Салгыы
«Саха сирэ» хаһыат бүгүн ырытыы матырыйаалынан баай

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн ырытыы матырыйаалынан баай

08.11.2024, 10:00
Бөлөххө киир:

Саха суруналыыстыкатын сүдү классига, саарына, биһиги – суруналыыс аймах – ытыктабыллаах бэтэрээммит, хас эмэ көлүөнэ хаһыатчыттар, бэчээт үлэһиттэрэ сыаналыыр, сүгүрүйэр киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан итиэннэ Суруналыыстыкаҕа Судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреаттара, ССРС, СӨ бэчээтин туйгуна, Томпо, Таатта улуустарын бочуоттаах гражданиннара Дмитрий Васильевич Кустуров бүгүн, сэтинньи 8 күнүгэр, ытык-мааны, олох муудараһынан толору 95 сааһын туолар. “Кыым”, “Саха сирэ” хаһыаттарга бииргэ үлэлээбит үөлээннээҕэ, үөрэппит-такайбыт уола, суруналыыс Иван Ксенофонтов-Силиги үбүлээри кытта анаан тиийэн кэпсэттэ. “Кыым”, “Саха сирэ” хаһыаттарга 40-ча сыл, кэлин биэнсийэҕэ тахсан да баран алтыстарбыт, миигиттэн 20 сылынан аҕа, аҕам курдук киһини Миитэрэй диэн ааттыахпын хайдах да тылым тахсыбат. Онон сир түннүгэ муударай кырдьаҕас, Миитэрэй Баһылайабыс, үрдүк өйөнөрдөөх сымнаҕас кириэһилэтигэр чөм түһэн олорон сэниэтэ суох сэһэнин ытыспын кулгаахпар даҕайан олорон иһиттим” диэн туран, дьэ аксакал суруналыыс “Миитэрэй Кустуурап: “Мин хамнас эрэ туһугар үлэлээбэтэх эбиппин…” диэн матырыйаалыгар тугу истэн, икки балаһанан матырыйаал оҥорон таһаарбытын бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.

“Күн-дьыл туругун көрдөххө, быйыл кыһыммыт арыый хойутаан кэлэн иһэр курдук.  Онон сорох тыа сирин дьоно идэһэлэрин хойутаан тутуннулар. “Оппутун таах барыы турабыт”, – дииллэр.    сүөһү хойутаан хотоҥҥо киирэн, күөл, үрэх мууһа ситэ тоҥо илигиттэн ууга түһүүтэ эҥин тахсара баар суол. Тустаахтарга ороскуот да буоллаҕа. Социальнай ситимнэринэн быйыл алтынньы бүтүүтүн эргин, онно тыһаҕастары, манна борооскулары көрдүбүт, маннык нэһилиэктэр киэннэрэ буолуон сөп диэн дьон сүтүктэрин булалларыгар көмөлөһөр ис хоһоонноох биллэриилэр тарҕанар этилэр. Кыстыкка киириигэ сүөһүлээхтэр, сылгылаахтар баҕа санаалара биир буолар – кыстыгы этэҥҥэ туорааталлар диэн. Ол эрээри хороҕор муостаахпытын, сыспай сиэллээхпитин араас моһоллор күүтээччилэр” диэн туран, суруналыыс Женни Стрюкова сүөһүлээх дьон сүөһүлэрин туох моһолтон сүтэрэллэрин туһунан “Сүтүк тахсара тохтообот” диэн сытыы матырыйаалыттан билиэххит.

Биһигини «кэтээн көрүү күннүгэ» баар буолуохтаах диэн үөрэтэллэр этэ. Бастаан сурунар этибит, онтон өйгөр хатыыр буолаҕын. Оонньуур киһиҥ куолаһа хайдаҕын, дьоҥҥо сыһыанын бэлиэтэнэҕин. Холобур, учуутал куолаһа олох атын, наар үөрэтэн эрэр курдук саҥарар. Ол иһин, ханнык баҕарар үлэлиир эйгэҥ син биир эйиэхэ бэчээт уурар: туттаргар-хаптаргар, саҥараргар-иҥэрэргэр уо.д.а. Соторутааҕыта аҕай өрөспүүбүлүкэ дьоно сөбүлээн көрбүт «Хируурдар» диэн сэрийээл түмүктэннэ. «Саха» НКИХ устубут 17 сиэрийэтин устата көрөөччүлэр, омуннаан эттэххэ, иннэ үрдүгэр олордулар. Сэрийээл кэнниттэн ырытыһыы, мөккүһүү, санаа үллэстиитэ элбэх этэ. Ордук Виктор Пантелеев оруолун олус итэҕэтиилээхтик оонньообут  СӨ үтүөлээх артыыһа Николай Пономарев туһунан билиэхтэрин-көрүөхтэрин баҕарбыттара. Суруналыыс Надежда Егорова артыыс Дьокуускайга сэрийээл туһунан кэпсэтиигэ уһулла кэлэ сырыттаҕына көрсөн кэпсэттэ уонна “Итии чэй” рубрикаҕа “Николай Пономарев: «Омсолоох дьоруойу оонньуурбун сөбүлүүбүн» диэн бэртээхэй матырыйаал бэлэмнээн таһаарда. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

“Росгвардия” Саха сиринээҕи салаатын тэрилтэлэри харабыллыыр управлениета уопсастыбаннай бэрээдэги кэһии түгэнигэр, суһал сигнал киирдэ даҕаны аҕыйах мүнүүтэнэн тиийэр. “Росгвардия” байыастарын үлэтэ хайдаҕын иһиттэн билээри, бу күннэргэ түүҥҥү эриэйдэҕэ сырыттым” диэн саҕалыыр бэйэтин сытыы матырыйыаалын суруналыыс Ульяна Захарова. Дьокуускай түүҥҥү олоҕун туһунан “Түүн атын олох саҕаланар…«Росгвардия» үлэһиттэрэ эриэйдэҕэ таҕыстылар” диэн репортажтан билиэххит.

Түүн устата халлаан төһө тымныытыттан тутулуктанан массыына суорҕан-гараас анныгар хаста да собуоттанар. Учуонайдар быһаарбыттарынан,  тымныыга собуоттаннаҕына, сүүрэ сылдьарынааҕар хас эмит төгүл элбэх гааһы таһаарар эбит. Турбатын саба бүрүйдэххэ, киһи гаас сытыгар тумнастыан да сөп. Бу гаас састаабыгар бензоапирен диэн киһи тыҥатыгар куһаҕан дьайыылаах бэссэстибэ баар. Массыынаҕа олорсон, ыытан иһэр киһи бары онон тыынар. Тоҕо диэтэххэ, маннык гаас икки миэтэрэттэн үөһээ тахсыбат, салгыҥҥа иҥэн хаалар. Онон тиэргэҥҥэ “Натааһалаах” массыыналар бары куһаҕан бэссэстибэни таһаараллар. Бу туһунан сиһилии суруналыыс Ульяна Захарова “Туһалыыр дуу, тууйар дуу “Натааһалар” матырыйаалыгар  ааҕыҥ.

“Мин кэтээн көрүүбүнэн, кыратыттан төлөпүөнү тутан олорор оҕо тыла-өһө сайдыбат, уопсай сайдыыта бытаарар. Төлөпүөҥҥэ барыта түргэн, чаҕылхай, улахан тыастаах. Оҕо мэйиитэ манныкка үөрэнэн хаалар, онон көннөрү киһи этэрин, үөрэтэрин ылыммат, өйдөөбөт буолар. Маннык оҕо уһуйааҥҥа да, оскуолаҕа да кыһалҕалары көрсөр. Омук оҕотугар курдук, хаста да хатылаан, өйдөтөҕүн”. Бу суруналыыс Ангелина Васильеваҕа ким маннык санаатын үллэстибитин бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: