«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

Share

Ааспыт сэтинньи ыйга “Саха сирэ“ хаһыат саайтын мөлүйүөнтэн тахса киһи көрдө. Онон хаһыат суруналыстарын үлэлэрин үгүс дьон интэриэһиргиир диэн үөрүүлээх сонунтан бүгүҥҥү бээтинсэтээҕи нүөмэри ырытыыны саҕалыыбын.  Дьэ, онон мөлүйүөнүнэн ааҕааччылаах айар куттаах суруналыыстар бүгүн туох кэрэхсэнэр матырыйааллары суруйдулар?

 

“Сангаартан тэйиччи, хайалар быыстарыгар олорор Сэбээн Күөлгэ дэриэбинэлэрэ ортотунан үрэх ааһар буолан, икки гына арахсар. Онон икки өттүгэр икки хочуолунайдаахтар. Хата, дьиэлэр үксэ кииннэммит ситимҥэ холбоммуттар, ол эрээри хас да саҥа дьиэ холбоно илик эбит. Ол дьиэлэргэ уонна дьиэлэрин ититээри эбии оттуон баҕалаахтар 100 тахса көстөөх сиртэн мас тиэйэллэр. 7 куб маһы “ЗИЛ”-ынан 15 тыһ.солк. аҕалтарыахха сөп үһү. Хайыахтарай, оттугунан хааччыллыы тыын боппуруос буоларынан, дьон бүтэһик кэппиэйкэтин да биэрэрин кэрэйбэт” диэн суруйар “Оһох оттуллар – харчы көтө-көтө барар” диэн матырыйаалыгар суруйар суруналыыс Женни Стрюкова.

Үс оҕолоох саха ыала Сэмиэнэптэр (биллэр төрүөтүнэн ааттара уларыйда – ред.) 2013 сыллаахха Ийэ хапытаалын туһананнар, Автодорожнай уулуссаҕа дьиэ атыылаһан куорат ыала буолаллар. Ылалларын саҕана дьиэлэрэ ууга барбат, сылаас эбит. Онтон “Прометей” түөлбэ тутуута саҕаламмыт да, дьиэлэрин турар сирэ намтаан, уу мустар сирэ буолбут. 2015 сыллаахха “прометейдар”, учаастаккыт иһин эһиэхэ дьиэ биэрэбит диэн сибээстэһэ сылдьыбыттар. Ол сиргэ кинилэр дьиэлэрин таһынан, 8 кыбартыыралаах бараак баар эбит. Сыл курдук докумуон оҥорторуутугар сүүрбүттэрин кэннэ, 2016 сыллаахха “прометейдар” барыларын ыҥыран ылан, кэлэр нэдиэлэттэн күлүүстэргитин туттарыахпыт диэбиттэр. Бэнидиэнньиккэ тиийбиттэрин, “мэрия бопто, эһиги сиргитигэр туспа былааннаахтар эбит” диэн кэбиспиттэр. Ону кытта бүппүттэр. Уруккута Автодорожнай, билигин Михаил Николаев аатынан проспект биир эрэйи-муҥу көрбүт ыалын олоҕун туһунан суруналыыс Антонина Эверстова “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ…” диэн матырыйаалыттан билиэххит.

“Сотору кыра сылгы мөлтөөн барыа. Аһатыыга киирдэхтэринэ эрэ табыллара буолуо. Сылгыһыттар билэн олордохторо. Хаар анныта барыта сиик буолбута тоҥорбокко, инчэҕэй хаар үллүктээн, сылгы хаһар сирэ олох куһаҕан” Далга хаайан үчүгэй сылгыны ииппэккин» Сылгыга хайдах кыстык буолуоҕай?” диэн ырытыы матырыйаалы бэчээккэ бэлэмнээтэ тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын сырдатар суруналыыс Женни Стрюкова.

Соторутааҕыта саха уола бааһыран баран уон күн устата өстөөх баһыйар күүһүн утары соҕотоҕун охсуспутун туһунан социальнай ситиминэн тарҕаммыта. Кини батальона миномет, артиллерия, дроннар снарядтарын атаакаларыгар түбэспит. «Буойун» соҕотоҕун тыыннаах ордон баран өстөөх хас да аны кимэн киириитин төттөрү охсубут. Ити сырыыга кини үһүстээн ураты хорсун быһыыны көрдөрбүт, үсүһүн ыараханнык бааһырбыт. Салгыы “саадаҕын үстэ курдаммыт «Буойун» байыас” диэн суруналыыс Сайаана Львова матырыйаалын ааҕыҥ.

“Төрөппүт бэйэтин мөлтөҕүн, мунньуллубут истириэһин оҕотунан таһаарар диэн этэллэр. Арассыыйаҕа киэҥник биллэр дьиэ кэргэн психолога Татьяна Шаранда бэлиэтииринэн, төрөппүт үтүөнү оҥоробун, иитэбин, үөрэтэбин диэн өйдөбүлтэн мөҕөн-этэн барар. Ол эрээри оҕо уйулҕата буолар быһыыны-майгыны ыараханнык ылынан, улаатар сааһыгар элбэх кыһалҕаны көрсүөн сөп. Ол курдук, сатаан сыһыаны олохтообокко өр кэмҥэ ыал буолбат, сатаан доҕордоспот, дьону кытта алтыспат, бэйэтин сэнэнэ улаатар”. Бу төрөппүккэ олус туһалаах матырыйаалы суруналыыс Ульяна Захарова “Оҕоҕо кырыктаах сыһыаны бохсуохха!” диэн суруйуутун хайаан да ааҕаргытыгар сүбэлиибин.

Ханна да сүөһү иитиитинэн дьарыктанар дьон аҕыйаатар аҕыйаан иһэллэр. Ынах сүөһү, кырдьык, көрүүлээх, отун да тиэйтэрии аныгы кэмҥэ уустук, онон ынаҕы ыарырҕатар дьоҥҥо коза иитиитин курдук бэртээхэй хайысха баар эбит.  Ыраах Дьааҥы улууһугар козаны хас да нэһилиэккэ иитэллэр. Табалаахха биэс ыал иитэ сылдьыбыт, билигин икки ыал иитэн туруорар. Син биир ынах курдук көрүллэр сүөһү туһунан суруналыыс  Антогина Эверстова  суруйда.

Норуоттар икки ардыларынааҕы Арассыыйа бириэмийэнэн бэлиэтэммит “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ түмүктэннэ. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бу тэрээһиннэртэн туох эрэ сонун сүүрээн саҕыллан, сыыйа салгыы сайдар кэскиллэнэр. Ол курдук, быйылгыттан ыла “Саха сирин амтана” бэстибээл чэрчитинэн саха аһын дойду таһымыгар сырдатар, тарҕатар бренд-асчыт Николай Атласов Оҕо Арктическай ас астыыр оскуолатын аһан үлэлэттэ. Эмиэ кини салайыытынан биэс эрэстэрээн бастыҥ шеф-асчыттара “Үс кут” түмсүүнү тэрийэн, киин куоракка гастролабораториялары аһан үлэлэтэн эрэллэр. Кинилэр манна саха төрүт аһын астыырга устудьуоннары, эрэстэрээннэр шеф-асчыттарын үөрэтэллэр. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр бу бэстибээл туһунан матырыйаалбын ааҕыҥ.

Саҥа дьылы көрсө бырааһынньык тыынын эрдэттэн биллэрэр туһуттан дьон дьиэлэрин иһин номнуо киэргэтэн саҕалаабыттар. Үгүс түннүктэргэ гирлянда уота дьиримнээтэ. Аны аҕыйах сылтан бэттэх киинэҕэ көстөр омук дьиэлэрин үтүктэн дьиэ тас эргиннэрин, кырыыһаҕа тиийэ симиир буолбуттар. Гирляндалар биһиги тыйыс тымныыбытыгар сөптөөхтөр дуо? Саҥа дьыл кэмигэр хас биирдии уот ситимигэр холбонор тэрил, уот-күөс барыта баһаар өттүнэн сэрэхтээҕин туһунан “Гирлянданы сэрэнэн туттуҥ!” матырыйаалы Ульяна Захарова суруйда.

Уонна, биллэн турар, бүгүн норуот синоптига Тускул ахсынньытааҕы билгэтэ улуустарынан анаарыыта ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.

Бит-билгэ диэн тыл үксүгэр бииргэ туттуллар.  Сахалар хаһааҥҥыттан биттэнэллэрэ, билгэлииллэрэ чопчу ыйыллыбат. Түҥ былыргыттан уһун кэм устата кэтээн көрүү, анаарыы түмүгэр үөскээбит сылыктааһын туһунан Людмила Попова матырыйаалын ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

9 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

11 часов ago