«Саха сирэ» хаһыат айар ымыылара
2023 сыл устуоруйаҕа хаалан, Айыыһыт сылыгар үктэнэн, бу күннэргэ 2024 сыллааҕы барыллары торумнуур уонна ырытар кэммит. Ол сиэринэн, Бэчээт күнүн көрсө кэллиэгэлэрбиттэн, «Саха сирэ» хаһыат үлэһиттэриттэн, ааспыт сыл хайдах ааспытын уонна үүммүт сылтан тугу күүтэллэрин ыйыталастым.
“БИҺИГИ КЫАЙЫАХПЫТ!”
Уопуттаах суруналыыс Александр Тарасов «Саха сирэ» хаһыат уонна саайт кылаабынай эрэдээктэрин дуоһунаһыгар ананан, эппиэтинэстээх муоһаны тутан, ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Ааспыт сыл айар үлэлээх салайааччыга үгүс бэлиэ түгэннэри уунан, бэлэхтээн барда. “Сааһыары Чечен Өрөспүүбүлүкэтигэр Гудермес куоракка Арассыыйатааҕы спецназтары үөрэтэр университекка военкор кууруһугар үөрэммитим. Салгыы от ыйыгар Украинаҕа Запорожье эргин тиийэн, буола турар балаһыанньаны уонна Саха сириттэн сылдьар биһиги байыастарбыт хайдах-туох сулууспалыы сылдьалларын илэ харахпынан көрөн, билсэн кэлбитим. Сулууспалыы сылдьар уолаттары кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэн баран, баар балаһыанньаны хаһыаппар уонна саайтпытыгар сырдаппытым. Уопсайа 15-тэн тахса матырыйаалы бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбытым ааҕааччы сэҥээриитин ылбыта. Билигин биири эрэ бэлиэтиибин – биһиги бары биир санаанан салайтаран, өссө сомоҕолоһуох тустаахпыт. Оччоҕо – кыайыахпыт!” диэн санаатын үллэһиннэ хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ.
ЭЛБЭХ ҮӨРҮҮНҮ БЭЛЭХТЭЭТЭ
Хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччы Анивера Акимова төһө да үлэ, дьиэ түбүгэр сырыттар, хас биирдии сыла уратытык уонна хатыламматтык ааһар. «Онон, ааспыт сыл, өрүү буоларын курдук, элбэх үөрүүнү, умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтэ. Ол курдук, тус бэйэбэр үбүлүөйдээх сыл ааста. Дьиэ кэргэммитигэр ситиһиибит диэн, былырыын саас оҕобут алын сүһүөх кылааһы бүтэрэн, бу күһүн бэһис кылааска таҕыста. Пандемия кэнниттэн дьэ өр кэтэһэн-күүтэн, оҕобун кытта Кытайга баран кэллибит», – диэн кэпсиир Анивера Андреевна.
Үүммүт сыл «барыта этэҥҥэ буолуо…» диэн бүк эрэнэн туран, суруналыыс «Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сыллара биллэриллэн, оҕолоох ыалларга судаарыстыбаттан көмө, өйөбүл өссө күүһүрүө, болҕомто улаатыа диэн эрэллээхпин. Үүммүт сыл дойду бэлиитикэтигэр улахан быһаарыылаах сыл – дойду Аҕа баһылыгын талабыт» диэн бэлиэтиир.
СИТИҺИИНИ КЫТТА СИЭТТИҺЭН
«Саха сирэ» саайт эрэдээктэрин солбуйааччы Айтана Аммосова ааспыт сыла ситиһииттэн саҕаламмыта. «Леонид Левин аатынан бириэмийэни Бэчээт күнүгэр туппутум. Онтон суруналыыстар «Уһун Дьурантаайы» өрүспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарыгар бастаабытым. Онон үлэм бэлиэтэммититтэн уонна сыаналаммытыттан олус үөрэн сылдьабын. Омук сиригэр сынньана барыахпын баҕарбытым да, кыаллыбата. Ол да буоллар, кыһын Кемеровоҕа «Азия оҕолоро» оонньууларын сырдата бара сылдьыым – биир умнуллубат кэм. Баҕа санаабын толорон, дьүөгэбин кытта соһуччу Санкт-Петербург куоракка күүлэйдээн кэлбитим», – диэн ситиһиилээх сылын суруналыыс үөрэ-көтө кэпсиир. «Үүммүт сылга былааным элбэх. Ол эрээри ыһа-тоҕо кэпсии сылдьарбын сөбүлээбэппин. Миэнэ үксэ соһуччу уурбут-туппут курдук табыллан хаалааччы», – диэн бэлиэтиир Айтана Аммосова.
ДЬОҺУННААХ СИТИҺИИ
Быйыл хаһыатчыт буолбута лоп курдук 40 сылын бэлиэтиир Иван Ксенофонтов-Силиги ааспыт сылга өр сыллаах айымньылаах үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта –
В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатынан буолбута. «2023 сылы айар үлэбэр биллэр ситиһиилэрдээх түмүктээбиппинэн астынабын. Ааспыт сайын хас да сыллаах үлэбин үмүрүтэн, саха суруналыыстыката, нассынаалынай бэчээт бүтүн үйэни куоһарар устуоруйатын, хас эмэ уонунан сылларга атаҕар туран, сайдан кэлбит түһүүлээх-тахсыылаах суолун, онуоха бэйэлэрин үтүмэннээх кылааттарын киллэрбит аҕа көлүөнэ суруналыыстар, хаһыатчыттар айбыт-туппут суолларын кэрэһилиир ахтыылар, ыстатыйалар, дьүһүйүүлэр, уочаркалар түмүллэн киллэриллибит “Хаарыан дьоннор, хаһыатчыттар…” диэн хомуурунньук кинигэни бэлэмнээн, суруйан таһаартарбытым. Хаан-уруу эрэдээксийэм кэлэктиибэ, “Сахамедиа” холдиммыт салалтата, суруналыыстар Саха сиринээҕи тэрилтэбит өйөбүл-тирэх буолбуттарыгар, айар үлэбин өрүү үрдүктүк сыаналаан өйүүллэригэр махтанабын», – диир саха суруналыыстыкатын киэн туттуута Иван Ксенофонтов-Силиги.
ОЛОХ ҮӨҺҮГЭР
Бэлиитикэ тиэмэтигэр хорутуулаахтык суруйар Сайаана Львова ааспыт сылга олоҕу кытта тэҥҥэ киэҥник хардыылаата. Ол курдук, суруналыыс: «Үлэм сүнньүнэн Ил Дархан, норуот дьокутааттарын быыбардарыгар, ону таһынан муниципальнай таһымнаах быыбардарга таһаарыылаахтык үлэлээтим. Саас хаһыаппытыгар сурутууну ыытыы чэрчитинэн Горнай улууһугар сылдьан, «Уорааннаах» диэн турбаазаҕа путевка сүүйэн, кэрэ айылҕалаах Сиинэҕэ сынньаммытым. Айаным аартыга арыллан, Өлүөнэ очуостарыгар, онтон Буотамаҕа сылдьыбытым. Саҥа дьылы ылар түүн аан бастакынан, эйэлээх олох эргиллэригэр, кыайыы өрөгөйдүүрүгэр баҕа санаабытын эппиппит. Бырааттарым, доҕотторум төрөөбүт дойдуларыгар кыайыы көтөллөөх этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабын. Ону тэҥэ чугас дьонум олохторугар ситиһии-табыллыы эрэ аргыстаһарыгар баҕарабын. Сотору кэминэн нус-хас, уйгулаах олох кэлиэ диэн эрэнэбин», – диэн санаатын үллэстэр.
АЙАН АРГЫСТААХ
Тыа хаһаайыстыбатын уонна олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын тиэмэлэригэр суруйар Женни Стрюкова билбэт боппуруоһа диэн суох. Уоппуска кэмигэр бу суруналыыһы Саха сириттэн булбаккын – бэрт эрдэттэн бэлэмнэнэн, киһибит муораҕа хайаан да тиийбит буолар. Кини ааспыт сылы эмиэ «бэрт сэргэхтик ааста» диэн бэлиэтиир: «Сайын Киргизияҕа Иссык-Кульга сынньанным. Күһүн балтыбын кытта Камчатка хайатын дабайдыбыт, вулканнары кэрэхсээтибит, Тиихэй акыйаан кытылыгар испэктээк көрдүбүт. Онтон дойдубар Чокуурдаахха тиийэн, балыктастым», – диэн кэпсиир. «Үүммүт сылга тугу да былааннаабаппын, бэйэтэ хайдах салалларынан буолуоҕа. Этэҥҥэ эрэ буолуоҕуҥ!» – суруналыыс Женни Стрюкова быйыл да дьиэтигэр тохтоон олоро түһэрэ саарбах.
КИНИГЭЛЭРИН АХСААНА ЭБИЛИННЭ
Суруналыыс Надежда Егорова, суруйааччы Намылы (ааспыт сыл Куобах сыла буолан эбитэ дуу) «дьоллоох түгэннэри бэлэхтээтэ» диэн «бэйэтин сылыгар» махтала улахан. «Ааспыт сылга «Айар» кинигэ кыһатыгар «Дьол хараҕа суох» уонна «Судьуйа аараан аартыктарынан» диэн икки кинигэм күн сирин көрдө, сүрэхтэниилэрэ буолан аастылар. 2023 сыл ыраах айаннартан саҕаламмыта. Ол курдук, Чурапчы улууһугар СӨ Култууратын күннэригэр сылдьыыбыттан саҕалаан, Өлүөхүмэҕэ уонна ыра санаам буолбут Өймөкөөн улууһугар Олоҥхо ыһыаҕар айаннаан тиийиим — суруналыыс киһиэхэ саҥа аартыктары арыйбыттара. Өссө биир махталлаах уонна умнуллубат түгэнинэн суруналыыстар бөлөхтөрүн сэттис пресс-тууругар кыттыһан, Узбекистан курдук остуоруйа дойдутугар баран күүлэйдээтим», – диэн санаатын үллэстэр Надежда Егорова. «Үүммүт сыл сахаларга Айыыһыт сыла буоларынан, олохпут сыыйа-баайа оннугар түһүөн, байыаннай дьайыы бүтэн, ийэ, кэргэн, оҕо хараҕын уута тохтумуон, бары чөл туруктаах буоларбытыгар баҕарабын», – диэн баҕа санаалаах сырдыгы саҕар айылгылаах суруналыыс.
БЫЛААН ҮГҮС
Үөрэх салаатыгар айымньылаахтык үлэлиир, сонун сүүрээннэринэн тиэмэтин өрүү байытар Людмила Поповаҕа 2023 сыл биллибэккэ элэҥнээн ааста. «Ааспыт сылга оҕобут баҕалаах үөрэҕэр киирэн, этэҥҥэ үөрэнэ сылдьарыттан ордук төрөппүккэ туох баар үһүө! Быйыл былаан үгүс. Кыралаан олохпор уларытыы киллэриэхпин баҕарабын. Төлөпүөҥҥэ, гаджекка олус элбэх бириэмэбитин халтай ыытабыт. Саҥа дьыл бырааһынньыгын эрэ иннинэ араас оонньуулары атыыласпытым, уһун сынньалаҥ кэмигэр дьиэ кэргэнинэн оонньоон саҕалаатыбыт. Бу үгэскэ кубулуйдар бэрт этэ. Үүммүт сыл хайаан даҕаны эргиччи табыллыылаах, үтүө сыл буолуо диэн эрэнэбин», – диэн санаатын үллэстэр суруналыыс.
БУ БАРЫТА – КИНИ СИТИҺИИТЭ!
Хаһыат «Саха ыала» сыһыарыытын хаһаайката Ангелина Васильева ааспыт сыллааҕы бэлиэ түгэннэрэ биһиги харахпыт далыгар ааста. «Сахалыы дьыктаан», «Уһун Дьурантаайы» суруналыыстар күрэстэригэр, «Өркөн өй» оонньууга кыайыы тосхойбута. Сыл бүтүүтэ меценат Руслан Федотов олохтообут оҕо литэрэтиирэтигэр күрэскэ бириискэ тиксэн, кинигэм бэчээттэнэр буолла. Биир ситиһиинэн оҕом үөрэххэ киирбитэ буолар», – суруналыыс, суруйааччы айымньылаах, ситиһиилээх олоҕун туһунан маннык бэлиэтиир. «Үүммүт сылга бэйэни сайыннарыыга, айар үлэҕэ, чэгиэн буоларга, дьону кытта алтыһыыга болҕомтобун уурар санаалаахпын. Айар дьоҕур аҕыс араҥатын арыйан, барытын боруобалаан, тургутан көрөн, айар алып арыллан иһэр», – диэн баҕа санаатын үллэстэр кэллиэгэбит.
АЙАР ҮЛЭ АЛЫБА
Ааспыт сыл айар үлэ алыбар ылларбыт Сардаана Баснаеваҕа олоҕор олус суолталаах түгэни бэлэхтээн ааста. Киниэхэ “СӨ үтүөлээх суруналыыһа” бочуоттаах аат иҥэрилиннэ. “Эдэр саас” ыччат хаһыата 30 сылын туолуута – суруналыыс айар үлэтин эмиэ биир бэлиэ түгэнэ. “Ыччат хаһыатын 1-кы нүөмэрин толкуйдуу, оҥоро, бэчээттии олорорбут аҕыйах сыллааҕыта курдук этэ. Оччотооҕу хаһыаппыт барахсаны билигин да дьон күндүтүк ахтарыттан-саныырыттан үөрэбин. Хаһыаппар “Сэдэх эспэнээттэр” бырайыагы толкуйдаан олоххо киллэрбитим, ол үлэбин салҕыам, онтон да атын толкуйдар бааллар. 2024 сылга барыта этэҥҥэ буоларыгар баҕарабын“, – диэн бэлиэтиир СӨ үтүөлээх суруналыыһа Сардаана Баснаева.
СИЭННЭР, УЗБЕКИСТАН, МЭТЭЭЛ
Хаһыат кэриэктэрэ Ангелина Данилова кырачаан сиэннэрэ Мииринэйтэн кэлэ сылдьан “Туймаада” ыһыаҕар тэҥҥэ оһуохайдаһан, соһуппуттар даҕаны, үөрдүбүттэр даҕаны. Сахалыы тыыннарын илдьэ сырытталлар ханнык диир. «Күһүн кэргэмминиин түҥ былыргы устуоруйалаах Ташкент, Самарканд, Бухара куораттары илэ көрөн, умнуллубат үтүө өйдөбүлү ыллыбыт. Онтон сыл бүтүүтүгэр «Саха» НКИХ «Өркөн өй» биэриитигэр суруналыыс Ангелина Васильевалыын ситиһиилээхтик кыттан, кыһыл көмүс мэтээл кэтэр чиэскэ тигистибит. Үүммүт сыл биһиэхэ үгүс үөрүүнү, үтүө сонуннары аҕалыа диэн эрэнэ кэтэһэбин, дьоҥҥо-сэргэҕэ нус-хас олоҕу баҕарабын», – диэн санаатын үллэстэр Ангелина Данилова.
УМНУЛЛУБАТ ТҮГЭННЭР
“Саха сирэ” хаһыаты таҥааччы Кларника Гоголева дьиэ кэргэнин, тус олоҕун ааспыт сыл бэлиэ, дьоллоох түгэннэринэн байытта. Бу туһунан Кларника Николаевна маннык бэлиэтиир: “Кыра кыыһым эксээмэннэрин этэҥҥэ туттаран, орто оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрэн, сөбүлүүр үөрэҕэр киирэн, барыбытын үөртэ. Улахан кыыспыныын Турция муоратын сылаас уутугар сөтүөлээбиппит, Санкт-Петербург бэлиэ сирдэринэн күүлэйдээбиппит – умнуллубат түгэннэр. Аны бэйэм үбүлүөйбүн чугас дьоммун кытта бэлиэтээн, олус астынным. 2023 сыл араас эйгэлээх дьону кытта билиһиннэрдэ, алтыһыннарда. Үүммүт сылтан үтүөнү эрэ күүтэбин. Кылаабынайа, бука бары доруобай сылдьыахха, олоҕу таптыахха, кыраттан да үөрүөххэ уонна онтон дуоһуйуохха”.
СУОЛТАЛААХ СЫЛ
Суруналыыс Айаал Аргунов 2023 сылга Владивосток куоракка Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа кыттыыны ылбытын олоҕун бэлиэ түгэнинэн ааҕар. Быйылгы сылтан кини элбэх харчыны, атын дойдуларга айаны кэтэһэр эбит.
СЫТЫЫ ТИЭМЭ МААСТАРА
Ульяна Захарова ааспыт сылга саамай сытыы тиэмэлэри, олох бүгүҥҥү тирээн турар боппуруостарын дириҥник ырытан суруйда. Суруналыыс: «Ааспыт сылга миэхэ олус элбэх үөрүүлээх да, хомолтолоох да түгэннэр буолан аастылар. Олох диэн оннук буоллаҕа. Оҕом үөрэҕэр, дьарыгар ситиһиилэрэ ордук үөртэ. Үүммүт сыл истиҥник саныыр дьоммор барыларыгар үтүөнү эрэ тосхойуон баҕарабын. Чугас дьоммут этэҥҥэ сылдьаллара саамай улахан үөрүү дии саныыбын», – диэн бэлиэтиир.
САХА КИИНЭТИН БАСТЫҤ ЫРЫТААЧЧЫ
Быйылгы сылга саха киинэтэ дорҕоонноохтук ааттаныыта суруналыыс Егор Карповы кытта ыкса сибээстээх диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Ол да иһин суруналыыс баҕа санаата дьэҥкэ: «Саха киинэтэ таһымын үрдэтэн, ордук хаачыстыбалаах үлэлэри көрдөрүө диэн эрэнэбин. Уонна эйэлээх олохпут эргиллэрэ буоллар, атыны тугу да эрэйиэм суоҕа этэ». Нууччалыы тыллаах суруналыыс сахалыы суруйарга ылсыыта – атыттарга бастыҥ холобур. «Өссө даҕаны сахалыы суруйар дьоҕурбун сайыннара сатыыбын, сүрүн кыһамньы онно эрэ барар», – диэн бэлиэтиир кэллиэгэбит.
ҮЛЭ СЫЛА ҮТҮӨ ТҮМҮКТЭЭХ
Миэхэ тус бэйэбэр ааспыт сыл бэрт элбэх командировканы бэлэхтээтэ. Үлэ сылыгар Бүлүү, Амма, Нам, Горнай, Хаҥалас улуустарыгар сылдьан тыа сирин олоҕун, дьонун, төрөөбүт Өймөкөөммөр ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын, Аммаҕа ыытыллыбыт I адаптивнай успуорт спартакиадатын курдук улахан тэрээһиннэри киэҥник сырдаттым. Үлэ тэрилтэлэригэр сылдьан бэрт элбэх репортажтары оҥордум. Аны сыл бүтэһигэр хаһыаппар тус бэйэм сурутуу ыытан, ылыммыт былааммын аһара толоруум – бу эмиэ дьону кытта алтыһар үлэм ситиһиилээх түмүгэ. Онон тапталлаах үлэбин «хобби» курдук ылынан, онно ис дууһалыын ылларан, сыл түмүктэммитин билбэккэ да хааллым…
Дьэ, ити курдук, 2023 сыл «Саха сирэ» хаһыат айар кэлэктиибигэр бэлиэ суолу хаалларан, олохторун ис хоһоонун байытан, олус истиҥ өйдөбүлү хаалларда.
«Саха сирэ» хаһыат үлэһиттэрэ – дьоллоох дьоммут. Күннээҕи үлэбит бырааһынньык тэҥэ – дьону кытта алтыһыы, араас тэрээһиннэргэ сылдьыы, саҥаттан саҥаны билии. Олох үөһүгэр сылдьан баран, маны барытын сааһылаан, ырытан, ааҕааччыга тиэрдэн дьон махталын ылыы – тугунан да кэмнэммэт наҕараада. Түбүктээх үлэбитигэр өрүү ситиһии аргыстастын, күн аайы сырдык ис хоһоонноох сонун тиэмэбит элбии турдун, күндү биир идэлээхтэрим!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: