«Саха сирэ» хаһыакка бүгүн тугу ааҕыахха?

Share

“Аҕыйах сыллааҕыта Өлөөн улууһугар командировкаҕа сылдьан баран “Өлөөн уота чаҕылхай, сайдыыта да баһырхай” диэн ыстатыйа суруйбуппун санаан кэллим. Сайдыы бара турарыттан үөрэн уонна кэрэхсээн. Ол курдук, ыраах сытар Өлөөн улууһугар Саҥа дьыл эрэ иннинэ “Байылыат” тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибин үүт собуота аһыллыбыт.

Бу таба иитиитинэн дьарыктанар, ынах сүөһүтэ суох сиргэ олус сөптөөх да дьаһаныы, тэринии буолбут. Бачча ыраах дойдуга үүт бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга бэлэмнэнии үс сыллааҕыта саҕаламмыт. Кырдьык, бастаан ким да итэҕэйбэт курдуга үһү, ыра санаа эрэ курдук санаан” диэн суруйар суруналыыс Женни Стрюкова. Сиһилии бу тэрилтэ үлэтин-хамнаһын туһунан  “Өлөөҥҥө “Байылыат” үрүҥ аһы дэлэтиэҕэ” матырыйаалы ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Кэлэр нэдиэлэ саҥатыгар суруналыыстар Бэчээт күнүн бэлиэтиэхпит. Идэлээх бырааһынньыкпытыгар анаан бүгүҥҥү хаһыакка суруналыыс Надежда Егорова биир идэлээхтэрин санааларын, ситиһиилэрин “Мөлүйүөннээх кирбиини ситистибит” диэн матырыйаалыгар түмэн оҥорбутун ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Саҥа дьыл иннинэ Дьокуускай куорат түүҥҥү кулуубугар Таиландтан кэлбит үҥкүүһүттэр тустарынан социальнай ситимҥэ киэҥник тарҕаммыта. Дьахтара да, эр киһитэ да биллибэт сыгынньах аҥаардаах үҥкүүһүттэри  кытта саха эр дьоно үҥкүүлээбит видеоларын үгүс дьон сүөргүлээбитэ. Саамай ынырыга, бу тарҕаммыт видеолары сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор көрүөхтэрин сөп. Бэчэрииҥкэ туһунан Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар үҥсүү киирбитэ. Саҥа дьыл кэнниттэн, тохсунньу 2 күнүгэр, административнай хамыыһыйа кулуупка сылдьан көрөн-истэн баран борокуратуураҕа уонна полицияҕа туһааннаах матырыйааллары ыыппыта. Сиһилии суруналыыс Ульяна Захарова “Сокуонунан бобуллар кытаанахтык дьарыллыахтаах!”  сытыы матырыйаалын бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

“Варвара Дмитриевна Санкт-Петербург боростуой үлэһит дьонун олус хайгыыр. Бииргэ үлэлиир дьонун кытта эр дьон таҥаһын тигэр сыахха сылдьан, бааһырбыт дьоҥҥо липучкалаах ис таҥаһы тигэр ордук эбит диэн санааҕа кэлбиттэр. Кэллиэгэлэрэ хайалара да туора турбакка, ким сэбиэскэй кэмнээҕи таҥаһы, ким минньигэс аһы, ким инчэҕэй салпыакканы, ким ас кутуллар иһити, ким аһы астаан аҕалбыт. Ленинград блокадатын туораабыт дьон удьуордара бу түгэҥҥэ Варвараҕа олох атын өттүлэриттэн арыллыбыттара. Бу Саха сириттэн сылдьар волонтердар тустарына бүгүҥҥү хаһыакка суруналыыс Антонина Эверстова  матырыйаалыттан холобурдаатым. “Дорообо, сахаҕын дуо?” диэн киһи ааҕа олоруох  сырдатыыны хайаан да ааҕаргытыгар сүбэлиибин.

“Кэлин толкуйдаан көрдөхпүнэ, тирииттэн иистэнии – өбүгэ саҕаттан кэлбит былыргы дьарык буоллаҕа. Ылбычча киһи ылсыбат дьыалата.  Икки сыллааҕыта иистэнэ олорон, тыҥырахпын иннэнэн аспытым. Сылааһыгар аахайбатаҕым. Ол бааһым ириҥэрэн, икки сылы быһа эрэйдээбитэ. Араас балыыһанан эмтэтэ сатаабытым, тыҥырахпын кытта  ыла сылдьыбыттара. Ааһыа суоҕуттан, саха эмчиттэринэн сылдьыбытым.  Оннук духуобунаска кэлбитим. Өбүгэ саҕаттан баар дьыалаҕа ылсар киһи (мас, тимир ууһа, иистэнньэҥ) духуобунаһы ыкса иҥэриммит киһи буолуохтааҕа чахчы эбит. Урут бу дьарыкпын бэйэм баҕа санаабын олоххо киллэрии курдук ылынар эбит буоллахпына, билигин итэҕэлгэ чугаһаан, өбүгэм төрүт үгэһин  үлэлэрим нөҥүө тарҕатан эрэбин” диэн бүгүҥҥү “Сатабыл” рубрикаҕа ким санаатын маннык үллэстибитин ааҕыҥ.

Саҥа дьыл олохпутун ыраас лиис кэриэтэ саҥаттан саҕалыырга саамай тоҕоостоох кэм. Саҥа соруктары туруоран иннибит диэки хардыылыырга саҥа сүүрээн, күүс ирдэнэр. Дьон саҥа саҕалааһыннары тоҕо Саҥа дьылтан саҕалыыр? Дьиҥэр, 12 чаас кэнниттэн, били, остуоруйаҕа курдук олохпут тосту уларыйан хаалбатар да, барыбытыгар даҕаны сыл түмүктэнэн, суругунан, сокуонунан бигэргэтиллибэтэҕин иһин кэтэхпитигэр саҥа сыл, кэрдиис саҕаланар диэн толкуй олохсуйан хаалбыт. Бу киһи өйүн-санаатын сааһыланарыгар, түмүк таһаарарыгар, инникитин былааннанарыгар көмөлөөх. Ол иһин дьон саҥа сылы кытта тэҥҥэ саҥа соруктары туруоран, олохторугар саҥа сүүрээни киллэрэргэ дьулуһаллар. Өссө биир сыл халтай ааспатын туһугар манна сыһыаннаах тэттик сүбэлэри түмэн суруналыыс Людмила Попова “Сылбытын саҥалыы саҕалыахха” матырыйаалыттан ааҕааччы үгүһү билиэҕэ уонна туһаныаҕа.

“Үрдүк үөрэх кыһатыгар тюркологияны үөрэппэтэх буолан, мин эмиэ билбэт этим. Дьиҥэ, учуонайдар билэн, үөрэтэн сырыттахтара дии, ол эрээри, киэҥ араҥа дьон сахалар түүрдэргэ, хууннарга туох сыһыаннаахпытын, ол саҕана аан дойдуга туох улахан дьайыылар буолбуттарын билбэппит эбээт. Билиҥҥэ диэри саха хантан төрүттээҕин быһаарарга элбэх мөккүөр тахсар. Бу кэлин интэриэс үөскээн, элбэх кинигэни, учуонайдар үлэлэрин ааҕан баран, дьон өйдүүрүн курдук, судургутутан, суруйарга сананным” диэн туран, суруналыыс Ангелина Васильева “Өбүгэлэрбит кимнээх этилэрэй?” матырыйаалыгар бу туһунан сиһилии бэркэ сырдаппытын ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр «Госуслуги.Дом» мобильнай сыһыарыынан 48 тыһ. тахса киһи туһанар

Саха сиригэр «Госуслуги.Дом» мобильнай сыһыарыы туһанааччытын ахсаана 48 тыһыынчаттан тахса киһи буолла. Бу туһунан ОДьКХ уонна…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Олунньу 1 күнүгэр диэри биир кэлим эксээмэни туттарааччылар сайабылыанньаларын биэриэхтээхтэр

Быйыл биир кэлим эксээмэни туттарааччылар олунньу 1 күнүгэр диэри сайабалыанньаларын биэриэхтээхтэрин туһунан Үөрэҕи, билими кэтээн…

22 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга оптуобус суоппара көҥүлэ быһылынна

Дьокуускай куорат борокуратууратын ирдэбилинэн 57 саастаах эр киһи холуобунай дьыалатыгар суут судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө.  Кини алҕас киһини…

37 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха тыйаатырыгар “Тулаайах оҕо” испэктээги туруоруохтара

Үүммүт 2025 сылга Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэҕэ. Быйылгы үбүлүөйдээх сылга…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Якутия” хампаанньа рейстэригэр 50 бырыһыаннаах чэпчэтиинэн төһө оҕо туһанна?

2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн “Якутия” авиахампаанньа 2-12 саастаах оҕолорго 50 бырыһыан чэпчэтиилээх билиэти биэриини…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылайыы туругуттан хайдах тахсабыт?

Таһырдьа тахсааты кытта тохсунньу тумана “кууһа” түһэр, эбиитин күнэ суох буолан эппит-сииммит утуйуон, сынньаныан баҕарар,…

2 часа ago