Салгыы
«Саха сирэ» хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр тугу сырдатта?

«Саха сирэ» хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр тугу сырдатта?

22.03.2024, 08:57
Бөлөххө киир:

“Үгүстүк куорат киинигэр сылгы үөрэ сылдьарын көрбүт буоламмын, оччоҕо Дьокуускайга эн сылгыларыҥ сылдьаллар дуо диэн ыйытабын. «Миэннэрэ Кангалаас уонна куорат диэки барбаттар, атыырдара бэйэтэ туспа сылдьар суоллаах.

Эппитим курдук, сайынын Тулагы, Сыырдаах, Үс Хатыҥ эҥээринэн сылдьаллар, кыһынын бу сирдэригэр төттөрү кэлэллэр. Саас манна төрүүллэрин саҕана, оҕуруот аһынан эргинэр дьонтон буортуйаары гыммыт фрукта, банаан, дьаабылыка, хаппыыста, сүбүөкүлэ атыылаһан сиэтэбин. Урут тоҥмуту босхо биэрэллэрэ, кэнники сылларга атыылыыллар. Биэс-алта сыллааҕыта биир массыына банааны сиэппитим. Бастаан олох сиэбэттэр этэ, ону эбиэскэ булкуйан сылытан сиэтэрим, онтон үөрэнэн билигин сииллэр. Биир-икки биэ сиэтэ даҕаны бары сииллэр. Эбиэһи атыырга эрэ сиэтэбин», – диэн кэпсиир Анатолий Алексеевич. Бу суруналыыс Сайаана Львова “Сылгы баазатыгар – биир күн / Куоракка сылгыны иитиэххэ сөп дуо?” диэн матырыйаалын хайаан да ааҕаргытыгар сүбэлиибин.

Бассаап* (*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России)  ситимигэр Ньурба улууһун Ынахсыт нэһилиэгэр олорор уон оҕолоох ийэ туһунан суруйбуттара тарҕаммыта. Ийэ барахсан алта уола байыаннай дьайыыга сылдьар. Бэйэтэ 1948 cыллаах хаарбах туруктаах чааһынай дьиэҕэ олорор. Сурукка ийэ ханнык да көмөнү туһамматах, уон оҕону төрөтөн баран, саатар, Дьоруой ийэ аатын сүкпэтэх диэбиттэр этэ. Суруналыыс Ульяна Захарова Ынахсыт, ол эбэтэр сурулларынан, Хаҥалас нэһилиэгэр олорор Марина Николаевна Курышевалыын сытыы тиэмэҕэ матырыйаалын хайаан да ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Тыа сиригэр ыытыллар гостуруоллар хаачыстыбалара хайдаҕый? Улуустарга олорор билэр дьоммутуттан ыйыталаспыппытыгар, үгүстэр урукку курдук үрдүнэн-аннынан гостуруоллаан ааспаттарын туһунан этиннилэр. Бу төһө сөптөөх толкуйуй? Суруналыыс Надежда Егорова кэнсиэрдэр сыаналарын ырытыыта үгүс ааҕааччыны интэриэһиргэтиэҕэ.

Биир олус сэдэх эспэнээт — сүктэр кыыс ыҥыыра. Бу бэрт сыаналаах тэрили 1844 сыллаахха Анна Петровна Попова Оросиннарга сүктэн кэлиитигэр — Илларион Оросиҥҥа кэргэн тахсарыгар анаан оҥорторбут эбит. Нэһилиэстибэ ыҥыыр аймахтарынан кыыс­тан кыыска хайдах тиэрдиллибитин И.П. Готовцев аатынан Уус Алдан улууһун Тандатааҕы историко-архитектурнай түмэл  үлэһитэ Матрена Черноградская билиһиннэрдэ. Быыстапканы Оросиннартан төрүттээх аймахтар көрө-истэ кэлбиттэр. ”Саха сирэ” хаһыат уочараттаах бырайыагын ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Оскуоланы бүтэрээччилэр эксээмэннэрэ чугаһаан, номнуо баал, үөрэххэ туттарсыы туһунан толкуйдаан эрэллэр. Үөрэххэ киирэргэ биир-икки да баал улахан оруоллаах. Маны эксээмэн кэнниттэн кыра баалы көрөн баран биирдэ толкуйдаабакка, эрдэттэн үлэлэһэр ирдэнэр. Эбии баалы хайдах ылаыахха сөбүн туһунан суруналыыс Людмила Попова матырыйаалыттан билиэххит.

–  Биллэн турар, Тымныы полюһугар үөскэтиллибит Чурапчы улууһун соболоро билигин “Өймөкөөн соболорунан” аатыраллар. Бастаан аҕалыллыбыт “төрөппүттэринээҕэр” үөскэтиллибит соболор кээмэйдэринэн быдан бөдөҥнөр. Үчүгэй нэһилиэгэр олохтоохтор бэйэлэрин соболорун сииллэр. 2012 сыллаахха “улуус күөллэригэр собону ыытан үөскэппит киһи…” диэн этии киллэрбиппэр, оччолорго нэһилиэк дьокутааттара Павел Заболоцкай уонна Иван Карпов дьыала сити­һиилэниэҕэр итэҕэйбэтэхтэрэ. Ол да буоллар, Бүөр күөлү чинчийэргэ анаан ыйан биэрбиттэрэ.  Билигин нэһилиэк олохтоохторо Иван Карпов уонна Михаил Дмитриев нэһилиэктэрин күөллэригэр ыытан, олохтоохтор собо сиэн абыраннылар диэн улуустааҕы айылҕа инспиэксийэтин салайааччыта Виталий Кондаковы кытта “Өймөкөөҥҥө көмүс хатырыктаах дэлэйиэ” интервьюга ахтан аһарбытын бүгүҥҥү хаһыаттан билсиҥ.

Мэҥэ Хаҥаласка түөрт сыллааҕыта “Илин эҥээр бөрөһүттэрэ” диэн түмсүү тэриллибитэ. Улуус сиригэр-уотугар адьырҕа кыыллар элбээн барбыттарын иһин тэрийбиттэрэ. Бу түмсүүгэ Лоомтукаттан, Чыамайыкыттан – үстүү, Наахараттан, Маттаттан – иккилии, Төхтүртэн, Дойдуттан, Тиэлигиттэн биирдии бөрөһүт киирбиттэрэ. Өссө Амма Болугуруттан, Хаҥалас Булгунньахтааҕыттан, Дьөппөнүттэн, Уус Алдан Суоттутуттан холбоспуттара. Онон булчуттар бөрөлөр ханна кэлбиттэрин-барбыттарын барытын кэтээн көрө олороллор, сүбэлэһэллэр, санааларын үллэстэллэр. Бу туһунан “Илин эҥээр бөрөһүттэрэ” адьырҕалары аҕыйаталлар” матырыйаалы ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Эдэр ийэ Валерия Фомина Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр таҥас сууйтарар сыаҕы аһан үлэлэтэр. Кини анестезиолог-реаниматолог быраас идэлээх, уонтан тахса сыл бу идэтинэн үлэлээбитэ. Оҕолонон баран, дэкириэтинэй уоппускаҕа олордоҕуна, бэйэ дьыалатын аһар санаа киирбитэ. Дьоҥҥо туһалаах, наадалаах, бэйэм сөбүлүүр дьарыгым тугуй диэн толкуйга түспүтэ. Оҕото биир сааһын туолбутун кэннэ, бу ааспыт сайын кыра хоһу куортамнаан, биир таҥас сууйар, биир куурдар массыыналаах дьоҕус сыах арыйбыта. Бастаан аймахтара, доҕотторо, билэр дьоно кэлэн сакаастаабыттара, онтон истиһэн, дьон кэлэн барбыта. Күһүн дьүөгэтэ “социальнай хантараак диэн бырагыраама баар, онно киирис” диэн сүбэлээбитин ылынан Валерия Фомина туох ситиһиилэммитин бүгүҥҥү хаһыакка ааҕыҥ.

(*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России)

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: