«Саха сирэ» хаһыат бырааһынньыктааҕы нүөмэрэ: билгэһиттэр, Моҕой сылыгар төрөөбүттэр, тохсунньуну анаарыы

Share

“Тохсунньу-олунньу ыйдарга 50 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Саас тибиилээх, сайын кураан буолуоҕа, хаар кыра.

Ол эрээри, былырыыҥҥытааҕар үчүгэй сайын буолуо, сир аһа син үүнүөҕэ. Ыам ыйыгар, бэс ыйыгар кураан буолуо, аны атырдьах ыйыгар аһара ардаан, ситэ оттоппокко, от хаачыстыбата мөлтөх. Туймаадаҕа былырыыҥҥы курдук улахан уу кэлиэҕэ, муҥутуур көрдөрүүттэн 1 миэтэрэ намыһах. Ол эрээри, Дьокуускайы уу ылбат. Үүнэр сыл – уларыйыы сыла. Бэс, от ыйдарыгар элбэх уларыйыылар тахсыахтара. Сокуон да, дьон өйө-санаата да уларыйыаҕа” – бу суруналыыс Ангелина Васильева “2025 сыл хайдах буолуоҕай, тугу тосхойуоҕай? Туох үтүө, мөкү өрүттээх буолуоҕай?” диэн көрбүөччүлэри уонна билгэһиттэри кытта кэпсэтииттэн холобурдаатым. Ханнык билгэһит маннык эппитин уонна да атын көрбүөччүлэр санааларын бүгүҥҥү Саҥа дьыллааҕы хаһыаттан ааҕыҥ.

“Куорат ортотугар сытар Таалай күөлү СӨ Судаарыстыбаннай цииркэтин артыыһа, СӨ култууратын туйгуна, хапсаҕайга успуорт маастара Владимир Степанов ханаатынан хааман туоруурун туһунан иһитиннэрэн, от ыйын 4 күнүгэр Дьокуускай куорат олохтоохторо хаһан да көрө илик шоуларыгар түмсүбүттэрэ. Саатар ол күн тыаллаах этэ” – бу курдук сыл чулуу дьонун ситиһиилэрин бүгүҥҥү хаһыакка холобурдаата суруналыыс Антонина Эверстова.

“Баҕар, Тымныы оҕонньор айан­наан иһэн миигин көрсүө дии санаан, таһырдьа тахсан халлааны маныырым. Тыыннаах елка, күөх дьаабылыка, мандарин сыта Саҥа дьыл чугаһаабытын биллэрэн долгутара, манньытара. Билигин номнуо оҕолор, сиэннэр кэлэн  дьоллоох оҕо саас күннэрин бэлэхтээри сүүрүү-көтүү. Тыыннаах елка туруо­руоххун аны елканы аһынан ускуустубаннай буолбута ыраатта. Урукку дьон, күннэр-кэмнэр тоҕо эрэ быдан истиҥнэр, чугастар” – диэн санаатын үллэһиннэ  Нам улууһун эрэдээктэр-бибилэтиэкэрэ Февронья Миронова.  Суруналыыс Надежда Егорова Моҕой сылыгар төрөөбүт дьону бииргэ түмэн санааларын тиһиитэ – бүгүҥҥү бырааһынньыктааҕы хаһыакка.

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх оҕолоох дьоллоох ыал ийэтэ, “Арассыыйа ыалларын сойууһа” дьиэ кэргэни өйүүр Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ эрэгийэннээҕи салайааччыта, көхтөөх уопсастыбанньык Мария Столярчигы кытта кини дьиэ кэргэнин туһунан кэпсэттибит.  Аатырбыт блогер Мария Столярчик элбэхтик интервью биэрэр эрээри, биирдэ да олохтоохтук дьиэ кэргэнин туһунан ханна да кэпсии илик. Икки тымныыларынан күрэстэһэр Өймөкөөнү уонна Дьааҥыны биир ситимнээбит уоллаах кыыс билсиһиилэрэ хайдах саҕыллыбытай? Хас да омук дьонун сыдьааннарыгар – Степан уонна Мария Столярчиктар дьиэ кэргэннэригэр араас хаан дьайыыта хайдах эрэ “кылам” гынан, биллэн ааһар дуо? Бу уонна да атын ыйыыталарбар Мария Столярчик хоруйун бүгүҥҥү Саҥа дьыллааҕы хаһыаттан билиэххит.

Эһээ Дьыл Орто дойдуга төгүрүк сыл эргиччи сылдьар. Бу кини Саҥа дьыл бырааһынньыгар кэлэн эҕэрдэлиир Тымныы оҕонньоттортон уратыта буолар. Эһээ Дьыл саас, сайын, күһүн, кыһын кэлиитин, кыһын саамай кылгас, саамай уһун кэми дьону-сэргэни кытта бэлиэтиир үтүө үгэстээх. Саҥа сылы көрсө бүгүн биһиги бырааһынньыктааҕы хаһыаппытыгар Эһээ Дьылы суруналыыс Сардаана Баснаева ыалдьыттатта.  Ааҕыҥ уонна сэргээҥ.

Үөрэҕин бүтэрэн баран, Василиса Белолюбская Өлөөн улууһун Дьэлиҥдэтигэр үлэлии барбыт. Онно ыал буолан, 11 сыл үлэлээбит. Онтон 1997 сылаахха төрөөбүт Харыйалааҕар көһөн кэлэн, дьиэ туттубуттар. Бу хаартыс­каҕа Саҥа дьыл күн саҥа дьиэтигэр киэһэ кулууп бырааһынньыгын кэнниттэн аймахтарын түмпүт. Хаартыскаҕа Василиса Христофоровна “Деревня дураков” кыттан кэлээт  ачыкы­лаах турар, ыалдьыт оҕолор эмиэ маскарааттаахтар. “Куруук бу курдук Саҥа дьылга маска­раат буолан, бэрт ыксалынан 12 чааһы дьиэбэр кэлэн, сирэйбиттэн кырааска эҥин суу­йар бокуойа суох көрсөөччүбүн”, – диир үөрэ-көтө Василиса Христофоровна.   Бу суруналыыс Женни Стрюкова Саҥа дьыллааҕы урукку хаартыскалар дьоруойдарын булан, бэрт ураты матырыйаалы бэлэмнээбитин ааҕааччыларбыт сэргии көрүөхтэрэ уонна ааҕыахтара.

“Ахсынньы 12, 21 күннэригэр уонна кэлээри турар 29  чыыһылаҕа эрэ аам-даам тымныытынан биллэрэн баран, сис былыт кэлэн сабардаан, хаһан да билбэтэх сылаас ахсынньыбыт ааһан эрэр.  Быйылгы кыһын сылыйыыта туохха олоҕурда? Эрдэ эппитим курдук, 33 сылга биирдэ кэлэр Атлантическай акыйаантан тахсыбыт «Атлантическай циклон (сис былыт)» бүтүн Европаны, Азияны уҥуордаан, уһук Саха сиригэр, онтон салгыы Магадааны, Чукотканы хабан, улахан сылыйыы буола турар. Маны тэҥэ Тиихэй акыйаантан сүрдээх улахан циклон Охотскай муоранан тахсан, Өймөкөөнү, Муоманы, Томпону сабардаан, бу эҥэр бу күннэргэ уһуннук сылыйда. Онон Тымныы полюһунан аатырар чысхаан тымныылаах Өймөкөөн улууһа быйыл ахсынньыга тымныытын «мэлдьэһэн» кэбистэ — бу күннэргэ манна -28 кыраадыс эрэ тымныы бэлиэтэннэ” диэн норуот синоптига Тускул үүнээри турар тохсунньуну улуустарынан анаарыытыттан холобурдаатым. Онон ханнык улуустарга тохсунньуга ордук тымныйарын бүгүҥҥү хаһыаттан билиэххит.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга полиция үлэһиттэрэ массыынаттан электрическэй үстүрүмүөнү уорууну арыйдылар

ИДьМ 1-кы нүөмэрдээх салаатыгар эр киһи тиийэн массыынабыттан электрическэй үстүрүмүөннэри уордулар диэн сайабылыанньа суруйбут. Хоромньу…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Ааҕааччы суруга: Ыарахан ыарыыттан быыһаабыт эмчиттэрбэр аҕалыы алгыс аныыбын

Күн сырдыга ыараханнык ыалдьыбыт киһиэхэ күндү да буоллаҕа. Киһи биирдэ олорор. Быһылааҥҥа,оһолго түбэстэххэ, ыыппат ыарыыга…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куокуй уһуйаанын хаар оҥоһуктара

Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин уһуйаанын тиэргэнин бэртээхэй хаар оҥоһуктар киэргэтэллэр. [gallery ids="178769,178770,178771,178772,178773,178774"] Бу маны барытын…

7 часов ago
  • Сонуннар

Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?

"Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?" - диэн ыйытыктаах Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Ньурбатааҕы кырдьаҕастар…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда

Саҥа дьылы көрсө Ил Дархан Айсен Николаев уһулуччулаах биир дойдулаахтарбытыгар Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Үөһээ Бүлүүгэ оскуола Саҥа дьыллааҕы киэргэтиитэ дьон болҕомтотун тарта

Саҥа дьылбыт чугаһаан ким хайдах дьоҕурдааҕынан, сатабыллааҕынан тиэргэнин, тэрилтэтин иннин киэргэтэр. Элбэх улууска социальнай тэрилтэлэр…

8 часов ago