Салгыы
«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

01.11.2024, 10:03
Бөлөххө киир:

Онкология киинэ билигин толору кыаҕынан үлэлии турар.  Төһө даҕаны сааҥсыйалартан сылтаан оборудованиелар кэлиилэрэ, таҥыллыылара тардылыннар, билигин эпэрээссийэлиир кэбиниэттэр бары үлэлии туралларын, ол иһигэр рентген-эпэрээссийэлиир кэбиниэттэрэ үрдүк технологиялаах эпэрээссийэни оҥорор кыаҕы биэрбиттэрин туһунан соторутааҕыта иһитиннэрэн тураллар. Салгыы бу туһунан суруналыыс Сайаана Львова “Доруобай омук — күүстээх судаарыстыба” матырыйаалыгар ааҕыҥ.

Билигин Дьокуускайга биир түүннээх кыбартыыралар биллэриигэ дэлэйдэр. Сыаната да араастаһар. Эргэ дьиэ буоллаҕына, биир түүнэ 3000  солк., саҥа дьиэ – икки тыһыынчанан үрдүк. Бу сууманы биир ыйга таһаардахха, биир хостоох дьиэ кырата 90 тыһ. солк. “оҥорор” эбит.  Биир түүҥҥэ уларсыллыбыт кыбартыыраҕа уоннуу, ардыгар онтон элбэх да буолан мустан бырааһынньыктыыллар. Биир түүҥҥэ куортамнанар кыбартыыралар баар дьиэлэрин олохтоохторо чуумпу олохторо уйгуурар. Киирии-тахсыы дэлэйэр. Тиэргэҥҥэ турар массыыналарга да сэрэхтээх буолар. Испит-аһаабыт дьон халлаан хабарҕатынан, муора тобугунан буолаллар. Оттон хас биирдии кыбартыыра ахсын оҕолоох-уруулаах ыал олорор. Оҕолор оскуола, дьарык кэннэ киэһэ хойут кэлиэхтэрин сөп. Маннык куортамнанар кыбартыыралаах дьиэлэр лииптэрэ сотору-сотору алдьанар. Тоҕо диэтэххэ, биир түүҥҥэ уларсыбыт дьон лиип иһигэр элбэх буолан симиллэллэр. Бу сытыы тиэмэни сиһилии суруналыыс Ульяна Захарова “Биир түүннээх кыбартыыраларга айбардааһын” матырыйаалыгар сырдатта.

Дойду Үөрэҕириитин министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, педагогическай үрдүк үөрэх кыһаларын бүтэрэр дьон ахсаана уруккутун курдук элбэх. Иллэрээ сыл бүтэрбит дьон ахсаанын 75% үөрэх тэрилтэлэригэр үлэлии барбыт, былырыын эмиэ быһа холуйан итиччэ сыыппара дииллэр. Оччоҕо тоҕо педагог тиийбэт? Аны уурайбыт дьон ханна үлэлии баралларын сэҥээрэн көрдүм. Оскуолаҕа саҥа үлэлээн испит эдэр дьон атыы-эргиэн өттүгэр, балачча уопуттаахтар. Сүрүннээн үөрэх чааһынай тэрилтэлэригэр көһөллөр уонна эрэпэтиитэрдииллэр эбит. Манна учуутал хамнаһынааҕар элбэҕи аахсабыт диэн хоруйдаабыттар. Сиһилии суруналыыс Людмила Попова “ Көмүскэ тэҥнээх учууталлар” матырыйаалыгар ааҕыҥ.

Эр киһи саахымат ойуулаах унтуута 52500 солк. турар, илиинэн тигиллэр буолан дэҥҥэ киирэр эбит. 40-41 размердаахтар хайыы үйэ бүппүттэр, 43, 43,5  размердаахтар хаалан тураллар. Кылгас бачыыҥкалар 35-39  тыһ. солк. тураллар, 40 размертан саҕалаан бааллар, кыра размердар эмиэ бүтэн эрэллэр. Дьахтар унтуутугар саамай чэпчэки сыана 39  тыһ. солк., уу харчынан төлөөтөххө, 1 тыһыынчанан чэпчэки. Салгыы унтуу сыаналарын туһунан суруналыыс Антонина Эверстова “Кыһын кэллэ: саҥа унтуу — 60 тыһ. солк.” матырыйаалыгар ааҕыҥ.

Саха ынаҕын тоҕо аан дойду учуонайдара эккирэтэ сылдьан чинчийэллэрий?  Саха ынаҕын генин үөрэтии түмүгэ кини ол диэкиттэн кэлбитин кэпсиир, ол курдук ынах төрдө Орто Азияны, оҕус төрдө Ближнэй Востогу, Европаны ыйа сытар. Онон былыргы устуоруйабыт аанын аһарга ынахпыт кытта көмөлөһүөх курдук. Бу “Саха сүөһүтэ – учуонайдар харахтарын далыгар” суруналыыс Антонина Эверстова ырытыыттан холобурдаатым. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

“Хапкааны хайаан да оргутуохтааххын. Мин мас хатырыгын уонна харыйа лабаатын ууга кутан, ол уутугар оргутабын. Оччоҕо собуокка оҥоһуллубут сыта-сымара олоччу суох буолар. Оргутан таһааран баран сөрүүн сиргэ туруорабын. Аны иитэргэр хапкааны тутар бэрчээккэҥ олох ыраас буолуохтаах. Таҥаһыҥ-сабыҥ эмиэ. Бэл, саһыл куоска да сытын ончу ылыа суохтаах. Ылла да, ытыс соттоҕун эбээт”, — бу курдук булка тахсыы үөрүүтүн туһунан суруналыыс Женни Стрюковаҕа ким кэпсээбитин бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.

“Олоххо көрдөххө, ардыгар толорута суох дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибит уолаттар эмиэ кыыстыҥы майгылаах буолаллар. Кини куоракка олорор буоллаҕына, хара үлэни билбэккэ улааппыта сэрэйиллэр. Итинник уолаттар дьиэлэрин иһиттэн салапааннаах бөҕү эрэ тоҕор “үлэлээхтэрин” аһына көрөбүн. Куоракка онтон атын тугу гыныахтарай? Ийэлэригэр көмөлөһөн дьиэлэрин иһигэр эрэ үлэлииллэрэ буолуо. Дьиҥэр, былыр-былыргыттан дьиэ үлэтэ — дьахтар киһи үлэтэ буоллаҕа. Куорат маҕаһыыннарыгар каассаҕа эбэтэр таҥас атыылыыр сирдэргэ, эрэстэрээннэргэ эдэркээн бэйэлээх уолаттар үлэлииллэрин биир бэйэм сөбүлээбэппин. Итинник үлэлиир уолаттар, мэлдьэһиэххит суоҕа, үксүлэрэ эмиэ кыыс курдук тутталлар-хапталлар, сип-синньигэс куоластарынан саҥараллар. Оттон эрэстэрээннэргэ, бырастыы гыныҥ, бэл, эриллэҥнэһэн хаамар курдуктар. Итинник эдэркээн үлэһиттэргэ испит-аһаабыт, муора тобуктарынан буолбут эрэттэр хайдах сыһыаннаһыахтарыттан киһи да куттанар”. Бу эмиэ сытыырхайбыт тиэмэни бүгүҥҥү хаһыаттан холобурдаатым. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: