Бүгүн «Саха» НКИХ «Өркөн өй» биэриитин финалыгар «Эн эрэ» сэрийээл артыыстара уонна «Саха сирэ» хаһыат үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.
Ыытааччы Георгий Белоусов «»Дьэ, кимнээх кыайаллар?» диэн ыйытыытын хоруйун булаары бу киэһэ үгүс киһи тэлэбиисэрин иннигэр оллоонноон олорон, биэриини бүтэһигэр диэри көрдө.
«Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара бүгүн суруналыыстар ыһыахтарыттан кэлээт, «Өркөн өйгө» кытыннылар. Күрэстэһээччилэрэ эмиэ өй-мэй хаата дьон эбит. Онон тэҥнээхтэр күөн көрүстүлэр.
Георгий Белоусов бэлэмниир ыйытыктара киһини толкуйдатар эрэ буолбатах. Бу биэрииттэн элбэҕи билэҕин.
Икки тэҥнээх хамаанда күөн көрсүүлэрин түмүгэ биир буолан таҕыста — тэҥнэһии!
Ол эрээри оонньуу аата оонньуу — ким эрэ син биир кыайыахтаах буоллаҕа! Георгий Белоусов маныаха олох сөптөөх быһаарыыны ылынна — Саха сиригэр сыһыаннаах ыйытыылары биэрэн барда. Дьэ, манна «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара чорбойон таҕыстылар.
Түгэнинэн туһанан, Георгий Белоусов олох сөптөөх бэлиэтээһинин сөбүлүү ылыммыппыт этэн аһарыам этэ. «Дмитрий Коркин нуучча тылын учуутала буоларын саха киһитэ хайаан да билиэхтээх» диэн эттэ. Оннук. Сахалар биллиилээх дьоммут дьылҕаларын, олохторун устуоруйатын билэр эрэ буоллахпытына, Сахабыт сирин туһунан элбэҕи билэбит дии сананар буоллахпыт.
Өрөспүүбүлүкэ сүрүн хаһыатын үлэһиттэрэ төрөөбүт дойдуларын туһунан үгүһү билэллэрэ көһүннэ. Онон кыайыылаахтары быһаарыыга, ааттыын да «Саха сирэ», хаһыат аата дорҕоонноохтук ааттанна! Ил Түмэн дьокутаата, «Саха» НКИХ генеральнай дириэктэрэ, СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Олег Марков кэллиэгэлэрин үөрэн-көтөн кыайыыларынан эҕэрдэлээтэ.
«Өркөн өй» биэрии 2024 сыллааҕы 100 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээтэ «Саха сирэ» хаһыат икки Ангелинатыгар — Ангелина Даниловаҕа уонна Ангелина Васильеваҕа тигистэ, доҕоттор!
«Саха сирэ» хаһыат Ангелиналара Саха суруналыыстыкатын 65 сыллаах үбүлүөйүгэр дьоһуннаах бэлэҕи ууннулар.
«Сахамедиа» РИИХ улахан кэлэктиибэ, «Саха сирэ» хаһыат үлэһиттэрэ кэллиэгэлэрбитин ис сүрэхпититтэн дьоһуннаах кыайыыларынан истиҥник эҕэрдэлиибит. Өрүү бүгүҥҥүгүт курдук кыайыы уонна ситиһии эһигини кытта сиэттиһэ сырыттыннар!
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…