Салгыы
“Саха сирэ” хаһыат бүгүн тугу суруйда?  

“Саха сирэ” хаһыат бүгүн тугу суруйда?  

15.11.2024, 09:55
Бөлөххө киир:

Саха сирин креативнай индустрията кэскилэ киэҥ, ону бу күннэргэ буолан ааспыт «Цифровой алмаас» федеральнай пуорумҥа сылдьыбыт киһи эрэ бары көрдө.

Бу порум чэрчитинэн креативнай индустрия сайдар олуктара ууруллар. Элбэх сиэссийэ араас хайысхаларынан ыытылынна, онно үгүстүк стартаптары үбүлээһин уонна эдэр талааннары өйөөһүн өттүгэр кыһалҕалаах боппуруостар бааллара иһилиннэ. Итини тэҥэ киэҥ эйгэҕэ ускуустубаны таһаарар кыаҕы үөскэтиэххэ диэн этиннилэр. Бу кыһалҕалары быһаарар биир суолунан судаарыстыба уонна чааһынай сектор икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһини күүһүрдүү, инфраструктураҕа, айар бырайыактарга субсидиялары көрүү уонна эрэгийиэн туристическай өттүнэн сайдарыгар инвестицияны тардыы буолуон сөбүн кыттааччылар бэлиэтээтилэр. Бу туһунан сиһилии сурунлыыс Сайаана Львова ырытыытын бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

“Киинэҕэ сыһыаннаах үс сиэссийэни ыыттым, элбэх суол­талаах боппуруостары көрөммүт астынным. Биллэн турар, биһигиттэн тутулуга суохтарга  быһаарыыны кыайан булбатыбыт — хайа эрэ өттүгэр судаарыстыба көмөтө наада, хайа эрэ өттүгэр кыттааччылар бэйэлэрин оруоллара улахан. Сиэссийэлэргэ элбэх боппуруос көрүлүннэ гынан баран, ымпыктаан-чымпыктаан көрүү ирдиир. Бу дьүүллэһиилэргэ Култуура министиэристибэтэ эбэтэр үбүлүүр структуралар курдук судаарыстыбаннай структуралар кыттыбыттара буоллар, өссө ордук буолуо этэ.” диэн Москваттан кэлбит эксперт этиитин уонна да атын дьон санаатын түмэн суруналыыс Антонина Эверстова бэлэмнээбит матырыйаалын бүгүҥҥү хаһыаттан булан ааҕыҥ.

Дьокуускай куорат “Сатал” түөлбэтигэр тахсыбыт быһыы-майгы үгүс киһини долгутта. Ол курдук, бу түөлбэҕэ ордук тыа сириттэн көһөн кэлбит дьон, эдэр ыаллар дьиэ бөҕөтө туттубуттара, сорохтор номнуо атыылаан, бу сыллар тухары үгүс хамсааһын барда. “Сатал” үрдүнэн уопсайа 12 кыбартаал баар. Дойду үрдүнэн саамай улахан  “Сатал” түөлбэтин 9, 10, 11 уонна “Ыччат” түөлбэлэригэр 300-түү кэриҥэ уһаайбалар бааллар.  Манна номнуо кырата сүүстүү ыал дьиэ туттан кыстаан олорор. Бу уһаайбалар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга анаммыт сирдэр буолан, манна дьиэ туттан олоруу сокуонун кэһии буолан, айдаан  тахсыбыта. Инньэ гынан, Дьокуускай куорат дьаһалтата тутуллубут дьиэлэри көтүрүүгэ модьуйан, уһаайба атыылаһан, дьиэ-уот туттан олорор дьон уйаларыгар уу киирбитэ… Сиһилии суруналыыс Ульяна Захарова ырытыытыгар ааҕыҥ.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бөкө бөһүөлэгэр Космонавтика күнүгэр тэриллэн, “Союз” диэн киһи хайдах эрэ ытыктыы, сүгүрүйэ истэр ааттаах кэпэрэтиип былырыын сааскыттан үлэлээн эрэр. Соһуйуох иһин, кэпэрэтииби олохтоох оскуола алын сүһүөх кылааһын учуутала, урукку өттүгэр хаһан даҕаны сүөһү иитиитинэн дьарык­тамматах 31 саастаах Күннэй Избекова салайар. Бу тэрилтэ үлэтин туһунан суруналыыс Женни Стрюкова бэлэмнээбит матырыйаала ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.

Саха сирин олохтоохторо тыйыс тымныылары этэҥҥэ туораары этинэн хааччыналлар, сүөһү-ас иитэр өттө идэһэлэнэр.  Ол эрээри үгүстэр кэлии эти сиибит. Кистэл буолбатах, дьону хааччыйаары эргиэнинэн дьарыктанар тэрилтэлэр, хаһаайыстыбалар өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн син балачча араас көрүҥнээх эти киллэрэр буолбуттара ыраатта. Сороҕор саныыгын ээ, хайдах хаачыстыбалаах эти мииннээн иһэ олорорум буолла диэн. Сиһилии бу сытыы тиэмэни Женни Стрюкова ”Бразилиянан эргийэр киэҥ сырыылаах эт” диэн матырыйаалыгар ырытта. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

“Ханнык баҕарар учуутал атын сиргэ үлэлии барарыгар, аан бастакынан, дьиэ-уот боппуруоһун туоһулаһар. Тыа сиригэр толору хааччыллыылаах дьиэ суох. Киин ититэр ситимҥэ холбоммут дьиэ, хос көрүөхтэрин сөп. Аны дэриэбинэҕэ уоспастыбаннай баанньык диэн суох. Иккиһинэн, улахан тэрээһин ыытыллыбат. Эдэр учуутал аралдьыйар, оскуолаттан ураты дьону кытта алтыһар сирэ – аһылык маҕаһыына”, диэн суруналыыс Людмила Попова “Эдэр педагогтары өйүөххэ, өйдүөххэ” диэн матырыйаалыгар ким итинник санаатын үллэстибитин билиэххит.

“Бу сыана киинэҕэ олус күүстээхтик көрдөрүллүбүт. Айылҕа  Хаабыйы уонна кини аргыстарын тыйыстык көрсөн, тыал-куус түһэрэн силбиэтэнэн, дьоруойдар инники олохторо быһаарыллыахтаах кыл түгэнэ тиийэн кэлэр.  Ол эрээри, бу түгэҥҥэ билиҥҥи эдэр көрөөччү эбэтэр  урукку “Мааппа” киинэни көрбөтөх дуу, айымньытын аахпатах дуу киһи  өйдүө суоҕун курдук дуу?  Икки кыыстан (биирдэрэ илэ баар, биирдэрэ үөр буолбут)  ким кимин өйдүү охсорго ыарахан соҕус” диэн аатырбыт киинэни суруналыыс Надежда Егорова бэркэ ырыппытын хайаан да булан ааҕыҥ..

“Ваня диэн ааттаахпын улаатан баран биирдэ билбитим. “Мин аатым буолбатах, тоҕо маннык суруйбуккутуй?” диэн сибидиэтэлистибэбин булан баран, дьоммор баран, эппиттээхпин (күлэр). Композитор баар дии – Иоганн Себастьян Бах диэн. Ол кини аатынан дьонум дьээбэлээн дуу, таптаан дуу ааттаабыттар. Дьонум Иоганчик дииллэр. Дьону кытта Иоганн диэн билсэбин. Ол иһин дьон дьиҥнээх ааппын биллэхтэринэ, соһуйаллар аҕай”, диэн этэн туран, суруналыыс Ангелина Васильеваҕа “Итии чэйгэ” эстрада сулуһа Иоганн Матвеев олус бэркэ аһыллыбытын бэлиэтиэххит дии саныыбын.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: