Салгыы
«Саха сирэ» хаһыат бүгүн интэриэһинэй матырыйаалларынан баай

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн интэриэһинэй матырыйаалларынан баай

29.11.2024, 11:21
Бөлөххө киир:

“Миэхэ, хаһан да сүөһү көрбөтөх киһиэхэ, биллэн турар, бастаан саҕалыырбар уустук этэ. Урут эдьиийбэр Төхтүргэ Дуунньа Холмогороваҕа оттоһор эрэ этим. Ынаҕы ыраахтан эрэ көрөр киһи этим буоллаҕа. Сатаан балбаах да оҥорбот эбиппин. Уустуктары көрсүү миэхэ эгэ эрэ. Ол кыаллыбатаҕына өрүтү быһаара эрэ сылдьан, үгүскэ үөрэнэр буолларым. Онон уустуктары анаан көрсө сатыыбын” диэн соторутааҕыта Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар хотон туттубут блогер Масаха Мэхээс үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсэппиппин ааҕыҥ.

Туризм сайдыытын стратегията 2030 сылга диэри туристар ахсааннарын үс төгүл элбэтиигэ туһуланар. Бу чопчу соругу ситиһэр туһуттан Саха сирин биэс зонаҕа араардыбыт: киин улуустар, соҕуруу, арҕаа, илин оройуоннар уонна Арктика улуустара. Хас биирдии зонаҕа туризм сайдыытыгар сыһыаннаах тосхолу торумнаатыбыт. Ол курдук, илин зонаҕа айан-суол өтүнэн сайыннарыыга болҕомто ууруллуоҕа. Манна адаар таас хайанан ааһар этиэхтэн кэрэ айылҕалаах “Халыма” федеральнай суолун устуоруйата кытта киирэр. Киин улуустарга, Горнайга уонна Хаҥаласка хонор сирдэрдээх турбаазалар бааллар. Онно турист олохтоох кафеларга сибиэһэй ородууксуйаны амсайар эрэ буолбакка, ынах ыан, дьиэ кыылларын аһатыан сөп. Онон тыа сиригэр туризмы сайыннарыыга турист туох эрэ дьарыктаах буоларын (түмэлгэ сылдьар, балыктыыр, сибиэһэй салгыҥҥа дьаарбайан хаамар, хайыһардыыр эбэтэр сөтүөлүүр, ынах ыырын  ситиһиэхтээхпит” диэн ким кэпсээбитин бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.

Тиэхиньикум тэлгэһэтин иһигэр киирээти кытта ураты, сылаас, сырдык эйгэ көрсөр. Онтон ааны аһан иһирдьэ киирэн баран “тыый, били, уонтан тахса сыллааҕыта сылдьыбыт тиэхиньикуммуттан олох атын дии” диэн испэр санаабытым таспар тахсыбытын бэйэм да өйдөөбөккө хаалабын. Ону истэн арыалдьытым: “Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикума “Профессионалитет” федеральнай бырайыакка кыттан, Саха сирин үөрэхтэрин кыһаларыттан биир бастакынан 100 мөл.солк. суумалаах граны сүүйбүтэ”, – диэн билиһиннэрэр. Бу туһунан сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэр суруйан саайт, хаһыат сирэйин бараабыппыт. Ол эрээри, бу түмүгүн илэ хараҕынан көрбүт киһи аҕыйах буолуохтаах” – бу маннык соторутааҕыта үөрэх кыһатыгар сылдьыбыт суруналыыс Людмила Попова санаатын үллэстиитин суруйда.

“Вика оҕотун кытта куоракка бараары, таксыы ыҥырбыта. Массыына кэлбитигэр, суумкаларын тутан уулуссаҕа тахсыбыттара. Тиэргэн аанын аһаат, суоппар уолу кытта уун-утары көрсө түспүттэрэ уонна… хайдах эрэ киинэҕэ курдук, тула барытын умнан, таалан туран хаалбыттара. Эдэр дьон сүрэхтэрэ мөҕүл гыммыт буолуохтаах. Ити кэмтэн ыла арахсыбатахтара. Тимофеевтар билигин номнуо биэс оҕолоох эдэр ыал” – диэн суруналыыс Ангелина Васильева кимнээх тустарынан кэпсээбитин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

“Чурапчы Сылаҥын Сивцевтэрин төрдүлэрин 15-16 сааспыттан хасыһан, ийэбинэн аймахтарбын 7-с көлүөнэҕэ тиийэ билэбин. Биһиги аймах бары сахалыы тыыннаахпыт – хомусчуттарбыт, ырыаһыттарбыт. Оттон аҕам өттүттэн Амма уонна Мэҥэ Хаҥалас эҥээртэн хос эбээлэрбэр тиийэ билэбин. Кинилэри да үчүгэйдик үөрэтиэм эбитэ буолуо эрээри, хомойуох иһин, төрөппүттэрим алта саастаахпар арахсыбыттара. Онон аҕабынан аймахтарбын эһээлээх эбээбэр анаан тиийэн, улаатан баран эрэ билсибитим. Уопсайынан, кыра оҕону “улахан дьон кэпсэтиилэригэр кыттыһыма, бар мантан” диэн үүрүүнү сыыһанан ааҕабын. Оҕо итинник кэпсэтиилэртэн толкуйдуур дьоҕура сайдар. Миигин ийэм кэпсэтэ олорон, хаһан да “бар, истимэ” диэбэт этэ. Мин улахан дьонкэпсэтиилэриттэн үгүһү билэ-истэ улааппытым, анаара үөрэммитим” диэн кэпсиир саха тылын куйаар ситиминэн үөрэтэн эрэр эдэркээн Уйгулаана Николаева. Кини кимий? Дьон интэриэһин тардыбыт  блогердыын кэпсэтиибитин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

“Кыһын кыһарыйан кэлиитэ оптуобус сырыытын уларытаннар, куруук балыыһаҕа айанныыр 16-c №-дээхпит хайысхата уларыйан эрэйи көрдүбүт. Онто суох “Сулустаах” түөлбэ киириэҕиттэн саҥа оптуобус маршрута эбиллиэн оннугар, куорат кииниттэн ыраах олорор оройуон олохтоохторугар хайысхабытын уларытан, туох да туһаны оҥорботулар. Абырыахтарын оннугар атахтаатылар. Саҥа, улахан түөлбэлэргэ туспа маршруттар оҥоһуллуохтаахтар этэ. Тоҕо биһиэхэ барыта эрэйдээх эрэ өттүттэн буоларый?” диэн бу соторутааҕыта оптуобустар маршруттарын уларытыы туһунан суруналыыс Ульяна Захарова ырытыы матырыйаалыттан холобурдаатым. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Кэнники сылларга Саха сиригэр кыһыҥҥы тымныыларга массыына умайыыта элбиир буолла. Сотору-сотору иһитиннэрии тахсар. Үгүстүк массыыналар бэйэлэрэ туран эрэн умайаллар. Хомойуох иһин, кыайан быыһаммакка, хоромньу тахсар. Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин чахчытынан, Саха сиригэр быйылгы сыл саҕаланыаҕыттан 163 массыына умайбыта, ааспыт сылга эмиэ итиччэ кэриҥэ тиэхиньикэ уокка былдьаммыта бэлиэтэммитэ. Тоҕо итинник буоларый уонна массыынаны хайдах харыстыахха сөбүй? Бу туһунан суруналыыс Сайаана Львова “Массыына кыһын тоҕо умайарый?” матырыйаалыгар ааҕыҥ.

Муустаах муора суолунан былыр былыргыттан айанньыт бөҕө ааспыт сирэ буоллаҕа. Кинилэр олохторун туһунан бүгүҥҥү хаһыакка суруналыыс Антонина Эверстова сырдатта.

«Сотору кэминэн бириискэ иһигэр хамсааһын буола түспүтэ: ким дойдутугар төннөр көҥүлү ылар, ким “спецпереселенец” буолан, салгыы үлэлии хаалар. Иван ыраах “материкка” (олохтоох нууччалар дойдуларын итинник ааттыллар) төннөр бигэ санааны ылынар. Эмиэ да суобаһа оонньуурга дылы – Маайаны хайдах киин сиргэ ылыай, көҥүллүк үөскээбит эдэр дьахтар онно билбэт сиригэр тыына-быара хаайтарара чахчы. Аны итиччэ көҥүл ылан баран, манна, кый ыраах түҥкэтэх сиргэ, олоҕун моҥуо дуо? Суох, хайаан да тэскилиэн наада мантан! Оҕотун бэйэтэ да улаа­тыннарыа, үөрэхтээх киһи оҥоруо. Итинник бигэ санааны ылаат, өрүү бары дьыалатын кистээн оҥоро үөрэммит Самусов, сотору төннүөх буолан, харах баайыыта оҥорон, Маайатын кытта аат харата быраһаайдаһан, дьиэтиттэн букатыннаахтык тахсан барар. “Көр, кыратык да сүрэҕим нүөлүйэн ылбата эбээт, ол аата, быһаарыныым сөптөөх эбит!” диэт, Маайатын олох умнарга сананар…». Саха дьахтарын сэрии сылларын кэминээҕи олоҕуттан «Олох очурдара» рубрикаҕа ааҕыҥ, сэргээҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -20°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: