“Саха сирэ” хаһыат бүгүн тугу суруйда?

“Саха сирэ” хаһыат бүгүн тугу суруйда?

27.09.2024, 11:52
Бөлөххө киир:

Бүгүн “Саха сирэ” хаһыат сытыы тиэмэлэри сырдатар “Чыпчаххай” рубрикатыгар “Куоластатыы — аныгы олох көстүүтэ. Бастыҥ эмчити, учууталы «лайк» быһаарара хомолтолоох…” диэн дьон санааларын этиммит матырыйаала таҕыста.

“Соторутааҕыта биир улуус үөрэххэ управлениета педагогтарга күрэс биллэрбитэ. Онно кыайыылааҕы куоластааһынынан талбыттара. “Куоластааҥ!” диэн ыҥырыы олус элбэхтик тарҕаммыта. Педагог билиитэ, уопута, талаана сыаналаммыта дуу, элбэх киһини билэрэ дуу? Маннык куоластааһыннарга төһө итэҕэйэҕитий? Ол туһунан дьон туох санаалааҕын билээри, ыйытыкка хоруйдары ыллым” диэн суруйуутун саҕалыыр суруналыыс Ангелина Васильева. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Хаһыаппыт ааҕааччыта эмиэ биир сөбүлүүр “Ыйыт – хоруйдуубут” рубрикатыгар бүгүн эмиэ үгүс ыйытыыга хоруй бэрилиннэ. Холобур, маннык ыйытыы: ”Биир кыһалҕалаах боппуруоһунан тиийдибит. Кырдьаҕас ийэбитин быстах кэмҥэ түүҥҥү өттүгэр көрөр киһиэхэ – сиделкаҕа наадыйабыт. Биир эмэ маннык өҥөнү толорор тэрилтэ баара буолаарай? Биллэриилэринэн түбэһиэх көрдүөхпүтүн баҕарбаппыт”. Ыйытыыга Дьокуускайга үлэлиир “Гувернер” ааҕыныстыба салайааччыта Анна Артамонова хоруйун бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ. Эбэтэр бу маннык ыйытыы баар: “ Уоппускам кэмигэр сынньана  бараары гынабын. Онон дьиэбэр олорботох кэммэр төлөбүрдэрбэр чэпчэтии оҥоруохтара дуо?”. Ыйытыыга СӨ Тутууну уонна дьиэни-­уоту кэтээн көрүүгэ управление  туох хоруй биэрбитин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ. Илин Сибиир балык хаһаайыстыбатын бассейныгар балыктааһын быраабылатыгар сөп түбэһиннэрэн, балык саппааһын харыстыыр туһуттан, балык сааскы уонна күһүҥҥү ыамын кэмигэр любительскэй балыктааһыҥҥа илими туһаныы бобуллубутун туһунан үгүс ааҕааччыны интэриэһиргэтиэҕэ. Бу матырыйааллары барытын бэлэмнээтэ  суруналыыс Женни Стрюкова.

“Урбаанньыттарга бу саамай туһалаах сыһыарыы. Маныаха хас да хайысха үлэлиир усулуобуйатын тэрийдибит – кэмиэрчэскэй этииттэн саҕалаан, атыы-эргиэн иһитиннэриитигэр тиийэ. Бу былаһааккаҕа урбаанньыт бэйэтин ханаалын да арыйыан сөп. Урбаанньыттарга сыһыаннаах кэккэ холобурдары аҕалыым. Холобура, оскуолаҕа принтер наада буолбут. Оскуола дириэктэрэ биллэрии ыытар, сотору кэминэн киниэхэ хас да этии кэлэр. Салайааччы онтон бэйэтэ талан ылан сакаастыыр кыахтанар. Эбэтэр урбаанньыт дьоҕус биисинэстээх, чэ, кафелаах буоллун. Кини биһиги сыһыарыыбыт нөҥүө бэйэтин килийиэннэрин булуон сөп. Баҕар, урууну тэрийиигэ ыҥырдын, үбүлүөйдэри тэрийдин, араас тэрээһиннэри ыыттын. Кини ханаалыгар ким баҕалаах суруттарар. Ити курдук, уус урбаанньыт да атыытын, оҥоһугун дьон дьүүлүгэр таһааран, ким интэриэһиргээбит, тута урбаанньыкка тахсыан сөп”. Бу бүгүҥҥү бээтинсэтээҕи хаһыакка  «Сахавизион» IT-хампаанньа салайааччыта, сыыппара саҥа көрүҥүн олоххо киллэрээччи, уопуттаах урбаанньыт Петр Бурцевы кытта тэрилтэ үлэтин сонун саҕахтарын туһунан кэпсэтиибин сэргээҥ, ааҕыҥ.

«Өрөгөй» киинэҕэ уһулларбар саамай уустуга гириими оҥоруу этэ. Түүн 2-3 чаас диэки уһуллан бүппүппүт кэннэ гириимҥин усталлар. Онтон сарсыныгар күнүс 2 чаастан уһуллаҕын диэн буоллаҕына, 2 эрэ чаас утуйбут киһи эмиэ гириимнэнэ бараҕын. Гириим сыстан хаалар, тириигэ халыҥнык киирэр буолан, устарга эҥин аһара уустук эбит. Итинник пластическай гириим саха киинэтигэр бастакынан туттулунна. Мусуойтан Дмитрий Петрович таҥаһын, кэтэ сылдьыбыт борцовкаларын эҥин уларсыбыттара. Хата, таҥаһа-саба олох оруобуна олордо”. Бу ааттаах-суоллаах Иннокентий Луковцевы кытта суруналыыс Надежда  Егорова кэпсэтиитин «Андаҕар» испэктээктэн – «Өрөгөй» киинэҕэ” диэн  матырыйаалга “Итии чэй” рубрикабытыгар ааҕыҥ.

Пермяков Евгений Петрович салайааччылаах Хатас нэһилиэгин дьаһалтата, Чепалов Валентин Азотович дириэктэрдээх “Тускул” култуура киинэ бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн сүүрбэттэн тахса сыл “Сиэрдээх ыал” бырагырааманы ылынан, ситимнээхтик, былааннаахтык үлэлиир. Ол курдук, дьон-сэргэ кэрэхсэбилин ылбыт сылын ахсын Дьокуускай куорат төрөөбүт күнүгэр анаммыт тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ – үйэ чиэппэрэ уонна үйэ аҥаара олорбут дьоһун-мааны ыаллары чиэстээн, нэһилиэк Бочуотун кинигэтигэр киллэрии сиэрин-туомун сылын ахсын ыытабыт. Дьиэ-кэргэн сылыгар чиэстэнэр ыаллар кимнээхтэрин туһунан хаһыат  уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ  Наталья Руфова кэпсиэҕэ.

Үөрэх саҥа дьыла саҕаланан, төрөппүттэрэ ордук алын кылааска үөрэнэр оҕолорун уруоктарын аахтарыыга күүскэ ылсан эрэллэр. Бүгүн “Оҕолор сууркулу сатаан туттубат буоллулар” матырыйаалга   сууркулу туттуу туһунан кэпсиибит.  Туспа уруок быһыытынан черчение уруога 2019 сыллаахха суох буолбута. Бу үөрэх биридимиэтин ис хоһооно технология уруогар муодул быһыытынан киирэ сылдьар. Черчение уруогар оҕолор чэрчилии эрэ үөрэммэттэр, кинилэр мындырдык толкуйдуур уонна кэрэни кэрэхсиир буолалларын туһунан бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

“Быйыл сайын икки сүҥкэн үбүлүөйдээх бэлиэ күн буолан ааспытын Сахабыт сирин дьоно сорохторо билбэккэ да хаалбыт буолуохтаахтар. Бу туох дааталарый диэн ыйытар буоллаххытына, дьэ, маннык…”. Бу курдук ким тугу суруйбутун  салгыытын бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: