Бу күннэргэ Ил Түмэн уонна Куорат Дууматын дьокутааттара, өрөспүүбүлүкэ уонна Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай балаататын итиэннэ уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах мунньах буолан ааста.
Мунньахха дьокутааттар олохтоох бэйэни салайыныы саҥа федеральнай сокуонун бырайыагар, көҕүлээһин быһыытынан, чуолаан, муниципальнай тэриллии баһылыктарын эрэгийиэн баһылыга туруорбут хандьыдааттарыттан муниципалитет дьокутааттара талыахтаахтар диэн этии киллэрдилэр. Салгыы бу суолталаах боппуруоһу суруналыыс Сайаана Львова “Олохтоох бэйэни салайыныы — КлиКра сокуонунан” матырыйаалыгар ырытта.
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтигэр “Агростартап” куонкурус ыытыллан, түмүктэнэрэ чугаһаата. Бу өйөбүлгэ тиксии тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныан баҕалаахтарга олус көмөлөөх дииллэр. “Агростартап” — халлаантан халлаантан түһэр харчы буолбатах” матырыйаалыгар суруналыыс Женни Стрюкова бу тиэмэни сиһилии сырдатта.
Дьон өйүн сүүйэр куһаҕан дьаллык оонньуулар 90-с, 2000-с сыллартан силис-мутук тардаллар. Ол саҕана туох да бобуу-хаайыы суоҕа, ханна баҕарар ымсыырдар, саататар аптамааттар күннэри-түүннэри үлэлииллэрэ. Ким эрэ байара, ким эрэ дьадайара. 2009 сыл от ыйын 1 күнүттэн Арассыыйа сиригэр-уотугар оонньуу биисинэһэ бобуллубута, арай Крым Өрөспүүбүлүкэтигэр, Алтаай, Краснодар, Приморскай кыраайдарга, Калининградскай уобаласка анал оонньотор зоналар хаалбыттара. “Байытар оонньуулар дуо?” диэн суруналыыс Антонина Эверстова матырыйаалын аахтаххына үгүһү билиэххит.
Уйулҕа үлэһиттэрэ оҕо кыһалҕатын барытын дьиэ кэргэни кытта сибээстииллэр. Ол — оруннаах. Дьиэ кэргэн иһигэр арыгы иһиллэр, оҕо күннэтэ итирик туруктаах дьон ампаалыктаһарын, арыгылааһыны көрөр буоллаҕына, кини бэйэтэ да билбэтинэн бу ынырык эйгэҕэ үөрэнэн хаалар. Ардыгар оҕо барахсан атаҕастабылга түбэһэн өсөһөн, тугу эрэ дакаастыы сатаан, ардыгар тэҥнээхтэриттэн ордон, чорбойон көстөөрү маннык быһыыланыан сөп. Ол эрээри сороҕор төрүт испэт дьон оҕолоро эмиэ аһыы утаҕынан үлүһүйүөн сөп. Тоҕо?” диэн ыйытан туран, суруналыыс Ульяна Захарова “Оҕо «иһэн» тутулуннаҕына…” матырыйаалыгар оҕо итирдэр утаҕынан үлүһүйүүтүн туһунан сытыы тиэмэни арыйда.
“Кыыллары цииркэҕэ туһанары бобуу төһө баҕарар туолар кыахтаах. Дьону саататар туһугар кыыллары хаайан олоруу аныгы кэмҥэ табыллыбат. Биир кыылга көрүллэр килиэккэ иэнэ үксэ 10 кв. м кыра. Үксүн бадыбаалларга, күн көрбөт, салгын тиийбэт сиригэр олордоллор, килиэккэлэргэ тиэйэн ыраах баҕайы айаҥҥа туруналлар. Өссө күүһүнэн өттөйүү биир көрүҥүнэн кыылы дрессировкалааһын буолар. Онон кыылларынан саататыы аныгы уопсастыба ирдэбилигэр сөп түбэспэт, урукку кэм көстүүтэ буолар”, — диэн туран, суруналыыс Антонина Эверстова “Цииркэ кыылларын тула мөккүөр эмиэ сэтэрээн эрэр” диэн матырыйаалыгар бу интэриэһи тардар тиэмэни сырдатта.
Соторутааҕыта социальнай ситимнэринэн индийскэй, сахалыы ырыалары бэрт үөрүйэхтик толорор эдэр киһи видеотын бары да көрдөххүт буолуо. Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта — ыраах айан суоппара Егор Петров. Бу өрөбүлгэ бэлиэтэнэр Суоппар күнүн көрсө суруналыыс Людмила Попова ыраах айан суоппарын кытта “Итии чэй” рубрикаҕа кэпсэттэ.
“Сэттэ чаастааҕы кэнсиэрпит бүппүтүн кэннэ таҥас ыйыыр саалаҕа биир кырдьаҕас эр киһи “хаарыан кэнсиэри буорту гыннылар!” диэн киһи бары истэрин курдук улаханнык саҥа таһаарда. Кырдьаҕас эппитэ, хомойуох иһин, оруннаах” диэн Ийэ күнүгэр анаммыт кэнсиэр туһунан суруналыыс Надежда Егорова “Таһымнаах кэнсиэр уонна сиэлпинэн үлүһүйүү” матырыйаалыгар ырытта.
Итинник сөҕө-сөҕө хаама сылдьан, соннор сыаналарын ыйыталастым. Дьонум бары үтүктүспүт курдук биир кэриэтэ сыананы этэллэр. Дьэ, буолар да эбит. Өссө эбиитин каартанан төлөбүрү ылбаттар, бу нүөмэргэ ыытыҥ диэн нүөмэрдэрэ суруллубут кумааҕыларын үҥүлүтэллэр. Дьэ, бу тоҕо төлөтөр тэрили ким да ирдээбэтий, талбыттарынан атыылыы туралларый диэн испэр олус абардым. Бу хаама сылдьан былыргы чылыгырыайкабын ахтан-санаан, бэл, манньыйан ыллым. Барахсан сылааһа, чэпчэкитэ, киһи тириппэтэ бэртээхэй да таҥас буолара. Төһөлөөх киһини абыраабыта буолуой? Хата, билигин баабырыкалар чылыгырыайканы тигэллэрэ буоллар, бэрт да буолуо эбит. Иһэ баата, таһа аныгы моһуоннаах буоллун ээ” диэн Биэтэс Билээхэп тоҕо маннык санааҕа кэлбитин бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…