«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?
Быйыл тэриллибитэ үбүлүөйдээх 10 сылын бэлиэтиир «Cаха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл хайа күн тэриллиэҕиттэн Саха сирин, Сибиир, Арктика, Уһук Илин төрүт норуоттарын аһын-үөлүн билиһиннэрэн кэллэ.
Бэстибээл быйылгы уратыларынан дойдуга аатырбыт тэрээһиҥҥэ киин куорат 12 бастыҥ эрэстэрээннэрин бүлүүдэлэрин шеф-пуобардар бэйэлэрэ тахсан, астыыр ньымаларын көрдөрө-көрдөрө билиһиннэрдилэр. Быйылгы бэстибээлгэ бочуоттаах ыалдьытынан, дьүүллүүр сүбэ чилиэнинэн Казахстантан «Бамбарбия-Кергуду» эрэстэрээн дириэктэрэ Серикхан Адильханов буолла. “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин туһунан бүгүҥҥү хаһыакка сиһилии ааҕыҥ.
“Харах синньигэс тымырдартан, кыра капиллярдартан турар. Диабет үөскээтэҕинэ, өссө куһаҕан патологическай тымырдар үөскүүллэр, быһа бардаҕына, хаанынан бүрүллэн хаалаллар. Харах итинник турукка тиийбэтин туһугар лазерынан бүөлээн биэрэбит. Сүрүн кыһалҕанан хараҕын түгэҕэр баастар үөскүүллэрэ буолар. Онон, саахарынай диабеттаахтар диетаны тутуһуохтаахтар, бэрэбиэркэлэнэ сылдьыахтаахтар. Саахардара хамсыыр буолла да, тымырдара тулуйбакка быһа баран хаалаллар. Оттон быһа барыы эмтэниллэрэ уустук” диэн суруналыыс Надежда Егорова “Магадаҥҥа тиийэ эмтиир харах хирура” диэн суруйуутугар бэлиэтиир. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Саха сирин үрдүнэн 13 куорат баарын билэҕит дуо? Оттон Эдьигээн урут куорат буола сылдьыбытын истибиккит дуо? Саамай кырдьаҕас уонна эдэр куорат ханныктарый? Бу туһунан суруналыыс Анивера Акимова оҥорбут инфографикатын сиһилии үөрэттэххитинэ үгүһү билиэххит.
“Таһыгар туох да суруга-бичигэ суох хас да этээстээх таас дьиэ иннигэр кэлэбин. Ким билиэй, манна төһөлөөх элбэх ийэ көмө көрдөөн, оҕолорун батыһыннарбытынан кырбыыр эрдэриттэн куотан кэлбиттэрин…” – диэн саҕалыыр суруналыыс Ульяна Захарова “Барар сир баҕана үүтэ буоллаҕына…” сытыы матырыйаалын. Уустук балаһыанньаҕа түбэспит ийэлэргэ юридическай, уйулҕа өттүнэн тирэхтээх буолалларыгар бары көмөнү оҥорор приюкка өйөбүл оҥоруон баҕалаахтар ыйыллыбыт төлөпүөн нүөмэрин бу ыстатыйаттан буолуохтарын сөп.
Бу күннэргэ “Россия” телеханаалга Андрей Малахов биэриитигэр Томпо улууһун Тополинайыттан төрүттээх Петр Погодаев Арассыыйа эстрадатын аатырбыт ырыаһыта Виктор Цой “Кукушка” ырыатын ыллаан, дойду эрэгийиэннэрин көрөөччүлэрин сөхтөрдө. Москваҕа олорбута 5 сыл буолбут, билигин бэйэтэ менеджердээх, эбээн ыччата дойдутугар сылдьан тоҕо Томпо Тополинайын дьону “сүгүннээбэтэҕий?”. Ыстаадаҕа тоҕо гитара сосуһа сылдьыбыттарый? Бу туһунан “саха Цойун” ийэтэ Лариса Ивановнаны кытта кэпсэтиибин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
“Бу икки дьон туох буруйдарыгар сир-халлаан икки ардынан үөр буолан сылдьалларый? Бүтэһигэр Анатолий өллө дуу, тыыннаах хаалла дуу? Кини сайылыкка кэлэ сатыыр. Тоҕо? Оччотугар Анатолий сайылыгар өлө кэлбит дуо? Наһаа элбэх ыйытыы баар. Төһөнөн элбэх ыйытыы баар да, соччонон айымньы күүстээх. Анатолий уобараһа тугуй? Хараллаары кэлэр дуо? Киһи быһаччы этэн кэбиспэт. Толкуйдатар буоллаҕына, бу – айымньы ситиһиитэ буолуон сөп. Биһиги тыйаатырбыт билигин сонун суоллары көрдүү сатыыр. Көрөөччү толкуйдуохтаах, бэлэми ылан айаҕар быраҕыы – урукку хайысха диибит”, — дьэ ити курдук ханнык испиктээкил туһунан кимнээх санааларын атастастылар? Бу туһунан бүгүҥҥү хаһыакка суруналыыс Ангелина Васильева ырытыытыттан билиэххит.
“Палеонтология туһунан кэпсэтии бардаҕына, биллэн турар, бастакынан сэлии, түүлээх носорог курдук ааспыт үйэлэр баараҕайдара күөрэйэллэр. Ол кэмнээҕи тыынар тыыннаахтар биһигини сөхтөрөллөр – хайдах курдук сүүнэ кээмэйдээх кыыл-сүөл манна мэччийэ сылдьыбыт эбитий! Маныаха туһаайан биир ыйытыы үөскүүр – тугу аһаан-сиэн сылдьыбыттара буолуой?” диэн бэлиэтиир суруналыыс Егор Карпов “Сэдэх үүнээйи –көҕүллээх терескен” матырыйаалыгар. Бу киһи болҕомтотун тарда матырыйаалы хайаан да ааҕыҥ.
“Дьэ, ахсынньыга хайдах халлаан биһигини кэтэһэр эбитий? Эрдэ эппитим курдук, сир сүнньэ хамсаан, хабараан тымныы кэлиҥҥи сылларга илин эҥэр улуустарга сыҕарыйан иһэр курдук. Ол иһин, бу саҥа оҥорбут барыллааһыммар саамай тымныы улуустарынан — Чурапчы уонна Таатта (Ытык Күөл) буолуохтара. Онтон Өймөкөөн кэлэр, ол кэнниттэн — Дьааҥы. Ахсынньы аастаҕына, тэҥнээн көрөн баран, бэйэҕит да сөпсөһүөххүт дии саныыбын. Ол иһин мантан инньэ илин эҥэр оройуоннары киин улуустартан арааран, туһунан киллэрэр буолуом” диэн норуот синоптига Тускул ахсынньыны улуустарынан ырыппытыттан үгүһү билиэххит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: