«Саха сирэ» хаһыат бүгүҥҥү бээтинсэтээҕи нүөмэрэ — интэриэһинэй!

Share

Тыа хаһаайыстыбата быйылгы айылҕа иэдээниттэн – сааскы халаантан улахан хоромньуну көрүстэ.

Сүөһү иитиитигэр, племенной дьыалаҕа, кэпэрээссийэҕэ уонна тыа хаһаайыстыбатыгар департаменын салайааччыта Николай Питимко ыам ыйын 21 күнүнээҕи туругунан, 37 төбө ынах сүөһү уонна 95 сылгы өлбүтүн, итини таһынан, 27 хотон, 44 км күрүө-хаһаа алдьаммытын-кээһэммитин иһитиннэрдэ. Уопсайа, 47 хаһаайыстыба, ол иһигэр тус кэтэх хаһаайыстыба эмсэҕэлээбит. Аҥаардас ынах, сылга өлүүтүгэр, быһа холоон ааҕыынан, 7 мөлүйүөн солк. суума­лаах хоромньу оҥо­һуллубут. Бэлиэтээн эттэххэ, ити чугастаа­ҕы сирдэргэ өлүктэрэ булуллубут сүөһүлэр, сылгылар, оттон дьиҥнээх сыыппара кэлин биллиэ турдаҕа.

Ил Дархан бу күннэргэ тиийэ сылдьан олох­тоохтору кытары көрсүһэригэр, өрөспүүбүлүкэ туох баар көмөнү оҥоруо диэн этиитигэр эрэнэллэрин, махтаналларын биллэрбиттэрэ.

Айылҕа содулуттан эмсэ­ҕэлээбит дьоҥҥо биир кэмнээх матырыйаалынай көмөнү анааһын хайдах оҥоһулларый? Бу туһунан бүгүҥҥү хаһыакка суруналыыс Сайаана Львова суруйуутуттан билиэххит.

“Мин тус бэйэм хоту дойдуга тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлиир дьону хайаан да сонотуоруйга ыытан эмтэтиэххэ, сынньатыахха дии саныыбын. Биһиги нэһилиэктэн ким да путевкаҕа тиксэ илик. Холобура, баар-суох балыксыппыт Василий Садовников хаһан даҕаны сонотуоруй-куруорт диэни көрбөтөх да, туһамматах да киһи. Онон, уустук суоллаах-иистээх, тыйыс айылҕалаах хоту дойду дьонугар путевкалар тиксэллэрэ буоллар” диэн ким маннык санааны тоҕо эппитин бүтүҥҥү хаһыат кэпсиэҕэ.

Кэлиҥҥи кэмҥэ Дьокуускайга электросамокаты уларсыы өҥөтө күүскэ сайынна. Ону кытта суолга тахсар саахаллар ахсааннара эмиэ элбээтэ. Маннык тырааныспар көрүҥэ элбээһинэ суолга саахал үгүстүк тахсыытыгар төрүөт буолла. Ол курдук, сыл саҕаланыаҕыттан түөрт суол саахала бэлиэтэннэ. Манна биэс киһи араас эчэ­йиилэри ылла. Онтон биирдэс­тэрэ – кыра оҕо. Оҕо аҕатын кытта электросамокакка мэҥэс­тэн суолу сатыы туоруур сиргэ  тимир көлөҕө киирэн биэрбиттэрэ. Ол түмүгэр оҕо тоноҕоһун уҥуоҕун тоһутан балыыһаҕа киирбитэ. Маны таһынан, бу ый 16-17 күннэригэр Лермонтов аатынан уулуссаҕа уонна Ленин проспегар электросамокат­таах дьону түҥнэри көтүү тахсыбыта. Ленин проспегар буолбут суол саахалыгар биир самокаакка икки буолан айаннаан испиттэр. Бу дьон араас эчэ­йиилэри ылбыттар. Бу кутталлаах тэрил туһунан суруналыыс Ульяна Захарова ырытта.

Тэлгэһэ ортотугар кэпсэтэ турар дьахталлар ортолоругар бэҕэһээ төлөпүөннэспит Римма Эудардовнам куолаһын билэммин: “Римма Эдуардовнаа, эн дуо?” – диэн, бэрт ыраахтан эҕэрдэлэстибит. Сайылыгым сайдам-сайаҕас дьахталлара барахсаттар күө-дьаа буолан, сонуннарын тоҕо тэбээтилэр. Эрдэ субуотунньуктаан, күрүөлэрин-хаһааларын оҥостубуттар, мастарын бэлэмнээбиттэр. Ынахтара ыам ыйын 3 күнүгэр дэриэбинэттэн сайылыктарын диэки тиэтэйбиттии түһүнэн кэбиспиттэр. “Уу кэлэрин ынахтар ким-хайа иннинэ билээхтииллэр”, – дэһэллэр ынахтарыгар махтаммыттыы далбар хотуттар. Онон ыам ыйын 3 күнүттэн Тоҥ Бас сайылык дьон саҥатынан, сүөһү маҥырааһынынан туолбут. Манна 250-ча төбө сайылыахтаах” – бу суруналыыс Женни Стрюкова матырыйаалыттан холобурдаатым. Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

“Оскуола иһинэн 20 миэстэлээх интэринээт үлэлиир, араас нэһилиэктэн кэлэн мас тардыһыытыгар эрчиллэллэр, А уонна В суоппар категориятыгар, тыраахтары ыытарга үөрэнэллэр, оҕуруот маастара исписээлинэскэ үөрэнэллэр эбит. Аны оскуола бас билиитигэр 18 гектар сирдээх, 14 тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар тиэхиньикэлээх, 5 массыыналаах, 50 туонна оҕуруот аһын харайар баазалаах. Бу баара-суоҕа 74 үөрэнээччилээх оскуола!” – суруналыыс Людмила Попова бу ханнык оскуоланы холобурдаабытын бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.

Мохсоҕоллоохтооҕу дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ көмөнү оҥорор киин, аата да этэрин курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитэ ылыыга холобур уонна өйөбүл буолар тэрилтэнэн буолар диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Бу тэрилтэ Хаҥалас улууһугар оҕо ииттэ ылбыт ыалларга тугунан көмөлөһөрүн бүгүҥҥү хаһыат сэһэргиэҕэ.

“Туймаада» стадион, «Кыайыы 50 сыла» Успуорт дыбарыаһа,  «Эллэй Боотур» дыбарыас, «Туймаада» норуоттар икки ардыларынааҕы аэровокзал,  «Долгун» бассейн, университекка  естественнэй наукалар факультеттарын куорпустара  “Азия оҕолоро” оонньуулары ыытыы чэрчилэринэн тутуллубуттарын билэҕит дуо? Уонна ханнык ааттаах-суоллаах тэрилтэлэр тутуллубуттарын, быйыл хас волонтер оонньууларга көмөлөһөрүн, хас тылбаасчыт үлэлиэҕин уонна да атын интэриэһинэй чахчылары бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

Саха сирин куораттарыгар уонна улуустарыгар, Арктика ыраах сытар нэһилиэктэригэр  мэдиссиинэ үөрэхтээх исписэлиистэр тоҕо тиийбэттэрий? Бу туһунан суруналыыс Надежда Егорова сиһилии ырытыытын ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Бүтэһик чуораан лыҥкыныыр кэмигэр, бары оскуолаларга оһуохайдар тэриллиэхтэрэ. Маны сэргэ, бу күн киэһэ 5 чааска Дьокуускайга Доҕордоһуу болуоссатыгар Добун оһуохай ыытыллыаҕа. Оһуохай туһунан кэрэхсэбиллээх матырыйаалы суруналыыс Ангелина Васильева бэлэмнээтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

9 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

13 часов ago