От ыйыттан туох да чэпчэтии көрүллүбэт дьонугар кыбартыыра сыаната киһи чугаһаабат гына үрдээн, үүтү-хайаҕаһы көрдөөһүн буолла.
Өссө Уһук Илин уокуругун эдэр ыаллара, педагогтара, мэдиссиинискэй үлэһиттэрэ Уһук Илиҥҥи ипотеканан туһанар эбит буоллахтарына, киин эрэгийиэннэр олохтоохторо истэн эрэ хааллылар. Дьэ, онон, тыа сиригэр сир ылар, дьиэ туттар былааннаах дьон эмиэ ыксыыллара наада буолбут. “Балаҕан ыйыгар уларыйыы киириэн сөп диэн сабаҕалыыллар. Билиҥҥитэ туохха киирэрэ чуолкайдана илик, Башкортостаҥҥа күҥҥэ 82 мөл. солк. суумалаах кирэдьиити биэрэ олороллор. Тоҕо эрэ наһаа ыксыыллар. Биһиэхэ итинник нэһилиэнньэлээх пууннарга улуустарга баар куораттарбыт, улуус кииннэрэ хапсыахтарын сөп.”, диэн ким бүгүҥҥү хаһыакка бэлиэтээбитин “Дьиэ ырыынага хайа диэки «тэйбэҥниир» диэн суруналыыс Антонина Эверстова матырыйаалыгар ааҕыҥ.
Ил Дархан Айсен Николаев 300 №-дээх «СӨ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ эбии социальнай өйөбүллэрин туһунан» ыйааҕынан, балаҕан ыйыттан эбии социальнай өйөбүл саҥа миэрэлэрэ олоххо киирдилэр. Туох өйөбүл оҥоһулларын туһунан “Балаҕан ыйынааҕы уларыйыылар” матырыйаалыгар сиһилии суруналыыс Ангелина Васильева сырдатта.
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан бэйэ дьыалатын тэриммит урбаанньыт баарын билэҕит дуо? Мэҥэ Хаҥалас улууһун биир биллэр-көстөр урбаанньыта, Балыктаах сэлиэнньэтин олохтооҕо, 26 саастаах Дьулус Говоров өссө ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан бэйэ дьыалатын тэринэргэ соруммута. Ол санаа хайдах уонна туохтан саҕыллыбытын туһунан төрөөбүт дойдутугар тыа хаһаайыстыбатын салаатын сайыннара сылдьар Дьулус Говоровы кытта анаан көрсөн кэпсэттим. Олоххо дьулуһуулаах Дьулус туһунан ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Быйылгыттан оскуолаларга үлэ уруога саҥа биридимиэт киирдэ. Бу технология уруогуттан туох уратылааҕый? Оскуолалар манна төһө бэлэмнэр? Аныгы оҕолор илиинэн үлэлииллэрин сөбүлүүллэр дуо? Үлэ уруогун туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үөрэх эйгэтигэр Үүнэр көлүөнэ пуондата уонна “РНГ” АУо олохтообут бириэмийэтин хаһаайына, Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.Г.Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин үлэҕэ, черчениеҕа учуутала Петр Птицыны кытта суруналыыс Людмила Попова кэпсэппитин “Сатабыллаах оҕолору иитиэхтээхпит” матырыйаалыгар ааҕыҥ.
“Мин өссө “Биирдэ мэник туохтаабыт” биллэр ырыалаах, килииптээх 6-с кылаас үөрэнээччитэ Руслан Буртаховтан интервью ылбытым. Кини ити ырыатын килиибигэр үҥкүүһүт кыыс оруолун толорбутум. “Омоон суоллар” сэрийээлгэ биэс саастаах оҕону оонньообутум. Онно биир түөтэ оҕо сааһын саныыр дии. Ол оҕо мин этим. Наһаа да өр устубуттара, сылайбытым аҕай. “Ытаа…” дии сатыыллар. Араастаан ытаабыта буолбутум да, “барбат, саҥаттан” диэн иһэллэр. Онтон ийэм миигин мөхпүтүгэр эмискэ дьиҥнээхтик ытаабытым. Ньиэрбинэйдээн, наһаа күүскэ ытаабытым ээ. Сотору буолаат, “уһулуллубут, маладьыас!” диэбиттэрэ. Соторутааҕыта оскуолаҕа киириэм иннинэ ”Тэтим” араадьыйаҕа, тэлэбиисэргэ уһуллубутум. Камераҕа уһулларбын наһаа сөбүлүүбүн. Бэйэм эмиэ устан, ийэм “страницатыгар” уктарабын”, — диэн кэпсиир сытыыкан блогер кыысчаан Сандаара Ботуева. Маны тэҥэ тоҕус саастаах блогер Айыына Кожурова туһунан эмиэ “Блогер оҕолор кэмнэрэ” матырыйаалбар ааҕыҥ.
“Дьокуускайга Эргэ куорат биир дириҥ устуоруйалаах, мааны, сэргэх, сырдык оҥоһуулаах оройуонунан биллэр. Манна киһи күнүстэри, киэһэ хойут даҕаны куттаммакка салгын сиир, дьаарбайар, холкутук хаамар сирэ этэ… Ол эрээри кэлиҥҥи кэмҥэ куораппыт биир мааны киин сирэ арыгылыыр, күүлэйдиир, ардыгар буруй-сэмэ да тахсар сиригэр кубулуйан эрэрэ сэрэхэдитэр. Биир киэһэ анаан салгын сии кэлэн баран хас түүҥҥү кулууп, бар баарын аахтым. Ортотунан, биэс арыгылыыр сир баара сөхтөрдө.
Киэһэ аҕыс аҥаартан саҕалаан массыынанан киирии уустугурар. Тоҕо диэтэххэ, ыччат өттө манна таксыынан кулуупка, барга кэлэллэр эбит. Эргэ куораппыт түүн атын мөссүөннэнэр. Электроннай табахтарын уоба сылдьар пиибэлээх ыччат олус элбэх. Мин көрдөхпүнэ, сүүрбэлэрин саҥа ааспыт эдэркээн оҕолор манна хото мусталлар. Харчыларын уонна эдэр саастарын күндү бириэмэтин буруолаах, дьаар сыттаах сиргэ атааралларын киһи харааста көрөр”. Бу суруналыыс Ульяна Захарова “Омуоһап аатын сүгэр уулуссаҕа…” сытыы матырыйаалыттан холобурдаатым. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Кини киинэҕэ оонньуур артыыстартан киһи хараҕар быраҕыллар уу саха ыччата: дьүһүннүүн-бодолуун, туттардыын-хаптардыын, этэрдиин-тыынардыын. Нууччалыы эттэххэ, “классическай” сайылык оҕото, ыччата, эр киһитэ. Бу мин Майатааҕы Дмитрий Ходулов аатынан норуот тыйаатырын салайааччыта Данил Осипов туһунан этэбин.
Бүгүн саха сэрийээллэрин биир сүрүн дьоруойа, көрөөччү кутун туппут Данил Осипов – хаһыаппыт ыалдьыта. “Кинини Новиков киинэлэрэ «уһугуннарбыттар» матырыйаалбыттан бу эдэр артыыс туһунан үгүһү билиэххит.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…