“Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү нүөмэрэ болҕомтону тардар
“Саха сирэ” хаһыаты ырытыыбын үөрүүлээх сонунтан саҕалыым. Быйыл Национальнай бэчээт күнүгэр суруналыыстыка эйгэтигэр В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни «Саха сирэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыат бэтэрээн үлэһитэ Иван Ксенофонтовка-Силигигэ туттардылар.
Иван Иванович 1984 сылтан кырдьаҕас «Кыымҥа» саха суруналыыстыкатын атаҕар туруорсубут суруналыыстары кытта бииргэ үлэлээн, кинилэр оскуолаларыгар уһаарыллыбыта, билигин да айа-тута үлэлиир. Саха суруналыыстыкатын түмэлин арыйан үлэлэтэр, кинигэлэри суруйар, хаһыат иһинэн «Манчаары» сыһыарыыны таһаарар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина. Олус ытыктыыр күндү киһибитигэр, хаарыан хаһыаччыппытыгар Иван Ивановичка “Саха сирэ” хаһыат кэлэктиибин уонна ааҕааччыларын аатыттан истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит.
Бэс ыйын 28 күнүгэр, Саха национальнай бэчээтин күнүн көрсө “Сахамедиа” холдинг тэрээһининэн уонна үбүлээһининэн Иван Ксенофонтов-Силиги хомуйан таһаарбыт “Хаарыан дьоннор, хаһыатчыттар” диэн саха бэчээтин, суруналыыстыкатын устуоруйатын, сайдан кэлбит кэмин, инники дьылҕатын сырдатар кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Бу туһунан суруналыыс Надежда Егорова «Хаарыан дьоннор, хаһыатчыттар …» матырыйаалыгар ааҕыҥ.
От ыйыгар этэҥҥэ үктэнэн окко киирэр кэм бу кэллэ. Отчуттар сыыйа-баайа тэриллэрин оҥостон, малларын-салларын бэринэн алаастарыгар тахсарга бэлэм олороллор. Быйыл 12 тыһ. тахса тиэхиньикэ окко үлэлиэхтээх. Окко маассабай тахсыы от ыйын ортотугар саҕаланыаҕа, ол гынан баран, сорох хаһаайыстыбалар номнуо билигин тахсарга бэлэмнэнэллэр. Бу туһунан “Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар” диэн суруналыыс Айаал Аргунов матырыйаалын ааҕыҥ.
“Сыыппара кэмигэр национальнай уонна этническэй сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэри, бэчээти уларытыы” диэн эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы “төгүрүк остуол” буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ Саха сирэ, Татарстан, Москва сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэрин салайааччылара, үлэһиттэрэ, бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Бу туһунан суруналыыс Людмила Попова матрыйаалын ааҕыҥ.
Суол-иис — олох хорук тымыра, сайдыы төрдө. Айан-сырыы хайдаҕыттан, көлө сылдьар суолун туругуттан олох хаачыстыбата тутулуктаах. Оттон суолу оҥорооччулар, өрөмүөннээччилэр хайа да бэйэлээх тымныыны-куйааһы, ардаҕы-хаары аахсыбакка сыралаһаллар. Бу олус суол суолталаах боппуруоһу “Сир үүнүүтүнэн, киһи үлэтинэн” матырыйаалыгар суруналыыс Сардаана Баснаева сиһилии ырытта.
Хаһан эрэ биир саас, массыынам тиэхиньиичэскэй туругун көрдөрөөрү Автодорожнайдааҕы пууҥҥа наадалаах киһибин кэтэһэн турдахпына, Петя Павлов хааман бытыгыратан иһэр эбит. Үлэбиттэн уурайбыт кэмим этэ, онон сээкэйи сэһэргэһээри, арааһы ыйыталаһаары утары бардым. Үлэтигэр баран иһэрин, «Дьулурҕанын» «Саха сирдэрэ» саппыттарын, «Киин куоракка» сыстан таһааран эрэрин эҥин туһунан син баһаамы кэпсээтэ. Бараары туран Петям: “Милан Матвеевич, спортсменнар тылларынан эттэхпинэ, эн миэхэ бастакы тириэньэрим буолаҕын ээ, — дии-дии, күлэкүлэ бара турбута. Ону санаан кэллим ээ, тэһэ кэйдэрбиттии. Соторутааҕыта Москва анныгар балтараатыгар чугаһаабыт сиэммин Матюшаны кэлээскэҕэ анньа сылдьан. Тоҕо эбитэ буолла? Дьэ, тоҕо кырдьаҕас суруналыыс Милан Афанасьев маннык санааҕа кэлбитин “Доргуччу, киэн тутта” диэн матырыйаалыттан билиэххит.
От ыйын 1–2 күннэригэр Тымныы оройо Өймөкөөн улууһугар «Айыы санаа айана» өрөспүүбүлүкэтээҕи ХVI ыһыах ыһылынна. Томторго ыытыллыбыт ыһыах улуус киинигэр буолбакка, нэһилиэккэ ыытыллыбытынан Олоҥхо ыһыаҕын устуоруйатыгар бастакынан киирдэ диэн суруйан туран, суруналыыс Надежда Егорова “Өймөкөөҥҥө Айыы санаа айана” диэн матырыйаалыгар сырдатта.
Быйыл Олоҥхо ыһыаҕар алтыс сылдьыым. Бу иннинэ Хаҥалас, Дьааҥы, Алдан, Нам, Үөһээ Бүлүү суолталаах тэрээһиннэрин сырдаппытым. Биллэн турар, хас биирдии Олоҥхо ыһыаҕа киһи дууһатыгар үтүө өйдөбүллэри хаалларар. Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕа олох ураты тыынынан чорбойдо. Ол төрүөтүн Олоҥхо ыһыахтарын сырдатар суруналыыс быһыытынан, Күнү көрсүү алгыһыттан саҕалаан, ыһыах аһыллыытын сиэригэр-туомугар, “Дугуйа Бөҕө” театрализованнай дьүһүйүүгэ тиийэ – уус-уран киинэни көрө олорор курдук наһаа дириҥ ис хоһоонноох сынаарый суруллуутун кытта ыкса сибээстээтим. Онон Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын сынаарыйын суруйбут, Олоҥхо тыйаатырын литературнай-драматическай чааһын салайааччыта Майя Власьеваны кытта “Ыһыах киэргэлэ — кулун дьэрэкээн көҕөнө” диэн төбөлөөх интервьюбун ааҕыҥ.
— Бааска диэммин, дьонум Бочуок дииллэр этэ. Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээхпин. Төрөппүттэрим суохтар, эрдэ өлбүттэрэ. Бэйэм ханнык да үөрэххэ үөрэммэтэҕим. Эдьиийдээхпин, Майаҕа олорор. Миэхэ эрэ наадыйбаттар, төрөппүттэрбиттэн хаалбыт дьиэни улахан уолугар суруттарбыт этэ, онон дьиэ былдьаһан аймахтарбын кытта иирсэн баран Бэстээххэ куруусчутунан үлэлии сылдьан, уччуйан аны куоракка кэлэн хаалбыппын. Киһи олоҕо араас буолар эбит, этэргэ дылы, хаан биир, хармаан атын диииллэригэр итэҕэйдим. Докумуоннарбын эҥин сүтэрэн кэбиспитим” бу курдук биир киһини кытта кэпсэтиитин холобурдаан туран, “Киһи тоҕо «бомжка» кубулуйарый?” диэн суруналыыс Ульяна Захарова бэчээккэ бэлэмнээбит сытыы матырыйаалын ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: