«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит.
Бу 90 сылтан төгүрүк 20 сыл устата Суруйааччылар сойуустарын саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева айымньылаахтык салайда. Бүгүҥҥү “Итии чэй” рубрикаҕа Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйаҕа, аан дойдуга тиийэ киэҥник биллэр-көстөр суруйааччы, суруналыыс, уопсастыбаннай диэйэтэл Наталья Ивановна Харлампьевалыын Татьяна Маркова кэпсэттэ. Суруналыыс “Эдэрдэр үлэлэринэн төһө астынаҕын? диэн ыйытыытыгар Наталья Ивановна: “Астынабын диэхпин сөп. Ол гынан баран, хаһан эрэ сүбэ мунньахха, чап-чараас паапкаҕа хоһооннордоох кэлбит кыргыттарым-уолаттарым улаатан истэхтэрин аайы, биири дьэҥкэ бэлиэтии көрөбүн – дьиҥнээх бэйиэт, суруйааччы буоларга, талааны, айдарыыны таһынан, киһи ыраас, үтүө, сиэрдээх дууһалаах, дьиҥнээх киһи киһитэ буолуохтаах. Хаһан эрэ Софрон Данилов, “талаан уонна түктэри быһыы биир сүрэххэ уйаламматтар”, диэбитин санаан кэлэбин…” диэн хоруйдаабытын курдук бэйэтин санаатын сайа этэр интервьютун ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
“Тимир ууһа – уустук идэ. Төһө да уопутурбутум иһин, уһанар кэммэр син биир аҕабыттан уонна убайбыттан ымпыгар-чымпыгар тиийэ сүбэлэтэ олоробун. Биилээҕи уһанарым быһыытынан, быһахпар “саҥа хаһаайыҥҥар хайҕабылы ыла сырыт” диэн алгыспын иҥэрэбин. Онон мин илиибиттэн саха сиэрэ-туома барыта тутуһуллубут быһахтар чочуллан тахсаллар” диэн Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын өттүнэн удьуор утумунан бэриллибитин туһунан кэпсээбитин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
“Социальнай сатабылга оҕо 2-5 сааһыгар үөрэнэр. Бу кэмҥэ элбэхтик дьону кытта алтыһыан баҕарар, ыйытар, болҕомтону эрэйэр. Хоруйу ылбатаҕына, ону интэриниэттэн көрдүүр. Улаата түстэҕинэ видеоҕа устар, хоһоон аахпыта, саҥарбыта биһирэнэр. Тыыннаах хайҕабылы “лайк” солбуйар. Дьэ, итинтэн саҕалаан “лайк” хомуйар үчүгэй эбит, маннык эрэ гыннахпына миигин сыаналыыллар эбит диэн өйдөбүл иҥэр. Пааркаҕа баран чыычаах көтө сылдьарын устан элбэх “лайк” хомуйбаттарын сыыйа өйдүүллэр. Дьэ, ол иһин “лайк” туһугар ууга да түһэллэрин, уокка да умайалларын, дьону да кырбыылларын кэрэйбэт оҕолор тахсаллар” диэн суруйар суруналыыс Ульяна Захарова бэйэтин “Блогердыах баҕаттан…” диэн матырыйаалыгар.
“Сахафильм” хампаанньа уус-уран салайааччыта Алексей Романов: “Араас барыйааны барытын боруобалаан көрүөххэ наада. Атын биллэр артыыстары ыҥыран, манна бэйэбит сирбитигэр, бэйэбит матырыйаалбытынан устуохха. Саха киинэтэ уратылаах буолан, феномен дэттэҕэ дии. Өскөтө улахан ырыынакка тоҕо көтөн таҕыстаҕына, ити суолу тутуһуохпут. Бэйэбит уратыбытын сүтэрэрбит сатаммат, төһө да атын култуура буоллар, уопсай киһи аймах сыаннастарын илдьэ сылдьабыт. Сүүрбэ сылтан бэттэх Соҕуруу Кэриэйэ киинэлэрэ тоҕо анньан киирэн, аан дойду көрөөччүтүн бэйэлэрин култуураларыгар үөрэттилэр” диэн холобурдаан туран, суруналыыс Антонина Эверстова саха киинэтин туһунан бэртээхэй ырытыыны оҥордо.
“Арамаан оҕо эрдэҕиттэн маннык айанныан, сири-дойдуну көрүөн баҕарара. Аҕыйах сыллааҕыта Дугуйдаан Винокуровы ыраах айаҥҥа атааран баран, сайыһа хаалыаҕыттан, бу санаата өссө күүһүрбүтэ. Онон биэнсийэҕэ тахсан баран, улахан хаһаайыстыбатын, күһүҥҥү түбүгүн, дьиэ кэргэнин хаалларан, бу ыра санаатын толорорго санаммыта. Дьэ, чахчы, уонна хаһан? Күһүнү батыһа айаннаан иһэн, Арамаан айылҕа, сир-дойду уларыйыытын сонургуур хараҕынан көрөн, айан күчүмэҕэйдэрин туһунан сахалыы толкуйдарын видеоҕа устан, телеграм-ханаалга таһааран испитэ. Кини хараҕынан көрөн, дьон дацаннарга, түмэллэргэ, улахан куораттарга, улуу күөллэргэ, хайаларга, кэрэ-бэлиэ сирдэргэ сылдьыбыт курдук сананна…”. Бу соторутааҕыта Сунтаар Хаданыттан атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри уһун айаҥҥа туруммут Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков туһунан суруналыыс Ангелина Васильева суруйуутун ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
“Хоту улуустарга “Дьүкээбили бултаһыы” (“Охота за северным сиянием”) курдук сонун идиэйэни тобуллубут. Ол чэрчитинэн дьүкээбил дьиримниир сирдэригэр анал туристическай туурдары оҥорор былааннаахпыт. Туристар аҥаардас дьүкээбили көрөөрү, Мурманскайга барар буоллахтарына, угуйугу кыайа-хото туттахха, биһиги да туристары аҕалыахпытын сөп буоллаҕа. Дьүкээбилбитин эмиэ бренд оҥостуохпутун сөп. Бу соторутааҕыта буолан ааспыт Сыыппара пуорумугар Кытай Өрөспүүбүлүкэтин дэлэгээссийэтин кытта көрсөн, “Дьүкээбили бултаһыы” бырайыакпытын кэпсээбиппит. Онно биллибитинэн, кытайдар биир сүрүн баҕалара – дьүкээбили көрүү, үөрэтии эбит. Бэркэ сэргээбиттэрэ, бииргэ үлэлэһэргэ бэлэмнэрин биллэрбиттэрэ” диэн хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта – туризмы сайыннарыыга суолталаах үлэни ыытар Туризмы сайыннарыы уонна территориальнай маркетинг ааҕыныстыбата» СӨ судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэтин генеральнай дириэктэрэ Спиридон Сивцев бэлиэтиир. Кинини кытта кэпсэтиини ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: