“Саха сирэ” хаһыакка бүгүн тугу ааҕыахха сөбүй?

Share

Быйыл хас даҕаны улууска ойуур баһаара дьон олорор сиригэр чугаһыы сырытта.

Ойуур баһаара Алдан улууһун Кутана нэһилиэгин аттыгар 3 килэмиэтирдээх сиргэ кэлэн  суоһуу сылдьыбытын бу сайын элбэхтик иһиттибит-көрдүбүт. Бу улахан баһаары умуруорууга, дэриэбинэни уоттан быыһааһыҥҥа «Якутлесресурс» тэрилтэ үлэһиттэрэ быһаччы сыһыаннаахтар. Уоту кытары охсуһааччылар сатабыллаах үлэлэрин чаҕылхай холобурунан буолла. Идэтийбит баһаарынайдар уонна олохтоохтор хас да нэдиэлэ устата уоту утары охсуспуттарын туһунан суруналыыс Сайаана Львова “Саҥа кэм дьоруойдара: Кутана хайдах быыһаммытай?” диэн матырыйаалыгар ааҕыҥ.

Үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова сүрүн дакылаатын “оччо үөрэнээччи баар”, “бачча оскуола аһыллыаҕа” диэн кураанах сыыппараларынан добдугураппакка, үөрэх үлэһиттэрин мунньаҕын тиэмэтигэр итиэннэ өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, үөрэх бары таһымынан оҥоһуллубут анаалыс түмүгүнэн билиһиннэрбитэ сэргэх. Быыһыгар ситиһиилэри, доҕолоҥнуур түгэннэри даҕаны ыйда” диэн суруналыыс Людмила Попова үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньахтарын сиһилии ырыппыт “Үөрэх – суолталаах инвестиция” матырыйаалыттан үгүһү билиэххит.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ходоро нэһилиэгэр Эбэ диэн 200 га иэннээх киэҥ алааска улуустааҕы үгэс буолбут «Ходуһа хоһууттара» күүлэй буолан ааста. Тэрээһин Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үс сыллаах Тыа хаһаайыстыбатын, Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларын чэрчитинэн ыытылынна. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бу тэрээһин сыл аайы улуус нэһилиэктэрин уларыта сылдьан ыытыллар. Ол курдук, улуустааҕы күүлэй былырыын Хорообукка ыытыллыбыт буоллаҕына, быйыл Чүүйэҕэ буолла. Тэрээһин кэнниттэн араас улуустан хас да кыттааччыны кытта кэпсэттим. Кинилэр бары чүүйэлэр тэрээһиннэрин үрдүк таһымҥа ыыппыттарын бэлиэтээтилэр. «Ол туохха ордук көһүннэ?» диэн ыйыппыппар, бары биир киһи курдук «ыалдьытымсахтарыгар!» диэн эппиэттииллэр. Кырдьыга даҕаны, биир эбиэккэ миин үс көрүҥүнэн күндүлүүр хаһаайын баара буолуо дуо? Дьэ, онон Ходоро нэһилиэгин баһылыга Виктор Федоровы кытта кэпсэтиибитин бүгүҥҥү хаһыакка “Чүүйэ күүлэйэ уос номоҕор киирдэ” диэн матырыйаалбар ааҕыҥ.

Мантан күһүн тимир көлө сыаната хайдах-туох салаллыан сөбө үгүс дьону интэриэһиргэтэр буолуохтаах. Ону билээри, бу күннэргэ Дьокуускай куораттааҕы тимир көлө атыытын ырыынагар тиийэ сылдьан, “Саха сирэ” хаһыат бэрт элбэҕи көрбүтүн-истибитин “Массыына атыыта аҕыйаата” диэн матырыйаалыгар ирэ-хоро сырдатта. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ быылга араас хартыына ойууламмыт хаартыскалара хото тарҕаммыттарын бары да бэлиэтии көрдөххүт.  Мин норуоттан тахсыбыт талааннары сурукка тиһэрим быһыытынан, бу уруһуйдары эмиэ хараҕым далыгар “хатаабытым”. Сотору буолан баран, наадыйар төлөпүөнүм нүөмэрин булан, “быыл уруһуйдьутугар” эрийдим. Нам улууһугар олорор айылҕаттан айдарыылаах талааннаах уруһуйдьут Григорий Замятин туһунан “Быылтан хартыына оҥорор уруһуйдьут” матырыйаалбыттан  кини туһунан  үгүһү билиэххит диэн эрэнэбин.

Моонньоҕон ыраастыы олордохпуна, арай үрдүбэр туох эрэ дыыгыныыр. Онтум олбуорум үрдүнэн олох аллараанан коптер көтө сылдьар. Маннык балаһыанньаҕа үгүс дьон түбэспит буолуохтаах. Чааһынай олбуорбар миигин коптерынан устар бырааптаахтар дуо? диэн суруналыыс Ульяна Захарова “Коптеры көтүтэн көрүлүүллэр…” диэн сытыы матырыйаалыгар ырытыытын ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Үүнээри турар ыйга сыаната үрдүөҕэ, ипотекалаах дьиэни баана суох бэйэҥ атыылыыр кыахтаныаҥ уонна да атын биһиги олохпутугар сабыдыаллыыр уларыйыылар кэтэһэллэр. Бу туһунан суруналыыс Антонина Эверстова “Балаҕан ыйын 1 күнүттэн туох уларыйыылар киириэхтэрэй?” матырыйаалыгар сиһилии быһаарыыта үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.

Быйыл Туймаада ыһыаҕар «Саха сирэ» хаһыат тэрийбит «Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт» куонкуруһугар Хаҥалас улууһун Өктөмүттэн Фоминнар дьиэ кэргэн ансаамбыллара көлүөнэнэн тахсан, үгүс көрөөччүнү үөрдүбүттэрэ. Мин бу ыалы бары кыттааччылартан ойуччу тутан бэлиэтии көрбүтүм. Үс көлүөнэ ыал маанытык сахалыы таҥнан, төгүрүччү туран, ыллыы киирээри долгуйа тураллара – ураты көстүү этэ. Кинилэр миэхэ ол түгэҥҥэ олус да сырдаан көстүбүттэрэ. Бүгүҥҥү хаһыакка “Ырыа куттаах Хаҥалас Фоминнара” ыстатыйабын ааҕааччы кэрэхсииригэр эрэнэбин.

Бэҕэһээ күөлбүтүттэн уу баһа киирбиппэр, көҕөттөр бэйэлэринэн тахсан биэрдилэр. Моонньуларын уһата-уһата ас көрдүүллэр быһыылаах. Булчут хааным оонньоон, икки куһу сүнньүлэрин булгу эрийбиппин бэйэм  да өйдөөбөккө хааллым ээ, – алларастаан инники көмүс тиистэрэ күлүмүрдэстилэр. Сүүскэ бэрдэрбит курдук, тута санаам алдьанан, эдэр, кыахтаах эрдэҕинээҕим эбитэ буоллар, күлүмүрдэс көмүс тиистэргин туура саайыам этэ диэн кыйаханан, кэлэйии бөҕөнү кэлэйэн туора хаамтым” диэн Биэтэс Билээхэп туохтан маннык кэлэйбитин  бээтинсэтээҕи хаһыаттан билиэххит.

Дьэ, ити курдук, “Саха сирэ” хаһыат үгүс кэрэхсэбиллээх матырыйаалларын киһи кэпсии олоруох курдук. Хайаан да бүгүҥҥү хаһыаты булан ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

10 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

11 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

12 часов ago