Кыстыкка бэлэмнэнии диэн тыын боппуруос буолан, ханна сылаас киирбитин Саха сирин олохтоохторо билэ-көрө, тарбахха баттыы олороллор.
“Бу сарсыарда утуйан турбуппут дьиэбит сып-сылаас буолбут”, – дэһэллэр Дьокуускай куорат үгүс олохтоохторо. Оттон өрөспүүбүлүкэ атын улуустарыгар балаһыанньа хайдаҕый? Бүгүҥҥү хаһыакка суруналыыс Женни Стрюкова хоту улуустартан саҕалаан, киин улуустарга тиийэ хочуолунайдар кыстыкка төһө бэлэмнээхтэрин ырытыыта таҕыста.
Күн бүгүҥҥэ диэри Нам улууһугар олохтоох салалталар халаан хоромньутун кэнниттэн кэккэ кыһалҕалаах боппуруоһу быһаара сылдьаллар. Араас уустук боппуруос күөрэйэн тахсан иһэр. Ол курдук, Кыһыл Дэриэбинэ олохтооҕо Александра Сивцева эрэдээксийэҕэ биир буккуурдаах боппуруоһу быһаарсарыгар көмөлөһөргө көрдөстө. “Быйылгы халааҥҥа дьиэм олох ууга баран, киһи олорбот буолла. Хамыыһыйа анаан кэлэн көрөн баран, “киһи олорбот дьиэтэ, саахалланар туруктаах” диэн аакта оҥорбута уонна, “хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан дьиэ ылыаҕыҥ” диэбитэ. Онтон сотору буолан баран, олох да аккаастаан кэбиспиттэрэ – дьиэ ыларым көҥүллэммэт үһү”, – диэн ааҕааччыбыт суруйар. Туох төрүөттэн аккаас кэлбитин, бу дьыала туһунан сиһилии бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
Кыстыкка киирии саҕаланыыта, уот, гаас, ититии сыаната холбоһон, тос курдук буола охсор. Ону арыый аччатарга судаарыстыба өттүттэн кимнээххэ туох чэпчэтии баарый? Элбэх өҥөнү оҥорор киин нэһилиэнньэҕэ ханнык чэпчэтиилэри оҥорорун туһунан бүгүҥҥү хаһыакка суруналыыс Антонина Эверстова бэлэмнээн таһаарда.
Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр олорор Николай Баишевы “Бойцов” диэн хос аатынан ордук түргэнник булан ылыаҕыҥ. Аҕыс бииргэ төрөөбүттэр Баишевтар биир аҕа ууһунан өбүгэлэриттэн кэлбит “Нөмүгү” алаастарыгар быр-бааччы тэринэн олорор убайдарыгар Николай Бойцовка сайын кэлэн оттууллар, күһүн бултаналлар, кыһын хамнастарын аахса аймахтар тохсунньу 1 күнүгэр мусталлар. Онно Николай Михайлович Тымныы оҕонньор оруолун толорон, аймахтар сайыны быһа үлэлээбиттэринэн хамнастарынан харчынан бириэмийэлиир. Буолаары буолан, быстах үлэни толорор кырачаантан саҕалаан, ытык кырдьаҕаска тиийэ сайыны быһа тугу үлэлээбиттэрэ таабылланар.
“Биллэн турар, киһи бэйэтин үлэтэ сыаналарын сөбүлүүр. Оччотугар көхтөөх буолар, бары дьыалаҕа үөрэ-көтө ылсар. Үлэ таабылын кэргэним Мария Михайловна оҥорор. Туох туһаны аҕалыан сөбүттэн кыра саастаах киһиттэн 80 саастаах көмө буола сылдьар кырдьаҕас аймахха тиийэ үлэлэрин хайысхата таабылланан, бары хамнастаналлар. Онон үлэлээбит киһи күҥҥэ чопчу төһөнү аахсыбытын билэ сылдьар. Итинник ааҕыллан, холобура, үүт ыаһынын ыллахха, күннээҕи үүтү туттарыыттан төһө киилэ ыаммыта, ол харчыга аахтахха төһө буолбута түмүгэ тахсан иһэр”, — диэн кэпсиир. Отчуттары этэ да барбаккын. Көлөһүн күнэ туспа ааҕыллар. Маны таһынан, буор хаһыыта, сиэрдийэ оҥоруута, күрүө тутуута, оҕуруоту көрүү-истии, сибэккигэ уу кутуу, ас астааһына – барыта таабыл. Онон сайын “Нөмүгү” сайылыкка мустубут 80-ча киһиэхэ үлэ былдьаһыга эбит. Сиһилии бүгүҥҥү хаһыакка “Бойцов – дьиэ кэргэн эрэллээх эркинэ” матырыйаалбар ааҕыҥ.
Бүлүү улууһун биир нэһилиэгэр тыраассаттан киирэр-тахсар сүрүн уулуссанан арыый иһирдьэ киирдэххэ, нэһилиэк хабайар-хаба ортотугар түннүктэрэ былыр үйэҕэ оҥоспут үрдүк дьиэ турбута ырааппыт. Бу нэһилиэк бэкээринэтэ суоҕа биллэр. Ол дьиэни бэкээринэ оҥороору гыналлар үһү да, хаһаайыннара адьас атыылаабаппыт дииллэр эбит. Аны туран, бэйэлэрэ Москваҕа дуу, Санкт-Петербурга дуу көһөн тиийэн олохсуйбуттара ырааппыт. Ситэри атыылаан кэбиһиэх да эбиттэр. Нэһилиэк тас көстүүтүн буортулаан харааран-боруоран турар дииллэр. Нэһилиэк аайы сууллан бүтэн эрэр күрүөлээх, самналлыбыт эргэ дьиэлэр хаһан эрэ дьон манна олорон ааспытын мэлдьэспиттии соҥуоруһан тураллар. Кимнээх бу олбуордарга, дьиэлэргэ олорон ааспыттарын дьон удумаҕалатыан эрэ сөп.
Сиһилии суруналыыс Ульяна Захарова “Өтөхсүйбүт тэлгэһэлэр, дьиэлэр” матырыйаалын аахтаххытына үгүһү билиэххит.
Горнай Одунутун биэкэрэ Антонина Максимова күҥҥэ доруоһата суох уонтан тахса саха лэппиэскэтин оҥорон таһаарар. “Саастаах дьон олус сөбүлээн ылаллар. Онон лэппиэскэм ордубат. Килиэбим эмиэ ураты килиэп. Анаан аһытан баран аппаараҕа буккуйан оҥоробун. Ол бытарыйбат, хас да хонук сибиэһэй сылдьар. Атын килиэби амсайдым да, састаабын тута билэбин. Үксүгэр наһаа доруоһалыыллар. Ол иһин киһи иһэ үллэр. Ол доруобуйаҕар – искэр-үөскэр, бүөргэр охсоро чахчы” диэн кэпсиир урбаанньыт. Ааҕыҥ, сэргээҥ.
“Биирдэ улууска гостуруолга сылдьабыт. Артыыстары ыалларынан тарҕаталлар. Арай, миигин букатын ааттаабаттар, санаабар, кэтэһэ сатыыбын. Соҕотоҕун хаалан хааллым. Ыксааммын, кулууп үлэһититтэн ыйыттым. “Эйигин ким да ылыан баҕарбат”, - диэтэ. “Бай, ол тоҕо?” — олус соһуйдум. “Эйигиттэн куттаналлар”, - диир. Хайыай, кулууп үлэһитэ бэйэтин дьиэтигэр илтэ. “Олох да кимнээҕэр сымнаҕас, көнө киһи эбиккин дии!” — диэн буолбута. Бу Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын, киинэ артыыһа Георгий Бессоновы кытта суруналыыс Ангелина Васильева кэпсэппитин холобурдаатым. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…