“Саха сирэ” хаһыат бүгүн тугу суруйда?

Share

Кэнники сылларга буолбатах сылаас күһүн туран, өрүһүнэн айан билигин даҕаны сабылла илик.

Илин эҥээр бу күннэргэ хайдах туоруохха сөбүй? Ырытыаҕыҥ», — диэн бэйэтин матырыйаалын саҕалыыр суруналыыс Егор Карпов. “Аны хивустар үлэлииллэр” ырытыы ыстатыйа ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.

Урукку сылларга үгүспүт саха ыччата лүөччүк идэтин баһылаан, сөмөлүөттэргэ өссө хамандыыр буоллаҕына, дьиҥ үөһэттэн айдарыылаах, дьонтон олох ураты өйдөөх киһи курдук ылынар этибит. Туох кистэлэ кэлиэй, билигин да оннук өйдөбүл иҥэн хаалбыта баар суол. Ол эрээри кэлиҥҥи сылларга үгүс ыччат лүөччүк, авиатиэхиньик курдук идэлэри хото баһылаан, төрөөбүт дойдутугар төннөн кэлэн үлэлиир. Соторутааҕыта Маҕан аэропордугар тиийэн матырыйаал оҥоро сылдьан, ону илэ көрөн итэҕэйэн турабын. Өссө аһара элбээннэр, куонкуруһунан үлэҕэ ылыллар буолбуттар этэ. Ыччаттарбытынан киэн туттуу санаатынан кынаттанан, көтөр аал хамандыырын быһыытынан өрөспүүбүлүкэ устун эрэ буолбакка, Уһук Илин эрэгийиэннэринэн көтө сылдьар эдэр киһи туһунан билиһиннэриэхпин баҕарабын. Бүгүҥҥү “Итии чэйгэ” ыалдьыттыыр “Якутия” авиахампаанньа Bombardier DHC-8 Q300  сөмөлүөт хамандыыра Иван Бурнашёв. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

“Былыт баттаатаҕына, төһө да нэһиилэ турдарбын, “чэ туох буолуой, күнүс эбиэттээн баран, сыта түһүөм” дии санаатахпына, чэпчэкитик туран, сарсыардааҥҥы үлэбэр — сүөһүлэрбэр тахсабын. Эбиэт кэннэ бассааппын көрө сытан, “баран” хаалбыт буолааччыбын. Чаас аҥаара нухарыйан ылабын да, сэргэхсийэ түһэбин, — диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр Семен Назаров. Бу Мэҥэ Майатын олохтоохторо кинитэ суох олох сатаммат күндү киһилэрэ. Сиһилии “Семен Назаров күннэҕи түбүктэрэ” матырыйаалбын ааҕыҥ.

«Саха сирэ кыстыкка киирдэ. Тымныы ыган иһэр буолан, хаһаайыстыбалаахтар ыраахтарын чугаһатар, чугастарын чөкөтөр түргэн тэтимнээх эрэсиимнэригэр биир сарсыарда дуогабардаах ыанньыксыттара дуу, хотон көрөөччүлэрэ дуу “барабын” диэн бууннаан турар. Тоҕо? “Бастакы хамнаска диэри” диэнстатустаах хаамаайы үлэһиттэр итирэр-кутурар баҕалара хамнастаах үлэлэриттэн ордук былаастаах буолар эбит. Сөхтүм». Бу курдук саҕаланар суруналыыс Полина Николаева “Хаамаайылар” бааһынай хаһаайыстыбалар «хоруоллара» дуо?” диэн сытыы матырыйаалын ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Улуус кииннэригэр диэри көтөр аалынан тиийэн баран, улуус иһигэр массыыналары, араас тиэхиньикэни туһанабыт. Тиийиэхтээх сирбит төһө элбэх-аҕыйах нэһилиэнньэлээҕиттэн тутулуктаммакка, баҕалаах дьоҥҥо мэдиссиинэ хаачыстыбалаах өҥөтүн оҥорор эбээһинэстээхпит. Холобур, сыл саҕаланыытыгар Усуйаана улууһугар 29  киһилээх нэһилиэнньэлээх пууҥҥа үлэлээн турабыт. Үлэлээбиппит устата 30  тыһыынчаттан тахса киһи мэдиссиинискэй чинчийиигэ, диспансеризацияҕа хабылынна. Бу маннык  суруналыыс Надежда Егороваҕа ким кэпсээтэ? Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

”Аҕыйах хонуктааҕыта икки эдэр киһи “Өркөн өй” оонньууга “кыдьымах” диэн тылы билбэккэ, күн бүгүҥҥэ диэри сиилэннилэр. Куһаҕаҥҥа тиллэр дьон ону сыыска-буорга түһэрбэккэ, араас ойуулары, суруктары, оннооҕор ырыалары айа оҕустулар. Мантан сиэттэрэн аҕыйах тылы тиһэн ааһарга сананным”.  Суруналыыс Людмила Попова үс  “тоҕо” ыйытыгы туруорбут матырыйаалыгар бэйэтин  хоруйун салгыы ааҕыҥ.

“Өрөмүөн оскуола ис өттүгэр ыытыллыбытын таһынан, киирии ааҥҥа үктэл оҥорторон, биир кыһалҕалара олоччу быһаарыллыбыт. “Сарайтан хаар хаһан, хайдах түһэрин кэтээн кулун тутартан саҕалаан, арыт киһи сатаан утуйар-утуйбат да күннэрдээх буолааччы. Бу сааска диэри уонунан сыллар тухары эр дьон учууталлар төрөппүттэри кытта сарайтан түспүт хаары тута ыраастаан кэллилэр. Билигин дьэ баҕа санаалара туолан, кырыыһалаах бэртээхэй үктэл оҥорторон, олох куттала суох дьиэҕэ киирэр буолбут” диэн суруналыыс Анивера Андрееваҕа ким маннык кэпсээтэ? Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

“Хаһыакка тахсар уочаркалары наһаа сөбүлээн ааҕарым, бэйэм эмиэ оннук суруйарга үөрэниэхпин баҕарарым. Бэл, биир зарисовканы үтүктэммин, пиэрмэ бастыҥ ыанньыксытын туһунан суруйан бараммын, хайа тардан кэбиспитим. Ыы олорор ынаҕа тэбиэлэммитигэр алҕаска куһаҕан тылы ыһыктан кэбиспитэ. Мин оҕотук санаабар хаһыакка эҥкилэ суох, биирдэ да маатырылаабат дьоннор эрэ суруллуохтаахтара”. Бу маннык саҕаланар “Манчаары” сыһыарыыга саха ааҕааччытыгар аата-суола киэҥник биллэр хаһыатчыты, ураты суоллаах-иистээх суруналыыһы, суруйааччыны, сүүрбэччэ сыл “Саха сирэ” хаһыакка үлэлээбит, билигин “Ил Түмэн” хаһыат айар үлэһитэ Раиса Сибирякованы кытта суруналыыс Иван Ксенофонтов-Силиги сэһэргэһиитин ааҕыҥ.

Киһи олорорун тухары үөрэнэр дииллэр. Ол эрээри ити үөрэх билии эрэ ыларга буолбакка, киһилии, сиэрдээх буолууга быһаччы сыһыаннаах. Суолга суолу биэрбэтэх суоппар, оптуобуска симсии, маҕаһыыҥҥа уочарат… Бэйэ-бэйэҕэ тулуура суох буолууттан айдаан туохтан тахсарын суруналыыс Ульяна Захарова ырытта.

Тымныы кыһыммытын көрсө, халыҥ таҥаспытын көрүнэбит  Быйыл ичигэс таҥаһы төһө сыанаҕа атыылаһыахха сөп эбитий? Суруналыыс Сардаана Баснаева кыһыҥҥы таҥас сыанатын, хаачыстыбатын ырытыыта үгүс ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

4 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ эдэр мадьыныга хоттордо

Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан харыйата — 10 бастыҥ үөрэнээччи

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн  өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

6 часов ago