Салгыы
«Саха сирэ хаһыат» бүгүн тугу суруйда?

«Саха сирэ хаһыат» бүгүн тугу суруйда?

13.12.2024, 09:54
Хаартыска: Саха сирэ
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии таҕыста.

Мантан сиэттэрэн, Арассыыйа оҕолоро чахчы оннук улахан ноҕуруускалаахтар дуо, диэн атын дойдулары кытта суруналыыс Людмила Попова “Ханна ноҕурууска улаханый?” диэн матырыйыаалыгар тэҥнээн көрбүтүн ааҕыҥ.

“Биһиэхэ “күөх эриэйсэ” сөмөлүөтүнэн, бөртөлүөтүнэн, хомойуох иһин, сылга биирдэ-иккитэ эрэ кэлэр. Оччоҕо нэһилиэк көрдөһүүтүнэн Лилия Гуляева киһи төбөтүнэн үллэрэн, биир да ыалы матарбат курдук атыылыыр. Оҕолоох ыаллар, аҕыйах да буоллар, дьаабылыкаҕа бары тиксэллэр. Онон дьон махтала улахан, сорох нэһилиэктэргэ дьон тиксибэт сурахтара иһиллэр, Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит хараабыллар, кыһынын суол аһылынна да массыыналар айаҥҥа туруналлар” диэн суруналыыс Антонина Эверстова “Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн “ диэн матырыйаалыттан билиэххит.

“Байыаннай дьайыыга ыҥырыы бэбиэскэтэ кэлбитин билбэккэ даҕаны, Сунтаарга дьиэ тута сылдьыбытым. Ол сырыттахпына, соһуччу, омуна суох, уулуссаттан илдьэ барбыттара. Инньэ гынан, кэргэммэр да киһилии эппэккэ, мал-сал да хомуммакка, оннук ыксалынан барбытым. Ити кэмҥэ дьонум Элгээйигэ баар буоллахтара. Кэргэммэр барар буоллум диэн эрийбитим, таҥаспын-саппын хомуйан бэлэмнээбит этэ да мин ыксалынан буолан, ону да ылбакка барбытым” диэн суруналыыс Ульяна Захароваҕа Арассыыйа Дьоруойа Филипп Евсеев интервью биэрбитэ үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.

Тута көрөөт да, кырдьык, киһи манна научнай үлэ барар хоһо диир. Манна тэпилииссэ курдук буору көрбөккүн. Сиик сыта суох, ып-­ыраас, сып-сырдык хос. Онон-манан араас аныгы оҥоһуулаах турба, кыраан. Уһун тимир турбаҕа олордуллубут оҕурсу, аттыгар боростуойдук быһаардахха, түөрт эрээттээх үүнээйи олордор былаастык-ыскаап турар. Дьэ, бу эбит, “туруору тэпилииссэ” (вертикальная теплица”) диэн аныгы үйэ сонун сүүрээнэ…

Бүгүҥҥү күҥҥэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.К. Попов аатынан Баатара орто оскуолатыгар 62 оҕо үөрэнэр. Онтон 18-һа өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан, улуус нэһилиэктэриттэн кэлбит кадеттар. Хайа да улуус кыра нэһилиэктэрин тэҥэ, Сыымахха 400-тэн тахса киһи олорор. Быйыл оскуоланы икки оҕо бүтэрбит, икки кырачаан оскуола боруогун аан бастаан атыллаабыт. Бу оскуолаҕа сылдьаары мин хас да түгэни бэлиэтии көрдүм. Тоҕо биир сыл иһигэр бу оскуола аата маннык сураҕырда, киһи үөйбэтэх научнай бырайыагын олоххо киллэрдэ? Маныаха суруналыыс быһыытынан тус санаабын бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

“Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан, монголия куукуналара былааһы ыллылар. Оттон бу соторутааҕыта Дьокуускай куорат 10-c №-дээх оскуолатыгар остолобуойга таракааннар сүүрэ сылдьар видеолара киэҥник тарҕанна. Төрөппүт кэмитиэтэ социальнай ситимҥэ айдаан таһаарбыта. Оҕолор таракааннары көрөн аймаммыттарыгар, остолобуой асчыта кыһамматах, хата: “Сүүрэр буоллахтарына сүүрдүннэр”, – диэбит”. Бу суруналыыс Ульяна Захарова “Барыһы  батыһар  кафелар…” сытыы матырыйаалын холобурдара туох сибээстээхтэрин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

… Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри сааһын ситэн, аармыйаҕа сулууспалыы баран хаалбыт. “Сулууспалаан кэлээт, бырааттарбын-балыстарбын кытта күһүҥҥүттэн хаттаан оскуолаҕа үөрэнним. Оҕолортон кыбыһыннарбын да хайыахпыный, салгыы үөрэххэ туттарсыахпын наада буоллаҕа. Хата, үөрэхтэригэр дьалаҕайдык сыһыаннаһааччыларга “эксээмэммин туттарбатахпына, эмиэ маннык кэлэн олоруом” диэн тыыннаах холобур буолбутум быһыылааҕа. Үөрэҕэр тардынааччы биллэ элбээбит этэ”, – диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр бүгүҥҥү “Итии чэй” рубрика дьоруойа. Кини кимий? Маннык үөрэнэн туох идэлээх буолан хаһыакка таҕыста? Бу туһунан бүгүҥҥү матырыйаалбар ааҕыҥ.

“Холобур, биир киинэ 35-40 мөлүйүөн солкуобайы хомуйда диэн үөрэбит да, ити өрөспүүбүлүкэ иһиттэн хомуллубут харчы буолар. Арассыыйаҕа 600 киинэ тыйаатырыгар көрдөрбүппүт эрээри, муҥутаан 3 мөлүйүөн солкуобай киирбитэ. Дистрибьютордар итинник ороскуокка үлэлээбэттэр. Саха сиригэр саҥа киинэ таҕыстаҕына, рекламаҕа 1 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ барар. Дьиҥэ, саха көрөөччүтэ саҥа киинэни күүтэр, көрүөн баҕарар буоллаҕа. Оттон, холобур, Татарстааҥҥа букатын билбэт дьон көрө кэлэллэрин туһугар төһө үп бараныай?” диэн суруналыыс Ангелина Васильева саха киинэтин туһунан ырытыы ыстатыйатыгар ким маннык санаатын сайа эппитин бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн, ампаартан харыйа киирдэҕинэ, саҥа маскарааты кэттэххэ билэр буоларбыт. Ити барыта оҕо саастан саҕыллар олоххо үөрүү уонна дьол буоллаҕа. Билигин хайдаҕый? Олоххо интэриэс сүтүүтүн, тулалыыр эйгэ үөрүүлэригэр кыһаммат буолуу туһунан ким суруйбутун бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: