Салгыы
«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

31.01.2025, 09:23
Бөлөххө киир:

“Сахамедиа” холдинг массыыната Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа сэлиэнньэтигэр бэрт сыыдамнык айаннаан тиийэн, салгыы Араҥас учаастак туһаайыытын тутуста.  

Бу учаастакка былыр-былыргыттан дьон-сэргэ уутуйан үөскээбит сирэ. Сэбиэскэй кэмҥэ манна Филипп Лобанов аатынан ыччат-комсомольскай пиэрмэтэ турбут. Оччотооҕу олох ирдэбилинэн «оскуола – производство – үрдүк үөрэх» хамсааһыҥҥа кыттыһан, ыччат анаан үлэлээн ааспыт сирэ. Кинилэри хара үлэҕэ Ленин уордьан кавалера, ньирэйи төлөһүтүү маастара, уоттаах сэрии ин­­бэлиитэ Егор Слепцов-Көлөһүн Дьөгүөр уһуйбутун олохтоохтор кэпсии тоһуйдулар. Олох тутула уларыйан, Араҥас пиэрмэтэ сыыйа эстибит. Ол эрээри 21-с үйэҕэ манна ынах маҥырыыра, ыанньыксыт сайдыыр саҥата иһиллэннэр, түптэ буруо­та унааран, олох эмиэ салҕанан барбыт. Урукку үтүөкэннээх кэми эргиппит, иккис тыыннаан сэргэхсиппит киһинэн олохтоох ыччат Роман Герасимов буолар. Кини “Араҥас” уонна “Якутнацпродукт” тыа хаһаайыстыбатын потребительскэй кэпэрэтииптэрин биир тэҥинэн салайар. Икки тус-туспа хайысхалаах тэрилтэлэр бүгүҥҥү күннээҕи үлэлэрин туһунан репортажпын сиһилии бүгүҥҥү хаһыаттан билсиҥ.

“Саха быһаҕа уруккуттан даҕаны «бренд». 90-с сыллар бүтүүлэригэр Чечняҕа сылдьан, олус элбэх киһи быыһыттан саханы быһаҕынан билэрбит. Оччолорго уолаттар эмиэ быһахтарын өттүктэригэр иилинэ сылдьааччылар. Саха быһаҕа ураты тыыннаах, хаһаайынын араҥаччылыыр, харыстыыр диэни итэҕэйэбин. Сарсын көтөөрү сылдьабын, бэйэбин кытары 8-9 саха быһаҕын илдьэ баран эрэбин. Саха быһаҕа байыастары быыһаабыт түгэнэ элбэх. Билигин ханна баҕарар биһиги быһахпытын үлэһэллэр” диэн суруналыыс Сайаана Львоваҕа ким маннык кэпсээбитин “Хамандыыр «Торг»: «Итэҕэллээх киһи санаата бөҕөх» диэн матырыйаалтан билиэххит.

“Анимация – креативнай индустрия салаата, балысханнык сайдан иһэр. Онон, сүрүн үлэ да буоллаҕына, дьиэ кэргэни иитэр кыахтаах. Аныгы үйэҕэ оҕолорго, ыччакка саха тылын, култууратын, үгэстэрин билиһиннэрэр, үөрэтэр ньыма дии саныыбын. Кинилэр ордук харахтарынан көрөн, үчүгэйдик ылыналлар. Сотору кэминэн, биһиги да омуктар оҥорбуттарыттан хаалсыбат, дириҥ ис хоһоонноох, чаҕылхай, улахан ойуулуктары оҥорор буолуохпут” диэн суруналыыс Ангелина Васильева “Ойуулук – оҕолору саха тылыгар сыһыарар ньыма” матырыйаалыгар ким маннык эппитин ааҕыҥ, сэргээҥ.

“Ардыгар оҕолор сыанаҕа улахан киһи ырыатын (таптал да туһунан) ыллыы тураллара олуонатык иһиллээччи. Ол оҕоҕо аналлаах ырыа аҕыйаҕыттан буолуо?” диэн суруналыыс Надежда Егорова ыйытыытыгар Cунтаар улууһун Элгээйи сэлиэнньэтин оҕолорун, ыччатын кэрэ эйгэтигэр уһуйан, “Домисольки” уо.д.а. ансаамбыллары тэрийэн өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллибит Мария Семенова туох диэн эппиэттээбитин бүгүҥҥү хаһыаттан билсиҥ.

Слепцовтар үлэлиир мастарыскыайдарын анаан тиийэн көрдүм. Мин сылдьар кэммэр эһээлэрэ Архип Захаров күбэйэ оҥоро сылдьара. 11-с кылааска “Айыы кыһатыгар” үөрэнэр сиэн уол Леня быһах угун оһуорун кыһа олороро. Дьэ, ити курдук үс көлүөнэ эр дьон: эһээ, аҕа, сиэн,  мастарыскыайдарыгар Саха араадьыйатын холбоон кэбистилэр да, иллэҥ кэмнэригэр уһаммытынан бараллар. Сотору манна икки кырачаан Слепцовтар, борбуйдарын көтөҕөөт, эмиэ кыттыһыахтара.  Утум салҕанар. Бу туһунан бүгүҥҥү “Сатабыл” рубрикаҕа ааҕыҥ.

“Аҕыйах хонуктааҕыта “Модун” успуорт комплексын саалатыгар күрэхтэһии кэнниттэн дьон хаалларбыт бөҕүн үлэһит дьахтар бэркиһээн видеоҕа устубута социальнай ситимнэринэн тилийэ көппүтэ. Аҕыйах мүнүүтэлээх видеоҕа, этэргэ дылы, төһө элбэх киһи олорбутун, тугу аһаабытын, испитин барытын быһаарыахха сөп. Олбохтон ойон туран уурунаҕа диэри сүүрүөхтэрин сүрэҕэлдьээбит дьон дьаһаныытыгар майгынныыр. Бука, ити видео кэнниттэн бэйэлэрин соччото суох быһыыларын толкуйданан көрдөхтөрө диэн эрэх-турах эрэ саныахха сөп” диэн туран, суруналыыс Людмила Попова сиэр-майгы тиэмэтин таарыйбытын бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыаххыт.

“Үс-түөрт сылтан бэттэх оскуолабытыгар саҥа муода кэллэ. Улахан кыыһым сэттис кылааска үөрэнэр, кыра кылаастан үҥкүүлүүр. Иккис кылааска сырыттахтарына,  Казахстаҥҥа үҥкүүлүү бараллар үһү диэн буолбута. Биһиги кыыспытын сатаан үбүлээн ыытар кыахпыт суох буолбута. Былырыын эмиэ итинник боппуруос турбутугар, кыыспын сатаан ыыппатаҕым. Ыраах сирдэринэн бииргэ сылдьан кэлбит оҕолор уопсай да тиэмэлэрэ элбэх курдук, төрөппүттэр эмиэ оннук туспа көрсүһэллэр эҥин быһыылаах. Мин оҕобун кирэдьиит да ылан таах ыыппаккабын диэн ардыгар кэмсинэбин. Тоҕо маннык айаннары оскуолаларга наһаа көҕүлүүллэрий?”  диэн төрөппүт суругуттан саҕыллыбыт биир сытыы боппуруоһу суруналыыс Ульяна Захарова ырытта.

Соторутааҕыта социальнай ситимнэри өссө биир мөкү сурах аймаата. Ааспыт сайын Уһук Илиҥҥи ипотекаҕа педагогтар, эмчиттэр хапсар буолбуттарын истэн, атын үлэлээхтэр, биһиги, ымсыырбыппыт эрэ. Ону баара… Бу дьону долгуппут боппуруоһу суруналыыс Антонина Эверстова хайдах ырыппытын  “Уһук Илиҥҥи ипотека эридьиэстэрэ” матырыйаалыгар сиһилии ааҕыҥ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 января
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: