“Саха сирэ” хаһыат бүгүн тугу суруйда?
“Саха сирэ” хаһыат бүгүн ”Тыа сирэ — уйгу төрдө” диэн анал таһаарыылаах таҕыста. Анал сыһыарыыны бэлэмнээн таһаарда суруналыыс Женни Стрюкова.
— Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханын олохтоох оҥорон таһаарыыны уонна туризмы сайыннарар туһунан стратегическай ыйааҕынан 2030 сылга агротехнологическай хайысхалаах үөрэх тэрилтэлэрин выпускниктарын аҥаардарын кэриҥин үлэнэн хааччыйарга сорудахтаммыта. Бу соругу толорор туһугар министиэристибэ “Саха Өрөспүүбүлүкэтин агробырамыысыланнас комплексыгар — дьоһун каадырдары” бырайыагы торумнаата. Каадыры кытта үлэни күүһүрдээри менеджердэри бэлэмнээһин бырагырааматын олоххо киллэриини уонна исписэлиистэри хаттаан бэлэмнээһини былаанныыбыт, — диэн өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров анал интервьюга бэлиэтээтэ. Салгыы миниистир “ону тэҥэ…” диэн өссө ханнык сонун бырайыактар олоххо киирэллэрин бэлиэтээбитин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
“Сылгыны киирии-тахсыы үмүрүйбүтүн кэннэ киэһээҥҥи дьыбарга эбэтэр дьон тура илигинэ сарсыардааҥҥы дьыбарга, хараҕын маҥан таҥаһынан саба баайан баран, эбэ диэки хайыһыннаран астаныллар. Сылгы наһаа кэбирэх, астанара эмиэ сүөһү курдук. Тыа сирин киһитэ сүгэнэн эттиирэ – биһиги үгэспит. Кыаллар буоллаҕына, киһи бэйэтин салгынынан охсон эттиирэ быдан ордук буолуо. Идэһэни хоннорон, тоҥорон баран сиэниллэр. Тымныы сиргэ олорорбут сиэринэн, чаанын таһааран, нууччалыы эттэххэ, стерилизациялаан, сойутан баран сиибит”. Бу анал таһаарыыга “Идэһэни астааһыҥҥа Эдьиий Дора сүбэлэрэ” диэн матырыйаалтан холобурдаатым. Манна киһи туһанар үгүс сүбэтин булуоххут.
Маны таһынан, анал таһаарыыга Чурапчы улууһун, Тулагы Киллэм хаһаайыстыбаларын үлэлэрин, Агростартап гранын ылыы туһунан ааҕыаххыт.
“Чульмаҥҥа буолбут ыттар кыыска саба түһүүлэрин туһунан иһитиннэрии социальнай ситимнэринэн тарҕанаат, нэһилиэнньэни аймаан, буруйдааҕы көрдүүр, тустаах эппиэтинэскэ тардар санааҕа тиэртэ. Сорох дьон «Бурматов сокуонун», атыттар көҥүл бэйдиэ ыыппыт ыттар хаһаайыттарын, ардыгар олохтоох дьаһалта сөптөөх үлэни ыыппатаҕын кытта буруйдууллар. Оччотугар бу түбэлтэҕэ ким буруйдааҕый?” диэн ыйытан туран, суруналыыс Василий Прокопьев «Бурматов сокуона» уларыйара уолдьаста” диэн сытыы матырыйаалыгар тугу суруйбутун ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Ааспыт өрөбүллэргэ, алтынньы 12-13 күннэригэр, Дьокуускай куоракка «Сулус» үөрэтэр-эрчийэр кииҥҥэ Сэбиэскэй Cойуус Дьоруойа Федор Охлопков кэриэһигэр анаммыт ырааҕы ытыыга 2-с Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир туһунан Сайаана Львова сырдатта.
“Сарсыарда үлэбитигэр кэлэрбитигэр, уһуйааҥҥа оҕолорун аҕалаллар. Киһи ханан да хаамар сирэ суох буолуор диэри массыыналар ыга анньан баран тураллар. Сэмэлээтэххинэ, бэйэҥ манан туораан бар ээ, диэн баран массыына ааһар сирин ыйаллар” диэн ким эппитин Антонина Эверстова «Бэйэҥ туораан биэр ээ» диэн киһи хаамар сирэ былдьаһык буолаары гыммытын туһунан суруйуутугар ааҕыҥ.
“Былырыыҥҥыттан саҥа сүүрээни киллэрдибит. Ол курдук, 1 кууруска иитээччи идэтигэр үөрэнэр устудьуоннар босхо алын иитээччи (младший воспитатель), алын кылаас учууталыгар үөрэнээччилэр — баһаатай, физкултуура учууталлара — туризм идэтин ылаллар. Быйыл ити хайысханы кэҥэтэн фитнес-тириэньэр, дьыаланы сүрүннээччи, сыыппара волонтера оробуочай идэлэри эптибит”, — диэн суруналыыс Людмила Попованы кытта кэпсэтиитигэр быйыл 110 үбүлүөйдээх сылын бэлиэтиир Саха сирин биир тарбахха баттанар, педагогтары бэлэмниир орто үөрэх кыһатын – Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс дириэктэрэ Изольда Николаева холобурдаата. Сиһилии ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
“Суоһалдьыйа оруолун миэхэ анаабыттарыгар долгуйбутум. Герасим Семенович Хатаска барыбытын ыҥыран, сахалыы сиэр-туом оҥорбута, алҕаабыта. Бэйэм эмиэ испэктээк иннинэ куруук Эбэҕэ эбэтэр Күөх хонууга тахсан алаадьы уурабын, көрдөһөбүн. Айылҕалаах дьон сүбэтин-аматын барытын тутуhабын” диэн ким эппитин суруналыыс Надежда Егорова “Артыыс идэтин Аал луук маска тэҥниибин” диэн матырыйаалыттан билиэххит.
“Арай, биир хомойорум диэн, бу сайыны быһа сууллубатах оптуобустар. Бара сатаан, арааһа, куораппытыгар тиһэх тохтобулларга уу суох быһыылаах дуу диэн эмиэ саныыбын. Көр, кураан сайын курдук, биир да хааппыла уу муостатыгар түспэтэх оптуобустар элбэхтэр. Ким да өҥөйөн, бэрэбиэркэлээбэт муҥа буоллаҕа. Бэйэбит даҕаны үөрэнэн хаалбыппыт быһыылаах, буолуохтааҕын курдук саныы-саныы, быар куустан олорон айанныыбыт. Дьэ, сэтинньиттэн оптуобустар сырыылара уларыйар диэн түрбүөн-түрүлүөн бөҕөтө. Сорохтор үлэбэр айаннаан тиийэрбэр, оскуолаҕа оҕобун хаалларан ааһарбар олох табыгаһа суох буолбут диэн айдаараллар. Атыттар төттөрүтүн табылынныбыт диэн күлүктэригэр имнэнэллэр”. Биэтэс Билээхэп бу суруйуутун салгыытын бүгүҥҥү бээтинсэтээҕи хаһыакка ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: