Салгыы
«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

02.02.2024, 17:14
Бөлөххө киир:

Быйылгы кыстыкка өрөспүүбүлүкэ араас көрүҥнээх хаһаайыстыбалара уонна кэтэх ыаллара кыахтара тиийэринэн сайыҥҥы былдьаһыктаах күннэргэ оттоон, былааннарын толорон, этэҥҥэ үктэммиттэрэ.

Кыһын улахан тымныылар түһэн аастылар. Өссө да күн-дьыл тургутуо турдаҕа. Суруналыыс Женни Стрюкова хаһаайыстыбалар оттообут отторун тиэйиигэ туох кыһалҕалары көрсөллөрүн, миэстэтигэр хайдах тэринэллэрин анаан билистэ. Ол курдук, бу күннэргэ хоту улуустарга буурҕа түһэн, суолу-ииһи типтэ. Холобура, Аллайыахаҕа хаһыс да күнүн буурҕа астыбакка, бэл, сөмөлүөт көппөтөҕө. Ол кэбиһиилээх оту ас гыныа дуо? Оттон киин улуустарга хайдах дьаһанан олороллоруй? Бу ырытыы ыстатыйаны хайаан да ааҕаргытыгар сүбэлиибин.

… Саҥа дьыл өрөбүллэригэр биир сарсыарда эрдэ төлөпүөн тыаһа тырылыы түспүтэ. “Эһигини хамыыһыйа талан, Арассыыйатааҕы пуорумҥа кыттар буоллугут”, – диэн Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтиттэн эрийбиттэрэ. Онуоха Дьокуускайга буолар дии санаан, тута сөбүлэспиттэрэ. Аны сарсыныгар эрийэн, “Сөмөлүөтү бары тулуйаҕыт дуо?” диэбиттэригэр, бэркэ муодарҕаабыттара. “Бэйи эрэ, хоту улууска олороллор дии санаабыттар быһыылаах, биһиги чурапчыларбыт ээ, массыынанан киирэбит”, – дэспиттэр. Онтон, Москваҕа бараллара биллэн, дьэ, биирдэ “бабат!” дэһэ түспүттэрэ. Бэлэмнэнэргэ икки нэдиэлэ хаалбыт этэ. Дьэ, тиргиллии саҕаланар. Бу Новгородовтар дьиэ кэргэн туһунан суруналыыс Ангелина Васильева матырыйаалын салгыы бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

«Бу орто дойдуга Дьылҕа Хаан тыйыс ыйааҕар бэриммэккэ, олоххо тапталларын күүһүнэн  дьон тэҥэ олох олорорго дьулуурдаах дьон бааллар. Чэ, кэпсиир киһибин Рея диэн ааттыахха. Кини сэбиэскэй кэмҥэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ, иитиллибитэ. Төрөппүттэрэ сопхуос туруу үлэһиттэрэ буолан, элбэх оҕону көрөр-харайар бириэмэлэрэ суоҕа таайдаҕа – Рея төрөөбүт дойдутугар баар интэринээккэ олорон оскуолатын бүтэрбитэ. Онон кыра эрдэҕиттэн бэйэтин бэйэтэ көрүнэр, саҕалаабыт дьыалатын хайаан да тиһэҕэр тириэрдэр, кимиэхэ да атаҕастаппат, кыамматы, мөлтөҕү харыстыыр киһи буоларга «хатарыллыбыта» кэлиҥҥи олоҕор олус наадалаах буолуон оччолорго ким да тымтыктанан да көрбөтөҕө. Олоххо тардыһыы хорсун холобурун көрдөрөн, биһиги аттыбытыгар олорор дьоруойун суруналыыс Надежда Егорова олус бэркэ арыйбытын хайаан ааҕаргытыгар сүбэлиибин.

Бу суруналыыс Грузияны көрүөн баҕарбыта ыраатта. Онон Саҥа дьыллааҕы уһун өрөбүллэргэ Грузияҕа Владикавказтан таксыынан айанныырга санаммыта. «Биэс чаас кэриҥэ Байыаннай-Грузинскай суолунан айаннаан, Тбилиси авто-ыстаансыйатын буллубут. Саҥа дьыллааҕы киэһээҥҥи Грузия эҕэрдэлии тоһуйда. Уулусса барыта чап-чаҕылыҥнас, сып-сырдык. Метроттан тахсаат, өрө диэки баран, сотору хараҕым хостел диэн сурукка хатанна. Хойутаабыт айанньыт атаҕым сири билбэт буола үөрэн киирдим. Миэстэ баар эбит. Онон баара-суоҕа болуоссаттан 4 мүнүүтэлээх сиргэ түстүм, хонугум иһин 20 ларины төлөөтүм (1 лари = 34 солкуобай)» — дьэ, бу курдук суруйар суруналыыспыт кимин, кини тугу көрбүтүн-истибитин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

Дьокуускай куорат Якутскай уулуссатыгар баар В.П. Решетников аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕам саастаахтар уонна инбэлииттэр интэринээт дьиэлэрэ быйыл үлэлээбитэ 35 сыла. Сааһырыы араас, ким эрэ элбэх оҕо, сиэн тапталыгар бигэнэн кырдьар, оттон ким эрэ интэринээт дьиэҕэ сааһын моҥуур… Тоҕо эрэ биһиги, сахалар, иитэр дьиэҕэ оҕото-уруута суох дьон кыһалҕаттан тиийэрин курдук саныыбыт… Ити санааттан бүгүҥҥү хаһыакка суруналыыс Ульяна Захарова интэринээт дьиэ олоҕун-дьаһаҕын сырдатарга быһаарынна.

Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка Гимеин тохтобулугар 7 №-дээх оптуобус суоппара аҕам саастаах киһини охсубутун туһунан сурах социальнай ситимҥэ тарҕаммыта. Онно эппиттэринэн, ол аҕам саастаах киһи охсуллан баран, хаарга балачча өйүн сүтэрэн сыппыт. Ханнык да, хайдах да түгэҥҥэ киһи бэйэтиттэн аҕам саастаах киһиэхэ илиитин көтөҕөрө сиэргэ баппат. Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон бэйэ-бэйэтигэр кырыктаах сыһыана элбэхтик хатыланар. Ол курдук, саас хаампат ийэтин тэбиэлээбит эр киһи, оҕотун өлөрүөх буолан суоһурҕанар ийэ, туора ыал оҕотун илгиэлиир аҕа, кыра саастаах уолаттары кырбыыр кыргыттар о.д.а. быһылааннар күннэтэ тахсаллар. Бу барыта сиэр-майгы кэһиллиитин, дьон кэрээнэ суох барыытын туоһута. Оттон дьон туохтан кэрээнэ суох барарый? Кырыгы бохсор миэрэ кыратыттан, култуура таһыма намыһаҕыттан уонна ис эйгэ сатарыйыытыттан дии саныыбын. Арай, аҕам саастаах киһи охсуллан баран өйө суох сыппытын социальнай ситимҥэ таһаарбатах буоллуннар? Бу ырытыы ыстатыйа үгүс ааҕааччыны толкуйдатыаҕа.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: