«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

14.12.2023, 17:30
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ «Саха сирэ» хаһыакка чэпчэтиилээх сурутуу бара турар. Сурутуу  сүрүн бирииһэ — iPhone 14 Pro !

Аахсыйа 2023 сыл ахсынньы 20 күнүгэр диэри ыытыллар:

1.«Саха сирэ» эбэтэр «Якутия» хаһыакка «Почта России» бары салааларыгар, sakhamedia.ru саайтка, Орджоникидзе аат. уул. 31 дьиэтигэр 354 кабинетка ,2024 сыл бастакы аҥаарыгар суруттар (толору алта ыйга)

2. Сурутуу квитанциятын хаартыскаҕа түһэрэн эбэтэр куопуйалаан rasprshm@mail.ru электроннай почтаҕа эбэтэр 8-967-926-52-05 WhatsApp нүөмэргэ ыыт. Суруккар “Призы за подписку” диэн бэлиэтээ. Ааккын, төлөпүөнүн нүөмэрин ыйаргын умнума. Аахсыйа туһунан сиһилии https://sakhamedia.ru/prizy-za-podpisku

Бүгүн «Саха сирэ» хаһыат, хаһан буоларын курдук, бэрт кэрэхсэбиллээх матырыйаалларынан баай.

Кыстыгы этэҥҥэ туоруурбут туһугар хомунаалынай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ күннэри-түүннэри түбүгүрэллэр. Онно үчүгэй хааччыллыы, кэмиттэн кэмигэр үөрэнии, сөптөөх салалта барыта төһүү буолаллар. Буурҕалаах хоту дойдуга хочуолунай диэн тутаах дьиэ баар. Ыраах Аллайыаха улууһугар хочуолунай үлэтэ үрдүк эппиэтинэһи ирдиир. Ол иһин манна саамай үлэһит, түргэн-тарҕан, мындыр дьон үлэлииллэр. Кинилэр кимнээҕин суруналыыс Женни Стрюкова “Буурҕалаах Бөрөлөөх хочуолунайыгар” матырыйаалыттан билиэххит.

“Дьиҥэр, диспансеризацияҕа сылдьарга   хамнас төлөнөн туран, икки күн бэриллэр эбит. Кини, ону олох да хойут биллэ, чахчыта да, доруобуйатыгар кыһанар киһиэхэ судаарыстыба кыһамньыта улахан.  Анна Ивановна санаатын түһэрбэккэ, биир үтүө күнтэн саҕалаан, олорор сиригэр сыһыарыллыбыт куорат 3 №-дээх балыыһатыгар диспансеризацияны саҕалыырга санаммыта» — бу суруналыыс Надежда Егорова биир киһи холобуругар диспансеризацияны хайдах барыахха туһунан сиһилии суруйбута ааҕааччы болҕомтотун олуһун тардыаҕа.

Сымыйа кафелар, ол эбэтэр «наливайкалар» үлэлэрин бэрээдэктээһин туһунан биһиги хаһыаппыт элбэхтик суруйда. Бу кыһалҕа биһиэхэ, Саха сиригэр, эрэ буолбакка, бүтүн дойду үрдүнэн сатыылаабыта баар суол. Быраабы араҥаччылыыр уорганнар «наливайкалар» үлэлэрин кыттаҥ быһыы-майгы мөлтөөбүтүн, буруйу оҥоруу элбээбитин быһаччы сибээстииллэр. Саҥа сокуон тугу түстүүрүн туһунан  суруналыыстар Сайаана Львова уонна  Ульяна Захарова ырыттылар.

Саха сирин олохтоохторо ороскуоттаах соҕус бүлүүдэлэри – тоҥ балыгы, убаһа этин, быарын эрдэттэн ылан, хаһааммыт буолуохтаахтар. Ырыынакка бу бородуукталар бас быстар сыаналаахтар. Ол эрээри, тыа сиригэр син удамыр сыанаҕа: уомул балыгы киилэтин 500 солк., убаһа этин – 700 солк. булуохха сөп. Саҥа дьыллааҕы остуол саамай тарҕаммыт бүлүүдэтин – “Оливье” салаат сыанатын ырытан көрөөрү суруналыыс Ангелина Васильева маҕаһыыннарга анаан сырытта. Холобура, күөх горох– 111-128 солк.; кэнсиэрбэлэммит оҕурсу бааҥката – 233 солк., сымыыт 10 устууката – 122 солк., майонез – 50-70 солк., мандарин киилэтэ 299 солк. Бу курдук араас ас сыаната барыта ыйыллыбыт матырыйаал интэриэһи тардара чахчы.

Аны таксыы сыанатыгар киириэх. Хас улуус аайы таксыы өҥөтүн сыаната араас. Холобур, Дьокуускайтан Таатта улууһугар бырайыас, ортотунан, 2000 солк. Оттон Ньурбаҕа диэри 4500 солк. Онтон Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгэр диэри 12 000 солк. Суол оҥоһуута сыл аайы тупса турдаҕына, сыана тоҕо өрүү үрдүү турарын бүгүҥҥү хаһыакка суруналыыс Айаал Аргунов ырытта.

«Икки хостоох кыбартыыраҕа уонча буолан кыбыллан-симиллэн, кынчыаттаһан-ырдьыгынаһан олороллор. Тыаҕа кыыһын аахха сыстыан, анарааҥҥылар эмиэ ыарырҕаталлар. «Манна онто суох ыппыт-куспут, сүөһүбүт-сылгыбыт көрүүтэ-истиитэ, оҕолору-сиэннэри бодьуустаһыы, үрүҥ харахпытын өрө көрбөппүт. Уолугар толору хааччыллыылаах дьиэҕэ кыһалҕата суох олордун», – диэн кыыһа чугаһаппат. Уолун аахха эмиэ туора көрүллэр, остуолга кэллэҕинэ, кийиитэ буолуохсут илиитин таһынан иһитин-хомуоһун талырҕатар. Наар үлэтиттэн соло булбат архитектор уола ууну омурдубут курдук ньимиликээй сылдьар. Улаатан эрэр сиэннэрэ кыргыттар чугаһаатаҕына «фуу!» диэн түҥнэри хайыһартан атыны билбэттэр. Кырдьар кырыыс диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Муҥнааҕым, бу гыннар, оҕолоругар хом санаата суох, кыһалҕалаах олохтоохторун, тиийиммэттэрин-түгэммэттэрин көрө сылдьар, аһынаахтыыр эрэ. «Дьэ, Биэтэс, оҕолорбор мэһэйдээбэккэ, кырдьаҕастар интэринээт дьиэлэригэр барарга бүтэһиктээҕин быһаарынным” – салгыытын Биэтэс Билээхэп рубрикаҕа ааҕыҥ.

Кыра эрдэҕиттэн муусукаҕа оонньуон баҕалаах уолчаан ийэтэ оонньуур муусука синтезаторын атыылаһан аҕалбытыгар, хайдах сатыырынан араас мелодияны таһаараары  талкыйан барбыта.

Билигин санаатаҕына, ол муусука тэрилэ, төһө да оҕо  оонньуура буоллар,  кини оччотооҥҥу баҕа санаатын сүрдээҕин ханнарбыт эбит. Биллэн турар, ыраах Усуйаана улууһун Казачьетыгар хантан муусука оскуолата кэлиэй, онон ырыаҕа уонна муусукаҕа талааннаах оҕо бэйэтэ туох көстөрүнэн талаанын арыйар буоллаҕа. Бу маннык ахтыыттан саҕаланна билигин анал идэтийбит устуудьуйаҕа олорон, баҕалаах дьоҥҥо ырыа муусукатын оҥорон биэрэр Герасим Григорьевы кытта кэпсэтиибит. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

“Саха сирин амтана” бэстибээлгэ сылдьан өрөспүүбүлүкэбитин ааттатар “Атласовтар уһаайбалара” эрэстэрээн бренд-пуобара Николай Атласовы кытта анаан сэһэргэстим. Николай кэскиллээх былаанын билиһиннэрэригэр “РФ Бэрэсидьиэнин аһаттым да, сылгыһыттыы барыам” диэн эттэ. “Ама, кырдьык этэҕин дуо?” диэн ыйытыыбар биллиилээх асчыт туох диэн хоруйдаабытын бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: