«Саха сирэ» хаһыакка бүгүн тугу ааҕыахха?

Share

Бу күннэргэ Өлүөхүмэ улууһа уустук балаһыанньалаах, манна уот биэс нэһилиэк аттыгар ыкса кэлэн турар.

Быйыл Өлүөхүмэ улууһа айылҕа улахан тургутуутун ааһан эрэр. 2021 с. Горнай улууһун  иэдээнэ хатыламматар ханнык. Үөһээ Бүлүү улууһугар эмиэ соччото суох балаһыанньа үөскээтэ. Күн аайы биирдии-иккилии баһаар тахсара бэлиэтэнэр. Улуус социальнай ситимнэригэр күн аайы баһаарга ыҥырар биллэриилэр быыстала суох тахсаллар.  Улахан баһаардар Алдан оройуонугар Кутана сэлиэнньэтин аттыгар 10 км, оттон Кэбээйи улууһугар Арыктаах сэлиэнньэтиттэн 9,2 км сиргэ бааллара биллэр. Күн аайы ууну үөһэттэн кутар сөмөлүөттэр Өлүөхүмэ, Мииринэй уонна Алдан баһаардарыгар үлэлииллэр. Сиһилии ойуур баһаардарын туһунан суруналыыс Сайаана Львова ырытыытын ааҕыҥ.

Ил Дархан бирииһигэр XX үбүлүөйдээх ат сүүрдүүтүгэр Дьокуускайтан Йортен диэн сүүрүүк ат кыайыытын үгүстэр “соһуччу сенсация” диэн ааттаабыттара.

“Саҥа кэлбит аттар күүстээхтэр этэ, онтон сэрэхэчийбитим. Күрэстэһээччилэргин билэр буоллаҕыҥ, ким хайдах-­туох бэлэмнээҕин үөрэтэ сылдьаҕын.  Улахан сүүрдүү хаһан баҕарар өрө күүрээннээх, үгүс толкуйу, кытаанах ньиэрбэни эрэйэр. Эрдэттэн тактика оҥороҕун.  Сүүрдэн иһэн, дьэ, ухханыҥ уһуктар. Атыҥ эмиэ кыа­йыан баҕарар, туох баар күүһүн түмэн сүүрэр. Ол иһэн, аттар иһэр балаһыанньаларын хонтуруоллаан, тактикаҕын үлэлэтэн, наада буоллаҕына, уларытан, толкуйдуу иһэҕин” диэн санаатын суруналыыс Ангелина Васильеваҕа сайа эппит жокей кимин бүгүҥҥү хаһыакка хаһыаттан билиэххит.

“Хомойуох иһин, диирбитигэр тиийэбит, биһиги эрэгийиэммитин түөкүттэр атаакалыыллара тохтообот. Оччо айылаах баайбыт эбитэ дуу диэххэ айылаах. Түөкүттэр буулуур сирдэринэн ордук Дьокуускай, Нерюнгри, Мииринэй, Алдан уонна Ленскэй, Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Мэҥэ Хаҥалас, Өймөкөөн, Нам улуустара буолаллар. Быйыл алта ый иһигэр түөкүттэр Саха сирин олохтоохторуттан 518 мөл. тахса солк. Уордулар” диэн бэлиэтиир бэйэтин матырыйаалыгар суруналыыс Антонина Эверстова. Бу матырыйаалы хайаан да булан ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

“Бу күннэргэ Сунтаардааҕы «Татыйыына» тэрилтэ туһунан суруйбуттара социальнай ситиминэн тарҕанна. Онно маннык суруллубут: «Мин манна ыанньыксыттыыр буоллум. Ыйга хамнастара 120 тыһыынча. Ынахпын киллэрэн, аһылыгын кутан, синньин сууйан биэрэллэр. Мин доильнай аппарааты кэтэрдэбин эрэ. Үүтэ бэйэтэ сүүрэр. Молоковоз кэлэн илдьэ барар. Тугу да сүкпэппин-көтөхпөппүн даҕаны. Ньирэй көрөөччү эмиэ атын. Аһылыгым бэлэм, таҥаһым бэлэм, дьиэм бэлэм. Үлэлээ эрэ. Дьэ, маннык усулуобуйаҕа кимнээх үлэлии сылдьаллара буолуой. Правильно. Омуктар, узбектар дуогабарынан кэлэн үлэлии сылдьаллар. Эрэйи көрө сатаан баран, омуктары аҕалар буолбуттар үһү. Сахалар үлэлэлээтэхтэринэ, бастакы абаансаҕа эрэ диэри үлэлииллэр үһү».  Социальнай ситим бөлөхтөрүн аайы кырдьык оннук буолуо дуу диэн толкуй бөҕөҕө түстүлэр, бары да хотоҥҥо үлэлии барыах курдук гыннылар. Суруналыыс киһи булан, кэпсэтэн суруй диэн сорудахтаатылар. Хас да күнү быһа эриһэн, «Татыйыына» тэрилтэ салалтатын кытары кэпсэтэ сырыттым”, – диэбит суруналыыс Сайаана Львова бүгүҥҥү хаһыакка бэйэтин матырыйаалыгар салгыы кэпсиэҕэ.

Баһаартан сылтаан баай-дуол сүтэр,  мэлийэр түбэлтэтигэр маннык көмөлөр оҥоһуллаллар. Бүгүҥҥү хаһыакка  баһаартан сылтаан баай-дуол сүтэр, мэлийэр түбэлтэтигэр хайдах көмө ылар туһунан ааҕыҥ.

Куонкуруска Арассыыйа уонна Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо кытталлар. Ирдэбил быһыытынан 10 саастан ыла кыттыахха сөп. 18 сааһын туола илик ыччат төрөппүтүттэн эбэтэр сокуоннай бэрэстэбиитэлиттэн көҥүл сурук ылар.  Дьүүллүүр сүбэҕэ 2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн 2024 сыл ахсынньы 30 күнүгэр диэри сылдьыбыт айаны устан ыытыахтаахтар. 3 мөлүйүөн солкуобай бириистээх туох куонкурус буоларын бээтинсэтээҕи “Саха сирэ” хаһыат кэпсиэҕэ.

“Индюктар наһаа элбэҕи аһыыллар. Күҥҥэ үстэ-түөртэ аһатабыт. Дьиэ таһыттан олох арахпаттар. Түргэн баҕайытык улааталлар. Ол эрээри биһиги ньирэйдэри көрөрбүтүн быдан ордоробут” диэн кимнээх маннык ис хоһоонноохтук суруналыыс Женни Стрюкованы кытта кэпсэттилэр? Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтата, Сунтаар бибилэтиэкэлэрин кииннэммит ситимэ сыл аайы тэрийэн ыытар «Сунтаар миигин ыҥырар» ырыа-хоһоон түһүлгэтэ быйыл Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Эдуард Дмитриевич Соколов-Тулусхан төрөөбүтэ 80 сылыгар ананна. Бу туһунан суруналыыс Надежда Егорова матырыйаалыттан билиэххит.

Ксениябын аан бастаан кулуупка көрбүтүм. Оччолорго Маҥаны нэһилиэгэр ыччат лиидэринэн Эраида Капитонова үлэлиирэ. Кини миигин “ыччаттарбытын күрэскэ бэлэмниибит, онно көмөлөһө кэлээр” диэн ыҥырбыта. Болдьоммут кэмҥэ оҕолор кэлэн испиттэрэ. Арай хайдах эрэ уратытык туттан, биир симик баҕайы кыысчаан сандааран киирэн кэлбитин бэлиэтии көрдүм. Санаабар, кулууп сырдыы түспүт курдуга.  Ити курдук, кэргэним буолуохтаах кыыс аан бастаан мин олохпор көстүбүтэ…” – диэн кэпсиир дьоллоох ыал аҕата. “Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү дьлоруойдара Өймөкөөн улууһун Сордоҥнооҕуттан төрүттээх  Алексей  уонна кини кэргэнэ Горнай Маҥатынын төрүт олохтооҕо Ксения Вензеллэр тустарынан Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылынан тахсыбыт матырыйаалы ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

10 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

11 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

12 часов ago