тылларын этээри,  алтынньы 5 күнүгэр бэлиэтэнэр Учуутал аан дойдутааҕы күнүн тулуйбакка күүтэллэр. Биир оннук күндүтүк саныыр  киһилэринэн нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, 6-с «б» кылаас салайааччыта Марианна  Ордахова  буолар. Суруналыыс Надежда Егороаа учуутал түбүктээх үлэтин бүгүҥҥү хаһыакка сиһилии сырдатта.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -22°Влажность: 84% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: