Салгыы
«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

01.03.2024, 12:14
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ улуустарга ситэриилээх былаас отчуота түмүктэннэ. Дьон, бастатан туран, оробуочай дэлэгээссийэҕэ тустаах министиэристибэлэртэн уонна эппиэттээх биэдэмистибэлэртэн ала-чуо кимнээх кэлэллэрин үөрэтэллэр.

Ол кэннэ иитиэхтии сылдьар санааларын холкутук, чуумпуга олорон кумааҕыга сааһылаан суруйаллар. Ыйытыыларыгар чопчу эппиэти ылардыы, мунньахха оҥостон кэлэллэр. Бу – отчуот саамай көдьүүстээх, олоҕу хамсатар өрүтэ. Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт отчуокка бырабыыталыстыба бөлөҕүн тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев салайан илдьэ сырытта. Өймөкөөн улууһугар сылдьыбыт министиэристэбэлэр уонна биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кулун тутар ыйга анал Боротокуолга киирбит боппуруостары куйаар ситиминэн мунньахтаан өссө төгүл ырытыһыахтара. Онтон от ыйыгар боротокуолга киирбит буоппуруостары толоруу хаамыытын кытта билсиэхтэрэ. Сиһилии Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт отчуот туһунан бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

«Саха сиригэр араас омук дойдуларыттан үлэ көрдөөн бэрт элбэх киһи кэлэр-барар. Бу, биллэн турар, судаарыстыба өттүттэн сокуонунан хонтуруолланыахтаах. Бу билигин күн аайы оҥоһуллар уочараттаах эриэйдэҕэ кыттыһан, тустаах тэрээһин хайдах ыытылларын көрдүм-иһиттим», — диэн ким суруйбутун бээтинсэтээҕи хаһыаттан билиэххит.

«Арыгыны иһии быдан бэрээдэктэннэ. Ол эрээри күөһү өрүнэргэ эрдэ соҕус… Тоҕо?   Уодаһыннаах арыгы диэн “ас” хайдах дэлэйэн-уостан испитин туһунан кэпсииргэ сананным. Туох баарынан, кырдьыгынан. Аныгы үйэ дьоно биллиннэр, уруок буоллун диэн» диэн  туран, Чурапчыттан ааҕааччыбыт Иван Пономарев санаатын үллэһиннэ.

Кыһыҥҥы кэмҥэ дэриэбинэҕэ булчуту булан ылар олус уустук. Тыаҕа барбыттара быданнаабыт, ырааппыт буолар. Хата, бу сырыыга Томпо улууһун биллэр булчута Николай Захаров бөрөлөрү сонордоһон кэлэн олорор эбит. Салгыы суруналыыс Женни Стрюкова  «Бөрө – киитэрэй өйдөөх кыыл» матырыйаалын ааҕан, бөрөнү сонордоһор булчут санаатын билиэххит.

«Дьокуускайга Киров уулуссанан пааркаҕа барыыга дьыл кэмиттэн көрөн таҥаһа уларыйа турар хаартыскаҕа түһэр зонаны бары даҕаны бэлиэтии көрөр буолуохтааххыт. Бу уруккута Технология уонна дизайн кэллиэһэ диэн ааттанар орто үөрэх кыһата  былырыыҥҥыттан аатын тосту уларытан, “Айар Уустар” креативнай индустрия кэллиэһэ диэн уу сахалыы ааты ылынан, саҥалыы тыыннанан, аныгы идэлэргэ устудьуоннары бэлэмниир. Эрдэттэн болдьоспут бириэмэбэр кэллиэскэ тиийэбин. Үөһээ дириэктэр хоһугар тахсан иһэн түннүктэрэ ураты сабыылааҕын, киэргэтиилээҕин бэлиэтии көрөбүн», диэн суруйар суруналыыс Людмила Попова. Салгыы кини ураты тыыннаах “Айар Уустар” кэллиэскэ тиийэн көрбүтүн-истибитин ьүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

Соторутааҕыта, олунньу 25 күнүгэр, Дьокуускай куорат 203-с микро-оройуоҥҥа баар элбэх кыбартыыралаах дьиэ тиэхиньиичэскэй этээһигэр оҕолор баһаар оҥоро сыспыттарын туһунан социальнай ситим туолбута. Оҕолор 5-c  уонна 8-c кылаас­тарга үөрэ­нэллэрэ биллибитэ. Кинилэр сааһын ситэ илик оҕолор дьыалаларын учуотугар эрдэ турбатахтар. Киһи дьиксиниэ­ҕэ, оҕолор баһаары оҥороору эрдэттэн бэлэмнэнэн ­по­­дъездка кэниистирэлээх киирбиттэрэ буолар. Кинилэр түүннэри сырыыларын төрөппүттэрэ тоҕо хонтуруоллаабатахтарый?  Кэниистирэлээх уматыгы кинилэр хантан ылбыттарый? Тоҕо бу дьиэни уоттуурга санаммыттарый? Ким манна олороруй? Сиһилии суруналыыс Ульяна Захарова сытыы матырыйаалын ааҕыҥ.

«Сааскы салгын таһырдьа сытар аһы-үөлү охсон, ас амтанын биллэ уларытар. Салгыннаабыт арыы, балык, эт амтанын, битэмиинин сүтэрэр. Ол иһин, күн уһаата даҕаны өбүгэлэрбит астарын хаһаанар, харайар сүпсүлгэнигэр түһэллэрэ. Биир бэйэм эти, балыгы салапаанынан эрийэри сөбүлээбэппин. Эти хатарбат, сиигин оборон ылбат функциялаах лаарга сөптөөхтүк хаһаан­нахха, кэлэр күһүҥҥэ диэри син тулуктаһар. Ону сэргэ, лаарга миэстэ суох буоллаҕына, салгын киллэрбэт хаппахтаах иһиккэ нэдиэлэтээҕи эти, балыгы хаһаанан ууруохха сөп. Бу ньыманы ордук куорат олохтоохторо туһаналлар. Арыы салгын­наан буорту буолбатын, амтанын сүтэрбэтин туһуттан пергамент кумааҕыга суулаан баран салапаанныыр ордук. Хааны, хартаны, убаһа этин, балыгы салгын олус түргэнник охсор. Оттон кус-хаас, куобах этэ, өскөтүн түүлээх буоллаҕына, уһуннук буорту буолбат, куул эбэтэр дьааһык иһигэр кулун тутар ортотугар диэри болкуоҥҥа сытыарыахха сөп» — ким бу курдук олус туһалаах сүбэни биэрбитин салгыытын бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ. .

“Ханнык баҕарар ыалга буоларын курдук, өйдөспөт буолуу, кыҥкыйдаһыы да баар буолан ылара ханна  барыай? Ол гынан баран, таптал баар буолан баччаҕа тиийэн кэллэхпит дии, бу сыллар тухары  бэйэ бэйэбитигэр тапталбыт өссө күүһүрэр, билигин ыраах сылдьарынан ахтыһан, курус санаа кууһан ылара  да баар буолар. Кэтэһии – кэргэттэр аналбыт буолуо…» — бу курдук суруналыыс Надежда Егороваҕа ким санаатын үллэстибитэ – эмиэ бүгүҥҥү хаһыакка.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: