«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу сырдатта?
“Субсидия быйыл 5 солкуобайынан үрдээн, 65 солкуобай буолла. Закуп харчыта кырата 35 солкуобай буолуохтаах да, тутар кэпэрэтииптэрбит оннук оҥорботторо буолуо дии саныыбын. Маннык барыл ордук буолуо этэ: ынах төбөтүгэр бэриллэр харчыны үүккэ биэрэллэрэ буоллар, бородууксуйа да баар, дьон дьарыктаах да буолуо этэ. Билигин “төбө харчыта “ ылан баран сайын ньирэйдэрин кытта ыыталаан кэбиһэллэрэ бары өттүнэн куһаҕан, – диир Хаптаҕай дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Людмила Жиркова. Бу “Ньирэйдэрин кытта ыытан кэбиһэллэрэ сыыһа” диэн суруналыыс Женни Стрюкова ырытыы матырыйаалыттан холобурдаатым. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.
Саха сирэ Уһук Илин киһи олоҕун уһатыыга инники күөҥҥэ сылдьар. Ааспыт биэс сылга оҕо төрөөһүнүгэр үчүгэй көрдөрүүлээхпит. Онуоха дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Демография» национальнай бырайыага уонна Ил Дархан Айсен Николаев оҕо төрөөһүнүгэр уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүр дьаһаллара төһүү күүс буолбуттара саарбаҕа суох диэн холобурдаан туран, суруналыыс Сайаана Львова “Оҕо төрөөһүнэ – Саха сирин сайдар кэскилэ” диэн ырытыыта болҕомтону тардыаҕа.
Муус устар 12 күнүгэр Чурапчыга тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр олохторун анаабыт сопхуостар дириэктэрдэрэ, сэбиэскэй-бартыыйынай үлэһиттэр илин эҥээр улуустарга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга үлэлэһэ сылдьар көхтөөх дьону кытта көрсөн санааларын үллэстиэхтэрэ, уопут атастаһыыта буолуоҕа, кэскиллээх барыллары торумнуохтара. Бу суолталаах тэрээһиҥҥэ эрдэттэн бэлэмнэнэн, ааспыт нэдиэлэ бүтүүтүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Ытык сүбэ салалтата – бэрэссэдээтэл Люлия Григорьева уонна кини солбуйааччыта Иннокентий Аммосов, улуустааҕы Ытык сүбэ салайааччыта Зиновий Игнатьев Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Төҥүлү, Тумул, Тарат нэһилиэктэригэр тиийэн, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тыа сирин дьонун түбүктэрин кытта билсэн кэллилэр. Бу туһунан бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.
“Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара эмиэ абыраныа этилэр. Суолун-ииһин, инфраструктуратын билигин ситиһиилээхтик үлэлиир бырагыраамаларга киллэрэр кыах баар. Күөл туругун экологическай дьаһалларынан тупсарыахха сөп. Чөл туруктаах нэһилиэнньэ – сайдыылаах өрөспүүбүлүкэ. Ил Дархаммыт Айсен Николаев доруобуйа харыстабылыгар улахан үлэни ыытар. Онон Абалаах күөлүн үрдүнэн сонотуоруй саҥа комплексын сахалыы тыыннаах тутан кэбиспит киһи, төһөлөөх дьоҥҥо туһалаах буолуо этэй!” диэн “Хаһыат уонна ааҕааччы” рубрикаҕа ким суруйбутун бүгүҥҥү бээтинсэтээҕи нүөмэртэн билиэххит.
“Оҕо ийэ тылынан тылланыыта – омукпут тыын соруга” төрөппүттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи иккис сугулааннара Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр буолан ааста. Үс хайысханан ыытыллыбыт “төгүрүк остуолтан”, тойон мунньахтан сүрүн өттүн ойо тутан, тугу бэлиэтии көрбүтүн, истибитин суруналыыс Людмила Попова “Майаҕа – төрөппүт иккис сугулаана” матырыйаалыгар сырдатар.
«Оҕо кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ уһуйуллуохтаах. Холобур, уолаттарым тугу да сатаабат буолан, кэлин ханна эрэ күтүөттүү тиийэн сириллиэхтэрин баҕарбаппын. Сорох улахан дьон оҕолоро тиэхиньикэни туһаналларын наһаа боболлорун-хаайалларын утарабын. Ол иһин «бу оҕо тугу да сатаабат» дииллэриттэн киһи кыһыйар. Мин санаабар, ыал аҕата эр киһи, дьахтар үлэтэ диэн араарбакка, барытын сатыахтаах. Кыра сылдьан ийэм алаадьы астаатаҕына аттыгар олорон тэҥҥэ буккуһар этим. Уолаттарым билигин, бэйэм курдук, эмиэ астыыллар” диэн Таатта Туора Күөлүн оскуолатыгар сир анатан ылбыт уонна чааһынай муҥхалаах буолан, араас күрэхтэри тэрийэн, дьонун-сэргэтин өссө түмэр баҕалаах холобурга сылдьар аҕа Петр Чупровы кытта суруналыыс Надежда Егорова кэпсэтиитэ ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа.
Нам улууһун 2-с Хомустаах нэһилиэгэ соторутааҥҥа диэри халаантан улаханнык эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннар ахсааннарыгар киирэрэ. Ол сиэринэн, олох эргэ дэриэбинэни көрүөм дии санаабыт бэйэм, бастаан утаа, саҥа таас дьиэлэри көрөөт, «тыый, бу туох ааттаах сайдыылаах тыа сиригэр кэллим, доҕоттор…» диэн саҥа аллайыам дуо? Санаан көрүҥ, иннибэр уун-утары үс мэндиэмэннээх таас дьиэ дьэндэйэн турар. Ол кэннигэр – икки мэндиэмэннээх таас оскуола, ойоҕоспор – сырдык кыһыллыҥы-саһархай өҥнөөх икки этээстээх эмиэ таас култуура уонна успуорт дьиэтэ. Аны манна суолларын көнөтүн эбэн кэбис. Олохтоохтор «биһиги уулуссабыт суола – аспаал» диэн киэн тутта бэлиэтииллэр. Ол эрэ буолбатах, аныгы таас тутуулаах уһуйаан утары уулусса тротуара куораттыы билиитэлэринэн бүрүллүбүт. Тэйиччи “чочуонай” бэйэлээх хочуолунай турар. Олохтоохтор “нэһилиэкпит 100 бырыһыан ититии тиһигэр холбоммута” диэн кэпсээннээх буоллулар. Бу “Сэргэлээх” диэн саҥа түөлбэ эбит. Бүгүҥҥү хаһыакка Нам улууһун 2-с Хомустааҕын сырдатыыбын ааҕыҥ.
“Саха сирэ” хаһыат “Сэдэх эспэнээттэр” бырайыагынан өрөспүүбүлүкэ түмэллэрин кытары тиһиктээхтик үлэлэһэр. Бу үлэ иитинэн, “Хаһыат уонна музейдар: үйэлээх ситим” диэн төгүрүк остуол уонна “Сэдэх эспэнээттэр” быыстапка тэрилиннэ. Бүгүҥҥү хаһыакка суруналыыс Сардаана Баснаева быыстапканы сиһилии билиһиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: