Салгыы
“Саха сирэ” хаһыакка бүгүн тугу ааҕыахха сөбүй?

“Саха сирэ” хаһыакка бүгүн тугу ааҕыахха сөбүй?

20.09.2024, 10:02
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү бээтинсэтээҕи нүөмэрэ олох киһи ааҕа олоруох интэриэһинэй ис хоһоонноох.

“Быйыл от үүнүүтэ мөлтөх, хата, ыраах сирбит оттоох  буолан абыраата. Суолбут-ииспит ыарахан. Ону баазалаах буолан, кыһын эрдэ уматыкпытын таһаарабыт. Быһата, барытын эрдэттэн эрдэ дьаһаннахха эрэ кыайаҕын. Мобильнай биригээдэлэргэ бастайааннай үлэлиир дьоҥҥо харчыларын эрдэ быһаараллара буоллар, бэрт буолуо этэ. Билиҥҥитэ тугу да ыла иликпит. Дьэ, биэрдэхтэринэ, отчуот бөҕө буолуо. Үбү-харчыны эрдэ тутарбыт буоллар, уматык эҥин атыылаһарга көмөлөөх буолуо этэ. Аймахтарбыныын сэттэ ыалы сыл тахсар отунан хааччыйарбытын таһынан, нэһилиэк атын ыалларын сайаапкаларын толоробут”, диэн суруналыыс Женни Стрюкова мобильнай биригээдэлэр үлэлэрин бүгүҥҥү ырытыытыгар ким маннык кэпсээбитин бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.

“Балаҕан ыйын саҕаланыытыгар социальнай ситимнэргэ быйылгы үөрэх дьылыгар бастакы кылааска киирэр оҕолор ахсааннара улуустарынан тарҕаммыта. Үгүстэр ону курус көстүү диэн ааттаабыттара. Бу саха омук уутуйан олорор улуустара буолаллар” — бу маннык ырытан саҕалыыр бэйэтин “Тыа сириттэн көһүү, оттон төттөрү төннүү…” диэн сытыы матырыйаалын суруналыыс Антонина Эверстова ааҕыҥ. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

“1942 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кырдьан, сааһынан хапсыбатах уонна инбэлиит оҕонньоттор 100-чэкэ сүөһү турар холхуос хотонун иккиэ буолан туппуттара, биллэн турар, билигин өтөхсүйэн, алдьанан-кээһэнэн турар. Мин сылдьар кэммэр Николай Баишев-Бойцов аймахтарын кытта ол эргэ хотону 80-тан тахса сыл буолан баран сөргүтэн, быйылгы кыстыкка атын хотоннорго баппатах сүөһүлэрин киллэрээри, үлэ-хамнас буолан түбүгүрэ сылдьаллара. Бу хотонун туттаары Бойцов «Дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыы” граныгар тустаах министиэристибэ куонкуруһугар киирсэ сатаабыт да,  хапсаахтаабатах. «Барыта бааллынан ааҕыллар эбит. Ол онно тыа сирин дьоно, чуолаан  боростуой пиэрмэр балл хомуйара уустук эбит. Ол иһин ыксаан быйыл 150-чэкэ сүөһүнү кыстатаары бэйэбит күүспүтүнэн бу эргэ хотону саҥардан эрэбит” диэн тыа сирин олохтооҕун бүгүҥҥү кыһалҕатын туһунан суруйуубун бээтинсэтээҕи хаһыакка ааҕыҥ.

“Кэнники кэмҥэ саха дьоно Владивосток куоракка элбэхтик сылдьар, сынньанар буоллулар. Саха оҕолоро Уһук Илиҥҥи федеральнай университет аһыллыаҕыттан, хото киирэн, үөрэнэллэр. Ол эрээри, ис-иһигэр киирдэххэ, хайдаҕый? Сибэккинэн симэммит аллеялар, үрдүк күөх мастар, күрүлгэннэр, кыһыл балыктар, кустар уста сылдьар көлүйэлэрэ — кампус кэрэ саад быыһыгар турар. Устудьуоннар олорор уопсайдара гостиница курдуктар, бэл, муостатын сууйан биэрэллэр. Хосторго устудьуоннар иккилии-үстүү буолан олороллор. Этэргэ дылы, күнүс үөрэнэн баран, киэһэтин муораҕа тахсан сөтүөлүүллэр, серфинныыллар. Дьэ, омос көрдөххө, маннык үчүгэй усулуобуйалаах үөрэх кыһатыгар киһи тоҕо таласпат буолуой? Ол эрээри, ис-иһигэр киирдэххэ, “ноолоох” эбит…” диэн  суруналыыс Ангелина Васильева тоҕо бэлиэтээбитин  сиһилии бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

Бу күннэргэ Хаҥалас улууһун 1-кы Малдьаҕар нэһилиэгин күнэ бэрт уратытык саҥалыы тыыннанан ыытыллынна. Икки күн устата барбыт тэрээһин олохтоохтор өйдөрүгэр-санааларыгар көр-нар эрэ быһыытынан буолбакка, кинилэр инники олохторо, кэскиллэрэ хайдах былааннаахтык түстэнэригэр тиийэ  толкуйу үөскэттэ.

Мунньах биир сонун көрүҥүнэн “стратегическай сиэссийэ” буолла. Сүүрбэччэ мүнүүтэ иһигэр кыаллыбат боппуруостары уонна сайдыы үчүгэй өрүттэрин, кэскиллээх былааны дьүүллэстилэр. Ол онтон доруобуйа харыстабылыгар туһаайыллыбыт боппуруостар манныктар: “балыыһаҕа исписэлиис, лаборатория, дьиэ кэргэн бырааһа, чөл олоҕу тутуһууга анал бырагыраама наада”. Онуоха дьонун-сэргэтин санаатын истэн баран баһылык Айталина Васильева: “Эмиэ “наада” диэн тылы эрэ туттубуккут. Олох соторутааҕыта эрэ сүбэлэспиппит дии – бу тылы умнабыт уонна “тэрийэбит, ыытабыт, оҥоробут” диэн тыллары туттабыт диэн. Нэһилиэк күнүгэр бу уонна ханнык суолталаах боппуруостар көрүллүбүттэрин туһунан суруйуубун хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр ааҕыҥ.

“Өстөөхтүү сыһыаннаах икки ыал хаһан эрэ бэйэ-бэйэлэрин өйдөһүөхтэрэ, бырастыы гынсыахтара дуо? Оҕолорун иитиитигэр сөптөөх суолу булуохтара дуу эбэтэр эр киһи күүһүн-уоҕун өрө тутуохтара дуу? Домох (притча) тылынан кэпсиир киинэ афишатыгар «Үтүө санааны мөлтөх буолуу курдук ылыныма» диэн этии хас биирдиибитигэр туһуланарга дылы” диэн “Чума” киинэни суруналыыс Надежда Егорова ырытта. Өскө бу киинэни көрө илик буоллаххытына, бастаан бу ырытыыны хайаан да ааҕаргытыгар сүбэлиибин. Бу киинэни ох курдук бэлэмнээх эрэ киһи көрүөн наада.

“Туораттан хайдах атын сиртэн олорон эрэ учуутал хайдаҕын-тугун, хас сыл ыстаастааҕын эҥин билбэккэ эрэ куоластыахха сөбүй? Айыбыын, аныгы дьон адьас телепатия көмөтүнэн быһааран эрдэхтэрэ. Аныгы олох сиэринэн блогердар эҥин барытын быһаараллар дииллэр. Кинилэр аҕыйах этиинэн тугу эрэ эппиттэрин адьас сокуон курдук ылынар буолбуттар үһү. Ол блогердарга, баҕар, хайгыылларыгар харчы төлүүр эҥин буолаайаллар…”. соторутааҕыта настаабынньык учуталлары куйаар ҥөҥүө куоастаабыттарын туһунан Биэтэс Билээхэп тугу суруйда? Ааҕыҥ, сэргээҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: