Ааспыт нэдиэлэҕэ үөрэх дьылын түмүгүн таһаарар, кэлэр сылга саҥа соруктары туруорар, алта уонча тэрээһиннээх, 5 тыһ. тахса кыттааччылаах атырдьах ыйынааҕы үөрэх үлэһиттэрин мунньаҕа буолан ааста.
Учууталлар улахан тэрээһиннэригэр үөрэх миниистирэ биир кэрэхсэбиллээх түгэҥҥэ тохтоото: “Мин санаабар, саҥа ньымалары киллэрэн үлэлиирбит ирдэнэр быһыылаах. Холобур, үс сылтан бэттэх сокуоҥҥа уларыйыы киирэн, үһүс-төрдүс куурустан устудьуоннар учууталынан үлэлиэхтэрин сөп. Сорох дириэктэрдэр ХИФУну кытта номнуо кэпсэтэн олороллор, эдэр дьону ыҥыран ылан үлэлэтэллэр. Оскуола бэйэтин каадырын бэлэмнээн таһаарар, устудьуон – үөрэнэр уонна хамнастанар. Бу курдук үлэлии тиийбит устудьуоннар үгүстэрэ салгыы үлэлии хаалаллар эбит. Холобур, Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕин управлениета былырыын 22 устудьуону кытта сөбүлэҥ түһэрсибит, салгыы үлэлии хаалар баҕалаахтар эбит”, – салгыы үөрэх эйгэтигэр сонун сүүрээннэр тустарынан суруналыыс Людмила Попова бэлиэтээһинин “Саҥа үөрэх дьылыгар – саҥа соруктар” матырыйаалыгар ааҕыҥ.
“Кыайбыт хамаандалар аҕалара оҕолорун эрдэттэн успуорка бэлэмнииллэрэ харахха быраҕыллар. Биһиги саҥа көрүҥнэри үөрэтэ таарыйа киирсибиппит. Онон спортивнай ориентирование, лабиринт уонна туристическай полоса (быанан хатаастыы) курдук уустук көрүҥнэри аастыбыт. 17-с хамаандаттан 5-с буоллубут. Спортивнай дьарыгы ирдиир күрэхтэһии эбит. Өскө ити көрүҥнэргэ анал бэлэмнээхпит буоллар, 3-с миэстэҕэ тиксиэ эбиппит. Бэркэ тулустубут. Тэрээһинэ олус үчүгэй. Ыал аайыттан түөртүү киһини босхо аһатан, түһэрэн сырытыннардылар. Инньэ гынан, бэйэбит дьоммут өйөбүл буолан абыраатылар. Бирииспит да ботуччу. Барыта дьиэ кэргэҥҥэ олус наадалаах тэриллэр. Биһиги эрэһиинэ тыыбыт суох буолан, ылынаары сылдьыбыппыт. «Хата, мантан күһүн булка туттуохпут» диэн 15-тээх уонна 10-наах уолаттарым үөрүү бөҕөлөр” диэн ааспыт өрөбүллэргэ Дьокуускайга Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылын чэрчитинэн «Аҕабынаан – бииргэ» II өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии туһунан Таатта улууһуттан кыттыбыт Гаврил Вырдылин санаатын үллэһиннэ. Сиһилии “Инники күөҥҥэ – аҕа оҕотунаан” репортаажпыттан үгүһү билиэххит.
Быйыл атырдьах ыйыгар Дьокуускай куорат Тургенев аатынан уулуссатыгар умуллубатах табах уотуттан сылтаан элбэх кыбартыыралаах дьиэ ахсыс этээһигэр баһаар тахсыбыта. Биир кыбартыыра уонна болкуон уокка былдьаммыта. Маныаха майгынныыр түгэн Дьокуускай куорат “Сулустаах” түөлбэтигэр буолбута. Ыаллыы олорор киһи табаҕын тобоҕо аллараа этээс болкуонугар түһэн, начаас икки ардыгар уот өрө турбута. Былырыын Дьокуускайга сэрэҕэ суох табахсыттартан сылтаан икки киһи эмсэҕэлээбитэ. Ол курдук, Лермонтов аатынан уулуссаҕа баар элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ табахтааһын түмүгэр баһаар тахсан 120 кв. м иэннээх көрүдүөр умайбыта. Икки киһи суһал мэдиссиинэ көмөтүнэн быыһаммыттара. суруналыыс Ульяна Захарова табахтааһын туһунан “Сүлүһүннээх буруону бопсуохха!” диэн бэрт сытыы матырыйаалын ааҕыҥ, сэргээҥ.
Быстах алыпка ылларан, таҥас буоллун, мал буоллун, атыылаһан кэбиспитиҥ баар буолааччы. Сорох ылбыт саатыгар кэппэхтии, тутта түһүө, сорохтор дьиэлэригэр илдьэн иһэн, хайыы үйэ абааһы көрөллөр. Маннык түгэҥҥэ “Туһанааччы быраабын көмүскэлин туһунан” сокуон үлэлиир. Бу 1992 сыл олунньу 7 күнүгэр ылыллыбыт РФ Сокуонун быһыытынан икки нэдиэлэ иһигэр табаары төннөрүөххэ сөбүн туһунан сиһилии “Табаары төннөрүү туһунан суруналыыс Антонина Эверстова ырытыытыттан билиэххит.
“2017 сыллаахха алтынньыга биир социальнай ситимҥэ суруйбута. Мин ити кэмҥэ «Саҥа ырыаҕа, «Үрдэлгэ», «Дохсуҥҥа» кыттан үгүстүк лауреат аатын ыла сылдьар этим. Ол суруйсуубут саҕаланыыта, билигин санаатахха, иккиэммитигэр дьылҕабыт бэлэҕэ эбит. «Саҥа ырыа» күрэһигэр кытта сылдьар кэмим этэ. Түмүгүн этэллэригэр син өр кэтэһиннэрбиттэрэ. Кэтэһэ таарыйа төлөпүөммүн көрүөхпүн, аны сибээс быстан хаалбыта. Арай чочумча буолаат, холбонон кэлбитэ. Көрбүтүм, Виктор Рассадин суруйбут эбит. Оччолорго успуорка туох да сыһыана суох киһибин. Онон Виктор Рассадин диэн кимин иҥэн-тоҥон үчүгэйдик билбэт этим. «Бааһынай уол суруйбут» диэн ылыммытым. Аны мин кимниин да социальнай ситим нөҥүө билсээччим суох. Оттон ол кэмҥэ, бириэмэлээх киһи быһыытынан, Викторга суругар хоруйу ыыппытым. Икки ый курдук суруйсубуппут. Кини наар сбордарга сылдьар этэ. Арай биир үтүө күн «кэллим, көрсүөххэ» диэн «свиданиеҕа» ыҥырда…”. Салгыы өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр дьон – аатырбыт тустуук Виктор Рассадин уонна эстрада ырыаһыта Юана дьылҕаларын холбоон ыал буолан олороллорун туһунан Юлиана Рассадина: «Күн көмүс утаҕа буоламмын…» диэн матырыйаалбар ааҕыҥ.
Урут оҕо уйулҕатыгар улахан болҕомто ууруллубат буолара. Оҕо улахан киһини утары көрбөт, учууталы убаастыыр, төрөппүтүн тылын истэр. Бэрт гыннар, сайыҥҥы киэһэ магнитофоҥҥа эбэтэр плеергэ муусука истэр, дэриэбинэ устун доҕотторун кытта хаамсар. Оттон билиҥҥи оҕо хайдаҕый. Тоҕо кини уйулҕата чарааһаата? Бу туһунан суруналыыс Ульяна Захарова ырытыытын сиһилии бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
Бу күннэргэ Олоҥхо дэкээдэтинэн сибээстээн В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ «Саха сирин кэлэксийэниэдэрэ" түмсүүнү кытта холбоһон…
Анал байыаннай дьайыы 626 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ квотанан үлэ буллулар. Бу туһунан Дьарыктаах…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар бөрөлөр билиннилэр. Бу адьырҕалар сылгыларга кутталы үөскэтэллэр. Онон тыа хаһаайыстыбатыгар…
«Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Тэтим — Саха араадьыйата» аныгы сайдыылаах олох хардыытынан бары сыыппара былаһааккаларыгар…
Кэбээйитээҕи участковай балыыһа кэлэктиибэ (кылаабынай быраас З.С. Полятинская) нэһилиэккэ биир көхтөөх тэрилтэнэн биллэр. [gallery ids="172276,172277,172278"]…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин Успуорт сайдыытын сэбиэтин мунньаҕын түмүгүнэн 2025 сылтан “Земскэй тириэньэр” федеральнай…